Ленскэй оройуонугар анал үөрэхтээх, үрдүк таһымнаах, киэҥ билиилээх дьон үлэлии кэлэн, силис тардан олохсуйалларыгар уратытык сыһыаннаһаллар, араас дьаһаллары ылыналлар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ оройуоҥҥа эдэр үлэһиттэри үлэлии кэлэргэ угуйар хас да бырагыраама үлэлиир. Ол курдук, хас биирдии кэлбит киһиэхэ биир кэмнээх харчынан көмөнү биэрии эбэтэр уруккута “подъемнайы” төлөөһүн, дьаһалта бас билэр кыбартыыраларыгар олордуу уонна кэлин ол дьиэлэри бэйэ бас билиигэ биэрии, дьиэ атыылаһыыга социальнай төлөбүрүнэн туһаныы уо.д.а.
ХАС БИИРДИИ КЭЛИИ ҮЛЭҺИККЭ – ТУСПА КЫБАРТЫЫРА
Оройуон дьаһалтата бүддьүөт үлэһиттэрин олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагырааманы олоххо киллэриигэ үлэтин салгыы ыытар. Бу сыл устата туспа кыбартыыраны 16 киһи ылла, кинилэр истэригэр учууталлар, оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ, эбии үөрэхтээһин уонна муниципальнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ. Ааспыт ыйга оройуон баһылыга салайааччылаах кыбартыыралары үллэрэр анал хамыыһыйа уочараттаах мунньаҕа буолан ааспыта.
Бу сырыыга оройуон дьаһалтата атыыласпыт 5 дьиэтин кимиэхэ биэрэри быһаарбыта. Ол курдук, толору хааччылыылаах кыбартыыраларга омук тылын, математика уонна уруһуй учууталларын дьиэ кэргэттэрэ, уһуйаан иитээччитэ уонна муниципальнай тэрилтэ анал үөрэхтээх үлэһитэ тиксибиттэрэ. Сыл устата бу курдук уопсайа 16 кыбартыыра үллэриллибитэ: аҥаарын оройуон дьаһалтата атыыласпыта, сороҕун урут олоро сылдьыбыт эдэр ыаллар, “Эдэр дьиэ кэргэн” оройуоннааҕы бырагыраама көмөтүнэн бэйэлэригэр атын кыбартыыра атыылаһан, босхолообуттара.
Оройуоннааҕы баайга-дуолга сыһыаннаһыыларга кэмитиэт өссө икки олорор дьиэни атыылаһыыга докумуоннары бэлэмнии сылдьар, барыта табыллар түгэнигэр сыл бүтүөр диэри ылыахтаахтар.
Ленскэй оройуонун дьаһалтата бүддьүөт үлэһиттэригэр анаан дьиэлэри 2010 сылтан саҕалаан атыылаһар. Ол эрэн урут учууталлары, быраастары, тириэньэрдэри уонна да атын идэлээх үлэһиттэри биир кыбартыыраҕа дьукаахтаһан олордоллоро.
Жумарт Абильманов, Ленскэй оройуонун баһылыга:
— Сылга оройуон дьаһалтата бүддьүөт үлэһиттэригэр анаан 20 кыбартыыраны атыылаһар. Урут 3 хостоох кыбартыыраҕа үс ыал кыбыллан олорон уопсай дьиэ буолар эбит буоллаҕына, билигин итинник суох. 2017 сыллаахха баһылыгынан талыллан баран этии киллэрбитим – дьукаахтаһыыттан аккаастанан, хас биирдии үлэһиккэ туспа кыбартыыра биэрэргэ диэн. Сыл устата итинник олорбут ыалларга хас биирдиилэригэр туспа оройуон бас билэр (служебнай) дьиэтин биэрэн көһөртөөбүппүт. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьаһалта бас билиитигэр 90 кыбартыыра баар. Итилэргэ бүддьүөт үлэһиттэрэ дьиэ кэргэттэрин кытта олороллор. Балаһыанньа быһыытынан, кэлии киһи 10 сыл устата эҥкилэ суох үлэлээтэҕинэ, оройуон бас билэр кыбартыыратын бэйэтин бас билиитигэр оҥорторуон сөп. Ити барыта дьиэни-уоту уларсар туһунан дуогабарга сурулла сылдьар.
САҤА ОСКУОЛАҔА – САҤА УЧУУТАЛЛАР
Ленскэй оройуонугар учуутал тиийбэт кыһалҕата сытыытык турар. Бүгүҥҥү күҥҥэ, оройуоннааҕы үөрэх салалтата этэринэн, 50-тан тахса үлэ миэстэтэ баар. Олохтоох былаас бу маны быһаарарга араас дьаһаллары ылынар. Ол курдук, бу сайын Толооҥҥо 5 саҥа учуутал үлэлии кэлбитэ. Кинилэри бүддьүөт үлэһиттэрин өйүүр дьаһаллар эрэ буолбакка, үчүгэй үлэлиир усулуобуйа эмиэ угуйбута – балаҕан ыйыгар нэһилиэккэ саҥа оскуола аанын тэлэччи арыйбыта. Онон Толоон орто оскуолатыгар быйылгы үөрэх дьылыгар Бүлүү улууһуттан физкултуура учуутала, социальнай үлэһит, логопед, интэринээт иитээччитэ уонна дириэктэр үлэлии кэлбиттэрэ.
Бүтэй Бүлүүттэн көһөн кэлбит Евдокия Куприянова оскуола дириэктэринэн 26 сааһыгар ананна. Кини Ленскэй оройуонугар үөрэх тэрилтэтин салайааччыларыттан барыларыттан эдэрдэрэ буолар.
«Салайааччы быһыытынан бастакы улахан холонуум буолар. Бу иннинэ дойдубар дириэктэри үөрэтэр-иитэр үлэҕэ солбуйааччынан үлэлээбитим. Улахан эппиэтинэстээх дуоһунас буоларын өйдүүбүн – оҕолор үөрэхтэрин ситиһэллэрин эрэ буолбакка, оскуола нус-хас, сылаас буоларын, этэҥҥэ үлэлиирин дьаһайыахтаахпын. Билиҥҥитэ барыта этэҥҥэ баран иһэр, үлэбин сөбүлүүбүн. Уонна улууска эдэр дириэктэр буоларым миэхэ, биллэн туран, үтүө санааны үөскэтэр», — диэн кэпсиир Евдокия Яковлевна.
Кини көҕүлээһининэн ыраах Бүлүү улууһуттан Саха сирин уһук арҕаа өттүгэр сытар нэһилиэгэр бэһиэ буолан учууталынан үлэлии кэлбиттэрэ.
Евдокия манна аймахтара олорор буолан, Толоону үчүгэйдик билэр эбит. Кини этэринэн, биир идэлээхтэрин өр ааттаспатах – бары Ленскэй оройуонугар анал үөрэхтээх дьону хайдах курдук үчүгэйдик көрсөллөрүн, өйүүллэрин туһунан бэркэ диэн билэллэр эбит, ол иһин үөрүүнү кытта олорор сирдэрин уларыппыттар. Оттон бэйэтэ бастаан кэлээт үөрэх өттүгэр буолбакка, тутуу эйгэтин ымпыктарыгар-чымпыктарыгар быһаарсан барбыт. Тоҕо диэтэр, саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээх кэмэ этэ. “Энергомонтаж” диэн туппут тэрилтэ үлэтин үтүө суобастаахтык, кичэллээхтик түмүктээн, үөрэх тэрилтэтэ анаммыт болдьоҕор аанын тэлэччи арыйбыта.
«Биһиги бары оскуоланы олус астынныбыт – сылаас, сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэлээх-уоттаах. Оройуон дьаһалтатыгар махтаныах эрэ тустаахпыт. Оҕолор билигин улахан успуорт саалаҕа үөрэ-көтө дьарыктаналлар, таһырдьа эмиэ волейбол, футбол оонньуур хонуу баар, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир бодоруһар, сынньанар сирдэр элбэхтэр. Урукку оскуоланы кытта хайдах да кыайан тэҥнээбэккин. Олус үчүгэй, толору хааччыллыылаах интэринээт баар буолан, чугастааҕы нэһилиэк оҕолоро туох да кыһалҕаны билбэккэ үөрэнэллэр эрэ. Мин санаабар, маннык курдук усулуобуйалаах оскуолаҕа биһиэхэ үлэлиир, онтон оҕолорго үөрэнэр – дьол буолар. Уопсайынан, Ленскэй оройуона тэтимнээхтик сайдан иһэр, киһи сайдарыгар, үүнэригэр кэскиллээх улуус. Мин атын билэр дьоммор этэбин ээ – өр толкуйдаабакка көһөн кэлиҥ уонна үлэлээҥ», — диэн санаатын үллэстэр эдэр дириэктэр.
УЧУУТАЛЛАРЫ КӨҔҮЛҮҮР КҮҮС
Ленскэй оройуонугар үөрэҕирии эйгэтигэр үлэһит тиийбэт кыһалҕатын араас ньыманан быһаараллар: бүддьүөт эйгэтин үлэһиттэригэр анаан хас даҕаны дьиэ-уот бырагыраамалара үлэлииллэр, оройуон суотугар тус сыалынан үөрэттэрэллэр уонна саҥа кэлбит үлэһиттэргэ биир кэмнээх харчынан көмө оҥороллар. Эһиилгиттэн Ленскэйгэ “Земскэй учуутал” курдук оройуоннааҕы анал бырагыраама олоххо киириэҕэ – үрдүк таһымнаах учууталлар 1 мөлүйүөн солкуобай ылыахтара.
Өссө биир көҕүлүүр ньыманан “Сыл учуутала” уонна “Сыл иитээччитэ” күрэхтэргэ кыайдахтарына, 100 тыһыынча солкуобай наҕараада буолар.
Маны таһынан, сылын ахсын бастыҥ идэлээх үлэһиттэргэ харчынан бириэмийэлээһин көрүллэр. Ол курдук, «Үөрэҕирии тэрилтэтин бастыҥ салайааччыта», «Бастыҥ кылаас салайааччыта», «Бастыҥ педагог-психолог», «Сыл социальнай үлэһитэ», «Сыл бастыҥ логопеда», «Эбии үөрэхтээһин бастыҥ үөрэтээччитэ», «Сыл баһаатайа» уо.д.а. күрэхтэр кыайыылаахтарыгар бэриллэр.
Егор МЫРЕЕВ, Ленскэй
Хаартыска Ясиа