Саха Өрөспүүбүлүкэтин экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Алексей Агеев ойууру уоттан харыстааһыҥҥа тэриллэр быйылгы дьаһаллар тустарынан маннык кэпсиир.
edersaas.ru
— Ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолууга ирдэниллэр сокуон-быраап аахталара, ол иһигэр, Саха сирин сиригэр-уотугар ойуур баһаардарын умуруоруу быйылгы Холбоһуктаах былаана, бигэргэннилэр. Бу былаан быһыытынан, ойуур баһаарын утары охсуһууга 3 тыһ. 807 киһи, 1 тыһ. 307 тиэхиньикэ туруоруллуоҕа. Сүүстэн тахса киһи, ол иһигэр муниципальнай уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ, тыа баһаарын умуруорууга бэлэмнэниини аастылар. “Авиалесоохрана” судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтин байыастара “Ми-8” бөртөлүөттэн анал тэрилинэн түһүүгэ, “Ан-2” сөмөлүөттэн парашютунан ыстаныыга дьарыктаннылар. Барыта 793 дьарыктанар ыстаныы, 900 түһүү оҥоһулунна.
— “Тиэхиньикэбит баһыйар өттө эргэ” диэн урукку сыллартан этэҕит. Дьэ, бу өттүгэр быйыл туох хамсааһын таҕыста итиэннэ уопсайынан, туох саҥа сүүрээн киллэрилиннэ?
— Ноҕурууска улахан буолан, тиэхиньикэ түргэнник эргэрэр. Ону саҥардан иһиигэ федеральнай киини кытары күүскэ үлэлиибит. Ол түмүгэр, «Экология» национальнай бырайыак чэрчитинэн үп көрүллэн, 28 араас баһаарынай тиэхиньикэ атыылаһары ситистибит. Билигин ол тиэхиньикэлэри хааччыйар хампаанньалары кытары хантараак түһэрсэ, илии баттаһа сылдьабыт.
Биллэрин курдук, Саха сирин баай хара тыата олус киэҥ, Арассыыйа ойуурун саппааһын биэс гыммыт биирин ылар. Ону барытын хонтуруоллуур уустук, билиҥҥи туругунан ойуурга турар уот 57 %-на сөмөлүөт, бөртөлүөт көмөтүнэн, 12 %-на Рослесхоз ИСДМ (ыраахтан мониториннааһын иһитиннэрэр ситимин) сириэстибэтинэн булуллар.
Быйылгыттан видеокамералары туһаныахпыт. Барыта 22 видеокамераны Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Ньурба, Кэбээйи, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускай куоракка туруоруохпут. Биир видеокамера 20-ттэн 60 тыһыынча гектар иэннээх тыаны хабан көрөр, ханнык координакка уот турбутун, төһө иэннээх сири ылбытын быһаарар итиэннэ операторга тиэрдэр бырагыраамалаах.
— Үлэҕит саамай эппиэттээх кэмэ саҕаланнаҕа.
— Чахчы, сайыҥҥы өттүгэр тыа баһаара турар куттала күүһүрэр. Итинэн уонна хабар сирбит-уоппут киэҥинэн, олохтоох салайыныы уорганнарын кытары ыкса үлэлиибит. Ол курдук, ааспыт 2018 сылга ыытыллыбыт үлэни ырытар сыалтан, улуустарга бары интэриэстээх биэдэмистибэлэри, быраабы араҥаччылыыр, кэтиир уорганнары, сир учаастактарын бас билээччилэри, түүлэһээччилэри кытыннаран, көһө сылдьар мунньахтары ыыттыбыт.
— Баһаартан сэрэхтээх буолууга улуустартан туох ирдэнэрий?
— Ирдэбил дьэҥкэ: ойууртан чугас сытар сир учаастагын бас билэр биитэр туһанар олохтоох былаас уорганнара, тэрилтэлэр, бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох бары хаһаайыстыбалар итиэннэ биирдиилээн дьон сирдэрин мэлдьи ыраастыы сылдьыахтаахтар уонна тыа саҕатыттан уон миэтэрэ тэйиччи сиринэн, 50 см итэҕэһэ суох кэтиттээх минерализованной балаһаны оҥоруохтаахтар. Маны олохтоох дьаһалталар бары билэллэр, хонтуруолга туталлар. Билигин хас нэһилиэк ахсын бөһүөлэктэри, сэлиэнньэлэри тула минибалаһалар баар буоллулар, сорохтор оҥоро сылдьаллар.
Тыаҕа турар уот нэһилиэнньэлээх пууҥҥа суоһаабатын итиэннэ ойуур пуондатын сиригэр баһаар барбатын хааччыйар балаһаны тэрийэр сыалтан, баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонын саҕаланыытыгар уонна түмүктэниитигэр хонтуруоллуур-сэрэтэр уматыы оҥоһуллуохтаах. Ол эбэтэр, ойуур пуондатын сиригэр хаппыт от, кур мутук о.д.а. дөбөҥнүк умайар матырыйааллар уматыллыахтаахтар. Ону ханна, хаһан тэрийэри лесничестволар быһаараллар. “Якутлесресурс” судаарыстыбаннай аптаныамынай тэрилтэ судаарыстыба сакааһын быһыытынан, федерацияттан көрүллүбүт үбүнэн быйыл 20 тыһ. гектар иэннээх сиргэ хонтуруоллуур-сэрэтэр уматыыны оҥоруоҕа.
Бырабыыталыстыба ыксаллаах быһыыттан-майгыттан сэрэтиигэ, ону туоратыыга итиэннэ баһаар куттала суоһаабатын хааччыйыыга хамыыһыйатын 2018 сыл муус устар 10 күнүгэр бигэргэппит Сүбэлэрин быһыытынан, хонтуруоллуур-сэрэтэр уматыы ойуур пуондатыгар киирэр тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сиргэ бас билии, түүлэһии биитэр босхо туһаныы докумуона баар түбэлтэтигэр ыытыллыан сөп. Итинэн, бастатан туран, көҥүлэ уонна хонтуруола суох ыытыллыбыт өртөөһүнтэн уот турар куттала намтыыр. Иккиһинэн, тыа таһа кур оттон-мастан, сыыстан, атын да умайымтыа матырыйаалтан ыраастанар. Үсүһүнэн, муниципальнай бас билиигэ сылдьар саппаас сирдэри, тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри кур оттон, сыыстан ыраастааһыҥҥа олохтоох дьаһалталар, сири бас билээччилэр итиэннэ түүлэһээччилэр эппиэтинэстэрэ үрдүүр.
Раиса СИБИРЯКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru