Үлэ удаарынньыктарын билэҕит дуо? Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар.
1932 сыллаахха Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин 15 сылын Саха сиригэр киэҥник бэлиэтээбиттэрэ биллэр. Манан сибээстээн социалистическай тутуу бастыҥнарын Саха АССР КСК-ын президиума Бочуотунай грамотанан наҕарадалаабыта. Ол кэмтэн ыла 85 сыл ааһан эрэр. Кимнээх наҕараадаламмыттарын хаһыат ааҕааччыларыгар тиэрдэбин. Кинилэртэн сорохторун аҕам саастаах дьон билэллэрэ, истибиттэрэ буолуо.
Василий Алексеев. Дьокуускай, edersaas.ru сайтка анаан
1938 сыллаахха РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан Д. Богатырев талыллыбыта, борохуот капитана этэ. Кинини Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадалыырга Саха сирин идэлээх сойуустара көрдөһүү түһэрбиттэрин КСК Президиума өйөөбүт. Гражданскай сэрии сылларыгар үлэтин уонна Амма оройуонугар бурдук хомуурун, комсомолецтарын түмэ тардан, тэрээһиннээхтик ыыппытын иһин комсомол уобаластааҕы комитета Правительство грамотатынан наҕараадаламмыт. От охсор массыынанан Таатта оройуонунааҕы тыа хаһаайыстыбатын артыала бириэмийэлэммит. Артыал аата уураахха ыйыллыбатах. Комсомол уобаластааҕы комитетын отделын сэбиэдиссэйэ Павел Болчусов револьверынан (система “Браунинг”) наҕараадаламмыт.
Быйыл (2017 с.) “Якутия” хаһыат 100 сылын бэлиэтиир. Маҥнайгы аата – “Социал-демократ”. Хаһыат редактора Е.М. Ярославскай этэ. Кини кэннитэн редакторынан полит-сыылынай, гражданскай сэрии саҕана кистэлэҥ үлэ актыыбынай кыттыылааҕа Виктор Бик үлэлээбитэ. Кини 1932 с. Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыт. Кыһыл гвардеец, Дьокуускайдааҕы тирии собуотун удаарынньыга Виктор Федорович Бутаков Бочуотунай грамотанан уонна булт саатынан, Колчак бырабыыталыстыбатын суулларыы актыыбынай кыттыылааҕа, Дьокуускайга 1918 с Рыдзинскай этэрээтин кытта кэлбит Леон Людвигович Даниш Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыттар.
Саха сиригэр гражданскай сэрии кыттыылааҕа, социалистическай тутуу байыаһа Василий Илларионович Добрынин, Саһыл Сыһыытааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа Дмитрий Иванович Жолнин, уруккута полит-сыылынай Николай Степанович Ершов, Бочуотунай грамотанан уонна револьверынан наҕараадаламмыттар. Сэбиэскэй былаас иһин охсуһуу актыыбынай кыттыылааҕа, Саха АССР юстицияҕа наркома Петр Павлович Кочнев, 1921 с. Дьокуускай куорат Сэбиэтин маҥнайгы бэрэссэдээтэлэ Михаил Афанасьевич Литвинов эмиэ Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыттар. Эмиэ итинник наҕарааданы Дьокускайдааҕы национальнай байыаннай оскуола станковай-пулеметнай отделениетын хамандыыра Николай Афанасьевич Мамонтов ылбыт. Бочуотнай грамотанан наҕараадаламмыттар: сэбиэскэй былаас иһин охсуһуу актыыбынай кыттыылааҕа Алексей Федорович Кулачков, оробуочай, удаарынньык, уруккута полк хамандыыра Тимофей Дмитриевич Никитин уонна кыһыл гвардеец Михаил Степанович Шпиталь.
Промышленность удаарынньыктара эмиэ наҕараада ылбыттар: Прокопий Васильевич Гуляев (Алдан оройуона) – саха, комсомолец, оробуочай, забойщик, Косарев аатынан шахта үлэһитэ, кэлин Социалистическай Үлэ Геройа, Георгий Ведерников – оробуочай, шахтер, Прохор Копьев – оробуочай, забойщик. Кинилэр Бочуотунай грамотанан уонна хас биирдиилэрэ 300 солк. бириэмийэлэммиттэр. Ити үөһээ ааттаммыт Ведерников уола Геннадий Алдан оройуонугар 1937 с. төрөөбүтэ, Уус-Майа оройуонугар үөрэммитэ, кэлин 1986-1989 сс. ССРС Совнаркомун бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан, онтон ССРС Данияҕа Чрезвычайнай уонна Политическай посолунан үлэлээбитэ, 2001с. от ыйын 21 күнүгэр өлбүтэ. Кини туһунан мин ыстатыйам “Забота-Арчы” (01. 10. 2015) хаһыакка бэчээттэммитэ.
Дьокуускай куорат болуотунньуга, саха Николай Алексеевич Шоломов булт саатынан, куорат баһаарынай хамаандатын үлэһитэ Дмитрий Степанович Федоров Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыттара. Тыа хаһаайыстыбатын ударынньыктара эмиэ наҕараадаламмыттара. Ол иһигэр Никита Иванович Алексеев – Мэгэдьэк оройуонун зоотехнига уонна агронома. Кини чаһынан бириэмийэлэммитэ. Кэлин сүөһү иитиитин өрөспүүбүлүкэтээҕи станциятын научнай үлэһитинэн буолбута, барааны иитии боппуруостарынан дьарыктаммыта. Онтон Покровскайдааҕы ОПХ зоотехнига этэ, 1962 с. киниэхэ “Саха АССР үтүөлээх зоотехнига” аат иҥэриллибитэ.
Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыттара: Дьокуускайдааҕы судаарыстыбынай селекционнай станция научнай үлэһитэ Анна Николаевна Скалозубова – бурдук саҥа суортарын айбытын иһин. 200 солк. харчынан уонна пром-табаарынан наҕараадаламмыттара: Иван Винокуров (биригэдьиир), Глеб Внуков (биригэдьиир), Тим-Кан-Су, Су-Ин-Тин, Алексей Иванов, “Красный животновод” тыа хаһаайыстыбатын артыала (Сунтаар оройуона).
Национальнай-культурнай тутуу ударнньыктара эмиэ наҕараада ылбыттара. Кинилэр ортолоругар бааллара: Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар оскуолалары тутуу актыыбынай кыттыылааҕа Филип Спиридонович Андреев – Бочуотунай грамотанан уонна биир ыйдаах хамнаһын харчытынан, норуот үөрэҕэриитин актыыбынай үлэһитэ, сахалыы тылынан улахан дьоҥҥо аналлаах букварь-учебник автора, Бүлүү оройуонугар культуурнай тутуу штабын чилиэнэ Петр Гаврильевич Григорьев – Бочуотунай грамотанан, Николай Максимович Заболоцкай, “Кыым” хаһыат маассабай секторын сэбиэдиссэйэ, комсомолец, Максим Горькай айымньыларын толору хомуурунньугун оҥорбутун иһин, Семен Петрович Ковлеков, Саха АССР КСК чилиэнигэр хандьыдаат, “Кыым” хаһыат партийнай отделын сэбиэдиссэйэ, селькоровскай хамсааһыны тэрийээччи, кэлин “Кыым” редактора, Наука Академиятын Саха сирин туһунан үлэлэрин толору хомуурунньугун комплегын иһин.
Дьэ, ити курдук, ааспыт үйэ 30-с сылларын саҥатыгар кимнээх өрөспүүбүлүкэбит үрдүк наҕараадаларын ылбыттарын хаһыат ааҕааччыларыгар тиэрдэбин. Бүгүн кинилэри билэр дьон бааллара буолуо, аны оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара, биир дойдулаахтара. Үксүлэрэ умнуллубуттара да буолуо. Оччотооҕу сылларга наҕарадалааһын да аҕыйаҕа, билиҥҥи кэм курдук буолуо дуо. Өрөспүүбүлүкэбит саамай үрдүк наҕараадата Саха АССР КСК Президиумун Бочуотунай грамотата этэ. Бириэмийэ быһыытынан тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар техника этэ, аны фотоаппарат, чаһы, көстүүм, бэлисипиэт, патефон, иистэнэр массыыҥка, харчынан бириэмийэ кээмэйэ 50-300 солк. этэ. Оччотооҕу кэмҥэ итинник да наҕараадаттан дьон олус үөрэрэ, киэн тутталлара. Холобур, сааһырбыт дьон патефонунан наҕараадаламмыттарын туһунан үөрэ-көтө кэпсииллэрин истэрбит. Чахчы да чиэһинэйдик, бэйэлэрин харыстаммакка үлэлээн наҕараадаҕа тиксэллэрэ. Бүгүҥҥү кэмҥэ наҕараадабыт арааһа элбэх – сүүһүнэн тыһыынча солкуобай кээмэйдээх бириэмийэлэр, “Хотугу сулус” уордьан, араас элбэх мэтээллэр, бэлиэлэр, СӨ бочуоттаах олохтооҕо…
Василий Алексеев. Дьокуускай, edersaas.ru сайтка анаан