Мин, Валерий Петрович Илларионов, “Ньурба” сопхуоска үлэлиир сылларбар сопхуос биир саамай тутаах уонна эппиэтинэстээх салаатыгар — Киин автопаркаҕа үлэлээн ааспыт сылларбын куруук киэн тутта өйдүү-саныы сылдьабын.
edersaasru
Сопхуос Киин автопарката ол сылларга муҥутаан 112 араас мааркалаах массыыналардаах биир улахан тутаах тэрилтэ быһыытынан үлэлээн-хамсаан олорбута. Ол сылларга өрөспүүбүлүкэ да үрдүнэн маннык улахан автопарка хайа да сопхуоска суоҕа буолуо. Манна автомеханигынан, онтон гараас сэбиэдиссэйинэн солбуһуннара сылдьан үлэлиир сылларбар, этэргэ дылы, Антоновка курдук Саха сирин биир бөдөҥ дэриэбинэтин тутан олорор туруу үлэһит эр дьонун кытары ыкса алтыһан, эн-мин дэһэн бииргэ үлэлээн-хамсаан ааспыт эдэр сааһым умнуллубат сыллара этилэр…
Ол саҕана сопхуоска сүөһү сиир уотурбатын, саһыл сиир балыгын Золотинкаттан тиэйиллэрэ. Онно аҥаардас биир өттүгэр айана 2000 килэмиэтиртэн тахса буолара. Аны онно айаннаан тиийэн баран, уочаракка хабыллан хаалан, хастыы да хонук олоруоххун сөп. Инньэ гынан, онно барбыт бырысыап соһуулаах оччолорго “трасса королеватынан” ааттаммыт ЗИЛ мааркалаах массыыналар ортотунан ол саҕанааҕы хайысха эрэ баар аартыктарынан икки нэдиэлэ иһинэн-таһынан эргийэн кэлэллэрэ. Ол айаннарын устатыгар суоппардар массыыналарыгар утуйан, тиэримэскэ чэй кутта сылдьан, хабыыналарыгар дьиэлэригэр буһарынан илдьэ барбыт аһылыктарын аһаан, буочукаҕа уматыктарын тиэнэ сылдьаллар этэ. Ону таһынан оччотооҕу массыына саппаас эбэтэр туоннанан уматык киирэр бэйэ оҥоһуута баахтаах буолааччылар. Ол саҕанааҕы суолга нуорманан айан түргэнэ 33 км/чааска тэҥнэһэр этэ. Ону аахсыбахха, түүннэри-күннэри айаннаан сырыыларын түмүктүү сатыыллара. Биирдэ К.К. Саввинов Дьокуускайтан Антоновкаҕа диэри кыһыҥҥы тымныыга полуприцептаах х КАМАЗ массыынанан ыарахан таһаҕастаах айаннаары, 14 төгүл көлүөһэ оҥостон кэлэн турар.
Ол саҕана, билиҥҥи курдук, хас дэриэбинэ аайы аһыыр сир, шиномонтаж, саппараапка суох этэ. Холобур, Дьокуускайга диэри оройуон кииннэригэр баар остолобуойдары аахсыбатахха, Бүлүү Илбэҥэтигэр эрэ сэрии бэтэрээнэ Ньукулай оҕонньор “Баппаҕаайы” сопхуос аһыыр сирин (чайной) үлэлэтэр этэ. Нуучча суоппардара кинини убаастаан, “Дядя Коля” диэн ыҥыраллара. Саппараапка үксүгэр Бүлүү – Бэрдьигэстээх икки ардыгар суох буолара.
Массыына тыраассаҕа алдьаннаҕына, түргэнник оҥоһуллара
Кыһыҥҥы суол аһылла илигинэ эбэтэр рейстэр икки ардыларынааҕы быыһык кэмҥэ кыһыҥҥы өттүгэр үксүгэр “Киров” карьерыттан таас чох тиэйиитэ күүскэ ыытыллара. Ол быыһыгар отделениелар араас таһаҕастарын таһыыта, учууталларга хомунаалынай өҥөлөрүгэр лесопуунтан саһаан тиэйиитэ, онтон да үгүс үлэ-хамнас күөстүү оргуйара. Дьэ, манна эмиэ кытаанах илин-кэлин түсүһүүлэр буолаллара. Григорий Дмитрьевич Яковлев аан бастаан туһалаабат буолбут ЗИЛ-ММЗ-555 самосвал массыына араамалаах кузовынан бырысыап оҥостон соһуоҕуттан ыла, үлэ оҥорон таһаарыыта икки төгүл кэриҥэ улааппыта. Григорий Дмитрьевич туттара-хаптара түргэнинэн мээнэ киһи тэҥнэспэт киһитэ этэ. Айаннаан иһэн, массыынаҥ хаппырыыстаан оҥостуу буоллаҕына, бэйэҕин халбарыччы анньан баран, бэйэтэ оҥорон барар этэ. Эн күлүүс эрэ ылан биэрээччи оруолун толороргор тиийэриҥ. Ол саҕана айаҥҥа сылдьар бары суоппардар бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэн, тыраассаҕа чахчы “суоппардар бырааттаһыылара” диэн баар этэ. Ону дьэ, биһиги көлүөнэ суоппардар чахчы эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Дэлэҕэ даҕаны, оччолорго: “Ээ, массыына тыраассаҕа алдьаннаҕына, түргэнник оҥоһуллар”, — диэн бэргэн этии баар буолуо дуо.
Ол курдук, суолга алдьанан турар массыынаҕа биир да суоппар тохтоон көмөлөспөккө, саппаас чаастаах буоллаҕына биэрбэккэ ааспат этэ. Оннук үтүө үгэс билигин умнулла быһыытыйбыта хоту дойдуга олорор норуокка охсуулаах буолуох курдук. Уопсайынан даҕаны, оччотооҕу кэмҥэ дьон икки ардыгар үтүө сыһыан, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһүү, итэҕэйсии баар этэ.
Дьэ, кырдьык, чиэһинэй дьон баара!
Нерюнгрига хааччыйыы эйгэтигэр үксүлэрэ Донбасс эҥээриттэн кэлбит Украина кыргыттара-уолаттара уонна татаардар үлэлииллэрэ. Кинилэр биһиэхэ истиҥник сыһыаннаһан, көмө-тирэх буолаллара. Биир холобур: арай биирдэ Саҥа дьыл буолаары турдаҕына, сопхуостан Нерюнгрига дэлэгээссийэ барда. Дэлэгээссийэ састаабыгар тутуу инженерэ М.Р.Местников, партком сэкиритээрэ Ю.Н. Иванов уонна ГСМ инженерэ Е.Н.Иванов бааллара. Кэлэллэрин саҕана халлааммыт тымныйан сөмөлүөт көппөт балаһыанньата буолла. Ыксаан ыанньыксыттары таһарга туттуохпут диэн хотугу көрүҥнээх КАВЗ оптуобус көрдөөбүппүтүн тутатына биэрдилэр. Инньэ гынан, 2 КАМАҺЫНАН уонна КАВЗ оптуобуһунан Саҥа дьыл буолара 4-5 эрэ хонук баарыгар хоҥуннубут. Саҥа дьылы дьиэбитигэр ылаары, дьэ, солбуһа-солбуһа харса суох айаннааһын буолла. Нөҥүө сарсыардатыгар Томмокко остолобуойга тиийбиппит арай, Саввинов Сергейбит илиигэ тутар суумката суох. Инньэ гынан, киһибит харчыта да, докумуона да суох буола түстэ. “Хайыыбыт? Син биир төннөн, баардаан-суохтаан кэллэххэ сатанар”, — диэн буолла. “Төһө харчылаах этэй,” — диэн ыйыттахпытына: “4-5 тыһыынча буолуо. Дьон матаһыыкыл ыллараары биэрбиттэрэ, пааспардарын эмиэ уктан испитим, онон чуолкайын билбэппин”, — диир. Сэргэйи кытта ким төннүһэр диэн боппуруос турда. “Чэ, табаахтыыгын диэн абааһы көрбөт буоллаххына, мин төннүһүөм”, — диэбиппэр киһим үөрэ түстэ. Киһим ол төннөн иһэн, сүппүт харчым иэһин сабарбар сылгыларбын атыылаатахпына уонна сүөһүбүн лаппа көҕүрэттэхпинэ сабара дуу диэн суоттуур да суоттуур… Кэлэн иһэн, Малай Нымныыр диэки генераторын кура быстыбытын уларыппыт сирбитигэр кэлэн чинчийэн көрбүппүт, арай, биһиги баарбытыгар сыппыт көлүөһэ умайан бүтэн эрэр эбит. Биһиги: “Ээ, пахай, суумка манна түспүтүн харчытын ылан баран, суумкатын умаппыттар эбит”, — диэн түмүк оҥорон, саатар тардыы тимэҕэ көстөөрөй диэн маһынан тарыйан көрбүтэ буоллубут да, суоҕун курдук суох.
Онтон аллараа остолобуойга түһэн үлэһиттэртэн ыйыппыппытын, “Суох” диэн буолла. Биһиги: “Чэ, сүппүт эбит”, — диэн тахсыах курдук буолбуппутугар, арай, хостон биир эдэркээн нуучча кыыһа тахсан: “Элбэх баҕайы харчылаах уонна пааспардаах портмонены этэҕит дуо?» — диэтэ. Ону биһиги: “Оннук”,- диэбиппитигэр: “Миигин батыһыҥ” диэн таһырдьа тахсан: “Оол турар дьиэҕэ барыҥ, онно бөөлүүн үлэлээбит симиэнэ дьоно сынньана сытар,” — диэтэ. Биһиги онно бууппут быстарынан сүүрэн тиийэн, дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түспүппүтүгэр: “Суумкаҕытын ыла кэллигит дуо? Бу баар харчыгытын ааҕыҥ”, — диэн биир дьахтар суумкабытын туттаран кэбистэ. Биһиги: “Баһыыбаларыҥ, ээ суох аахпаппыт, чиэһинэйгитигэр итэҕэйэбит”, — диэн баран, сыырбыт үөһэ тахсан харчыбытын аахпыппыт, 8 тыһыынча курдук буолла. Оччотооҕу сэбиэскэй саҕанааҕы дьон ол курдук чиэһинэй этилэр.
Көрдөөх түгэннэртэн кылгастык
Суоппардар ый бүтэһигин аайы ким төһө сырыыны оҥорбутун, төһө уматыгы кэмчилээбитин ааҕыныы бөҕө буолааччылар. Биирдэ ГАИ саҥа начаалынньыгынан кэлэн үлэлии сылдьар Е.Е. Новгородов Ксенофонт Ксенофонтович Саввиновы тохтоппут: “Бу туох ааттаах түргэнник сылдьаҕыт?”,- диэн ыйыппытын: “Элбэх рейс оҥордохпуна, хамнас аахсан оҕолорбун иитэбин буолбат дуо?» — диэн хардарбыт. Ону биирдэрэ: “Ол иһин, массыынаны охтороҕут”, — диэбит. Онуоха биирдэрэ: “Массыына түөрт көлүөһэлээх», — диэн эппиэтэ бэлэм буолбут. Ону санаан кыһыйааччы. Аны туран, молоковоз суоппара Николай Михайлович Захаров үүт таһа сырыттаҕына тохтотор уонна: “Массыынаҥ тэхиниичэскэй туруга эппиэттээбэт. Онон, көҥүлгүн былдьыыбын», — диир. Ону киһитэ: “Итиннэ 4 туонна курдук үүт баар, ону миэстэтин буллараар”, — диэн баран, массыынаттан түһэн сис туттан баран истэҕинэ, төттөрү ыҥыран ылан, ааттаһар аҥаардаах көҥүлүн биэрэн ыытан кэбиһэригэр тиийбит. Антоновкалар бэйэбит уолбут, ГАИ иниспиэктэрэ Михаил Дмитрьевич Васильев: ““Ньурба» сопхуос массыыналара чох тиэйэн иһэллэрин көрдүлэр да, атын массыыналар суолтан туораан тохтоон биэрэллэр”, — диэн эмиэ сэмэ бөҕө буолааччы. Манна сыһыаннаан ахтан аастахха, Семен Николаевич Санников чох тиэйэн ыксаан бурҕатан иһэн, эргииргэ массыынаны утары көрсөн ыксаан, уҥа-хаҥас хамсанар кэмигэр ытыран иһэр табааҕын сүтэрэн кэбиспитин көрдүү сатаан баран, арааһа, ыйыстан кэбиспиккин диэн түмүк оҥорбуппут. Ол курдук, үлэлэрин оҥорон таһаарыытын үрдэтэр туһугар эттиин-хаанныын ыалдьан, өйдүүн-санаалыын бэринэн туран үлэлииллэрэ…
Саҥаны олоххо киллэрии, куоталаһыы
Биир бириэмэҕэ ЗИЛ-ММЗ-4502 “строительнай көрүҥэ” диэн 6 цилиндрдээх самосвал кэлэ сылдьыбыта, биир оннук массыына Хатылыков Валерий Егоровичка түбэстэ. Арай биирдэ, киһим үллэччи кыыһыран бобуллаҥныыр буолан кэллэ: “Маалыкай Дьөгүөрэбэ күлүү гынан кыахпын ылла. Антоновкалар чэйдии-чэйдии айанныыр буолбуккут дуу диир», — диэн киһим кыһыйбыт аҕай. Иккиэн саҥа массыыналаахтар этэ да, Егоровыҥ киэнэ аҕыс цилиндрдээх буолан биирин тутуһуннарбат буоллаҕа дии…
Ол сыл сайыныгар муннукка хаайан, туһаттан тахсыбыт массыынаттан 8 цилиндрдээх мотуору көрдөһөн ылан олордунна. Арай биир сарсыарда маалыкайдар Ньурбачаанынан сылдьыбыттар диэни истэн, Валерий: “Миигин кытта Киирэпкэ барса сылдьыый”, — диэн хаайда. Мин: “Ээ, ол тоҕо?”,— диэн буолуммаппын, ону киһим үлтү хаайан сөбүлэһиннэрдэ. Онтон арай киһим саппараапкаҕа киирэн олорор, мин: “Барыаххайыый, эргийэн кэлиэхпит”, — диибин. Онуоха киһим: “Олоро түһүөххэ”, — диир. Ол олордохпутуна, саппараапкаҕа Маалыкай Егорова кэлэн тохтоото. Киһим сүүрэн тиийэн дорооболосто, кыратык тыл бырахсан кэпсэттилэр. Онтон сүүрэн кэлэн массыынатыгар олороот даҕаны, дьэ кытаанах айаны айаннаатыбыт. Сорох сиргэ үктэннэрэн, сорох сирин ойутан дьэ ыһылыннарыы. Киһибэр: “Сэрэниий”,- диэн көрдөхпүнэ: “Дьэ, тулуйа түс”, — эрэ диир. Оннук айаннаан тиийэн, карьерга ыһылыннаран киирэн уочарат диэни билиммэккэ, сигналлыы-сигналлыы курдары киирэн, сыыһа-халты биир-икки хомуоһу куттараат, төттөрү ойутуу буолла… Дьоннор: “Туох буоллуҥ?” — диэтэхтэринэ: “Кэнники-кэнники”, – эрэ диир. Инньэ гынан, Дьөгүөрэппитин Дьаархан бэтэрээ өттүгэр утары көрсөн, тохтотон баран киһим: “ Хайа, бу тыа дьоно үүттээх чэй иһэ-иһэ, сыалаах этинэн эмсэхтэнэн айанныыр буолбуккут дуу?”, — диир. Ол курдук, үлэлэригэр бэриниилээхтик уонна чиэһинэйдик илин-кэлин түсүһэн саҥаны олоххо киллэрэн, куоталаһан үлэлиир этилэр.
ххх
Иван Никитич Баянов сарсыарда бастакы сырыытыгар 8 чаас диэки чоҕун Киров карьерыттан тиэнэн эргийэн кэлэн, путевкатын ылаары турар буолааччы. Кини уруулугар олорон түргэнник айаннаатаҕына, төбөтө эргичиҥнээн олорооччу. Онто төһө түргэнник барар да, соччо түргэнник хамсанара бэйэтэ индикатор курдук буолара… Иван Никитич сороҕор иккилии кэнники рессораларын тоҕута түһэн кэлээччи. Ол гынан баран, сарсыардаҕа диэри лиистэринэн таҥан, ким хайа иннигэр син биир гараастан тахсан барбыт буолааччы. Ол иһин, испэр арааһа дьиэтигэр тугу да гыммакка, үлэтинэн эрэ сылдьар киһи дуу дии саныырым.
Арай биирдэ, сарсыарда 7 чаас саҕана дьиэтигэр туох эрэ саппаас хаалбытын ыла барса сылдьан көрбүтүм киһим олбуорун иһигэр бөлүүн үллүктүү түспүт хаара ханан да суох гына кылбаччы күрдьүллэн сытар эбит. Хаһан туран маны күрдьэн чөкөппүтүн сатаан өйдөөбөтөҕүм…
Е.Е.Новгородов атын сиргэ үрдээн барбытын кэннэ, ГАИ начаалынньыгынан хаалбыт Михаил Дмитрьевич Васильевүлэлээбитэ. Кини ыстарааптаатаҕына даҕаны, дьыалаҕа ыстарааптааччы, онон ким да хом санаата суох хаалааччы.
Саас аайы суол сабылларын саҕана массыыналар судаарыстыбаннай техосмотрдара буолааччы. Дьэ, бу тэрээһини кылаабынай инженер Николай Петрович Иванов салалтатынан сопхуос туох баар инженернэй-тэхиньиичэскэй сулууспата бары саба түһэн сүүрэн-көтөн, түбүгүрэн бэлэмнээччибит. Ол кэмҥэ массыыналар кыһыҥҥы сырыылара тохтоон сууйуллан-сотуллан, үксүлэрэ саҥаттан кырааскаланан бары массыыналар саҥаларыгар түһэн кэккэлээн тураллара бэйэтэ туһугар кырасыабай көстүү буолан, бырааһынньык курдук буолааччы.
(Салгыыта бэчээттэниэ)
“Саха сирэ”, edersaasru саайтка анаан Валерий ИЛЛАРИОНОВ
Хаартыскалар: ааптар архыыбыттан