Үлэ миниистирэ Елена Волкова: «Дьиэ кэргэҥҥэ ОРВИ сибикитэ баар буоллаҕына, үлэһит дьиэттэн үлэҕэ көһөрүллэр!»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистир Елена Волкова дьиэттэн үлэҕэ уонна бэйэни хааччахтаныыга саҥа уларыйыылар туһунан быһаарыы видео таһаарда.

edersaas.ru

Бу видеону YakutiaOpershtab телеграм-ханаалга көрүөххэ сөп. Коронавирус инфекцията тарҕаныытын хааччахтыыр сыалтан, кутталлаах эпидемиологическай быһыыны-майгыны учуоттаан туран, Ил Дархан ыйааҕынан үлэ эйгэтигэр эбии хааччахтар киирдилэр. Үлэһит дьиэ кэргэнигэр ОРВИ сибикилээх киһи билиннэҕинэ, кини үлэ биэрээччитин сэрэтэр уонна туттарбыт анаалыстарын түмүгэ биллиэр диэри бэйэни хааччахтаныы эрэсиимигэр барыахтаах. Үлэ биэрээччи үлэһити тутатына дьиэттэн олорон үлэҕэ көһөрүөхтээх. Тэйиччиттэн үлэ кыаллыбат буоллаҕына, үлэһити уоппускаҕа, эбэтэр төлөбүрэ суох уоппускаҕа ыытыахтаах. Дьиэттэн үлэҕэ көһөрүү туһунан бирикээс тахсыахтаах уонна саҥа сөбүлэҥ дуогабара түһэриллиэхтээх. Тэйиччиттэн үлэ кэмигэр үлэһит хамнаһа толору төлөнүөхтээх.

Ону таһынан Ил Дархан ыйааҕынан үөрэҕирии, мэдиссиинэ уонна стационарнай социальнай өҥө үлэһиттэриттэн ураты, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хамнастанар үлэһиттэр 50% бу күнтэн ыла дьиэттэн олорон үлэҕэ көһөрүллэллэр. Бу ыйаах туһунан үөскүүр ыйытыылары Үлэ министиэристибэтин суһал төлөпүөннэригэр эрийэн билсиэххитин сөп”.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0