Чурапчы көхтөөх уонна көрдөөх ыччата — Ярослав Кубалыырап

05.11.2020
Бөлөххө киир:

Коронавирус пандемиятын кэмигэр дьон талаанын арыйбытын, арааһы сатаабытын, туһалаахха үөрэммитин туһунан сотору-сотору истэбит, билэбит-көрөбүт. Оттон Чурапчыга олорор Ярослав Лебедев бэйэтин талаанын туһанан, социальнай ситимнэргэ күлүүлээх видеолары устан угар буолбута.

Кини Кубалыыраптар диэн биир дьиэ кэргэн олоҕун көрдөрөр тэттик видеолары устар. Интэриэһинэйэ диэн, Ярослав оруоллары барытын бэйэтэ толорор. Онон кини айбыт Кубалыыраптар дьиэ кэргэнин туһунан тэттик видеолары дьон күүтэр, сэҥээрэр, тарҕатар буолла.Саайтпыт бүгүҥҥү ыалдьыта Ярослав Лебедев бу курдук бэйэтин билиһиннэрэр:

— Мин Аллайыаха оройуонун Бөрөлөөх нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Бу аҕам дойдута буолар. 1999 сыллаахха Чурапчы Сылаҥар, ийэм дойдутугар, көһөн кэлбиппит. Сылаҥ орто оскуолатын бүтэрэн, 2006 сыллаахха Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин режиссура салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Онтон ыла култуура киһитэбин. Кэллиэһи бүтэрэн баран Саха судаарыстыбаннай сииркэтигэр клоуннаабытым. Ол сылларбын олус үтүөтүк ахтабын.

Билигин Чурапчы улууһун “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтигэр айар көрүҥнэргэ исписэлииһинэн үлэлиибин. Итиэннэ Илин-Сиибиирдээҕи култуура институтугар үөрэнэбин.

Дьиэ кэргэним туһунан кэпсээтэххэ, кэргэннээхпин, үс оҕо аҕата буолабын.

— Көрүдьүөс тэттик видеолары устан саҕалыыргар коронавирус хааччахтааһына сабыдыаллаабыта дуо?

— Пандемия буолуон эрэ иннинэ устан саҕалаабытым. Ол саҕана “Инстаграммар” биирдэ эмит таһаарар этим, ону чугас дьонум, аймахтарым, доҕотторум эрэ көрөллөрө. Кэлин тарҕанан дьон сэҥээриитин ылбыппыттан бэйэм даҕаны соһуйбутум. Маныаха чугас доҕорум Альберт Ноговицын: «Туох эрэ тахсыах курдук, итинник оҥорон киэҥ эйгэҕэ таһааран көр»,— диэн сүбэлээбитин ылынан, харса суох видеоларбын устан, оҥорон барбытым. Аны ол видеоларбын элбэх сурутааччылаах пабликтар таһаарар буолбуттара. Бэрт көхтөөх уонна эйэлээх сурутааччылардаах пабликтар эбит, комментарийдарын киирэн ааҕааччыбын.

Хата, түгэнинэн туһанан, сүбэ-ама буолбут доҕотторбор, аймахтарбар, кэллиэгэлэрбэр, “sakha_video”, “sakha_films”, “ykthumor” пабликтар хаһаайыннарыгар махталбын тиэрдэбин.[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=0KWDqCpqOsE»]—  Оччотугар видеоларгын устаргар туохтан саҕалаабыккыный?

— Барыта үөрэтииттэн саҕаланар буоллаҕа дии. Мин видео устар, таҥар төлөпүөн сыһыарыыларын үөрэппитим: “Тик-ток”, “Инстаграм”, “Снэпчат” мааскаларын уо.д.а. Бастаан уһулбут видеоларбын, табыллыбыт дии санаатахпына, чугас дьоммор ыытан көрдөрөр этим. Сайын ордук күүскэ ылсан саҕалаабытым. Сурутааччыларым күн аайы эбиллэн, бу күҥҥэ номнуо 25 тыһыынча буола оҕустулар. Бу баара-суоҕа биэс ый иһигэр.

— Эн “Инстаграмҥын” кимнээх ордук интэриэһиргээн көрөллөрүй?

— Дьон кэпсээнинэн иһиттэххэ, бары көлүөнэ көрөр быһыылаах. Миэхэ бэйэбэр суруйалларынан көрдөххө даҕаны, аахтахха даҕаны, оннук эбит. Бэйэм санаабар, киһи быара быстыар диэри күлүүлээх биидьиктэр буолбатах курдуктар, ол эрээри мин бэйэм күлэр түгэннэрим буолаллар, ону оҥорон таһаарарбын дьон сөбүлээн көрөр.

Биирдэ маннык суруйан турардаахтар. Эдэр кэргэнниилэр кыыһырсыбыттар уонна кэпсэппэккэ сылдьыбыттар. Онуоха биирдэрэ мин оҥорбут биидьикпэр түбэспит, ону көрөн бэйэлэригэр майгынныыр түгэни санаан күлэн эйэлэспиттэр үһү. Өссө биир сурутааччы оҕолоро Сэмэнчиги холбоо диэн дьонноруттан көрдөһөллөр, “саҥа биидьик тоҕо тахсан испэтий?” диэн хомойоллор үһү. Эбээлэр бэйэлэрин эдэр саастарын саныылларын, кими даҕаны хараардыыта суох дьээбэни оҥорорум иһин сэҥээрэллэрин суруйаллар. Бу миигин олус үөрдэр.— Хантан идиэйэ ылаҕын? Ити ойуулуур дьонуҥ дьиҥ олоххо бааллар дуо?

— Идиэйэлэри дьон сүбэлиир, сурутааччыларым ыыталлар уонна бэйэм олохпор көрсүбүт күлүүлээх түгэннэрбин санаан оҥоробун.

Ити ойуулуур дьонум дьиҥ олоххо баар да буолуохтарын сөп. Хас биирдии “киһибэр” бэйэм да баарбын. Дьиҥэ, биһиги бары да майгынныырбыт буолуо, боростуой дьон буоллахпыт. Мин боростуой тыа ыалын олоҕун көрдөрөбүн. Ол гынан баран, хайа баҕар дьээбэ омуннаах буоллаҕа дии, дьээбэни дьээбэ курдук көрөллөрө олус үчүгэй.

— Эн санааҕар, ким уобараһын дьон ылыннай? Хайа “киһи” саамай табылынна?

— Барыларын сөбүлүүр курдуктар — Эһээ Сэмэни, Аркадийы, Эльзаны, Сэмэнчиги, Убай Бүөккэни. Арай, эбээни наһаа кырдьаҕас дииллэр. Миигиттэн итинник эрэ эбээ табыллар буоллаҕа ( күлэр). Ол иһин социальнай ситимнэргэ эмээхсин сирэйиин мааскта тахсарын сэмээр кэтэһэбин.— Оҕолору дьарыктыыр эбиккин дии. Оҕолор көр-күлүү жанрыгар төһө интэриэстээхтэрий? Хас оҕо баарый?

— Оҕолору уонна ыччаты эмиэ дьарыктыыбын. Олус сэҥээрэллэр. Оҕолор көр-күлүү жанрын олус үчүгэйдик ылыналлар. Күлэри-үөрэри ким сөбүлүө суоҕай? Дьээбэ, көр-күлүү буолла да, солуута суох буолуохтаахын диэн өйдөбүл сыыһа. Көр-күлүү нөҥүө киһи олоҕор баар кыһалҕалары таарыйыан, арыйыан сөп. Дьиҥэ, бу олус күүстээх уонна ыарахан көрүҥ. Онон оҕолорум, ыччаттарым олус бэрээдэктээхтэр, итини барытын өйдүүллэр уонна тылбын истэллэр, Убай Ярик диэн ыҥыраллар. Билигин оҕолору түмэн, саҥа нобуор биллэрээри сылдьабын. Дьаҥ аастар, күүскэ ылсан үлэлиэ этим.

Бэйэм «ГримФейс» диэн ыччат айар бөлөҕүн тэрийбитим. Сииркэ ускуустубатын профессионалларын кытта биир аренаҕа тахсан, бэйэлэрин көрдөрөн, тыа ыччаттара норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл лауераттара, анал бириис хаһаайыннара буолбуттара. Сииркэ артыыстарын хайҕабылларын, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыттара. Манна улууспут ыччатын кытта Чурапчытааҕы успуорт уонна физкултуура институтун устудьуоннара сылдьаллар.[vc_video link=»https://www.youtube.com/watch?v=ev5G2WQeZWs&list=PLlbXprcOC686PPkOW5SvWzOWwShAUIfJZ&index=11″]— Үгүс ыччат “Олох түгэннэрэ” ситкомҥа оонньообуккунан билэрэ буолуо. Өссө ханнык киинэҕэ оонньообуккунуй?

— “Олох түгэннэрэ” ситкомҥа уһуллуум миэхэ улахан уопут буолбута. Бу кэлин “Инстаграмҥа” көстөммүн, бэйэбин санаттым быһыылаах. “Ээ, эн били сэрийээлгэ оонньообутуҥ дии!” — диэн комментарийга үгүстүк суруйаллар. Онтон атын киинэҕэ уһулла иликпин. Бэйэбин бэйэм видеоҕа уһула сылдьабын дии (күлэр).— Чурапчыга олороҕун. Чурапчы ыччата сайдарыгар туох үлэ-хамнас барар дии саныыгыный? Туох тиийбэтий?

— Мин Чурапчыбар дьиэ туттан олохсуйар былааннаахпын. Манна ыччат туһугар олус элбэх үлэ ыытыллар. Бары да улууска маннык буолуо дии саныыбын, хайа дойду оҕолоругар кыһаммат буолуой.

Тыа сиригэр ыччат дьарыга элбэх — дьиэ үлэтиттэн саҕалаан уопсастыбаннай хамсааһыннарга тиийэ. Холобура, мин “Сарыал” диэн чөл олохтоох ыччат түмсүүтүгэр баарбын. Манна ыччат, эдэр ыал аҕалара бааллар. Араас аһымал аахсыйаларга кыттыһабыт, куһаҕан дьаллыктары утары үлэлэри ыытабыт. Аҥаардас бу түмсүү көмөтүнэн 40-тан тахса киһи аһыы утахтан аккаастанна.

Чурапчы ыччата олус көхтөөх, патриоттуу иитиилээх, куруук кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар. Мин кинилэри кытта тэҥҥэ сылдьабын, үлэлиибин, көрөбүн-истэбин, кинилэри кытта тэҥҥэ күлэбин-үөрэбин. Бу ыччат сорҕото буоларбыттан астынабын.

Туох тиийбэтий дуо? Киһи баарын тухары син биир туох эрэ тиийбэт бөҕө буоллаҕа. Ону “тиийбэт”, “суох” диэн көрөн баран олорбокко, ыллыбыт да хамсаммытынан барыахтаахпыт диэн санаалаахпын.

Айтана Аммосова, edersaas.ru

Хаартыскалар — дьоруой архыыбыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0