Бу күннэргэ «күн түһэн сөтүөлүүр» Күүкэй күөлүн киэҥ дуолун кытыытыгар тыраахтыр тыаһа доҕуһуоллаах араас сахалыы ырыа күйгүөрэ кутуллуохтааҕа эбитэ буолуо…
Ол — Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуос үрдүк үүнүүгэ аатырбыт звеньевойа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, төрөөбүт Тумулун аатын сүкпүт «Тумул» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Юрий Михайлович Спиридонов тыраахтырын уруулун туттар эрэ, ырыа аргыстана түһэрин иһин ити этэбин. Кини баара буоллар, бу бэс ыйын 1 күнүгэр, самаан сайын кэлэн айылҕа барахсан ситэн силигилээн эрэр мааны кэмигэр оҕолорун, сиэннэрин,үгүс аймах-билэ дьонун кытта 75 сааһын үөрэ-көтө, үгүс ырыа-тойук аргыстаах бэлиэтиэхтээҕэ чуолкай этэ.
Оччотооҕуга үлэни, ырыаны-тойугу, успуорду өрө туппут туруу үлэһит дьонноох Кутана сирин биир бастыҥ-маяк үлэһитэ буолуохтаах уол оҕо Юрий Спиридонов күн сиригэр күөлэһийэ түспүтэ. Юра аҕыс ыйдааҕар айбыт аҕата Михаил эмискэ ыалдьан өлбүтүн кэннэ, бииргэ төрөөбүттэр бары Сунтаарга убайдарыгар Алексей Михайловичка киирбиттэр. Оттон кини Тумулга балтын, кэлин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа буолбут Зоя Попованы кытта ийэлэригэр хаалбыттар.
Юрий ийэтэ Евдокия Спиридонова «Кутана нэһилиэгэ» кинигэ бастакы туомугар ахтыбытынан, Юра олох кыратыгар, мэхэньисээтэр буолуоҕун билбит курдук дьиэ тутан, сир солоон, тыраахтар оҥостон оонньуура эбит.
Юра улаатан, төрөөбүт дойдутугар ытык иэһин төлөөн 3 сыл сулуупалаабыт уонна ефрейтор сыбаанньалаах эргиллибит. 1972 сыллаахха Күүкэй кырасаабыссата Светлана Федорованы көрсөн, харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн таптал уотун уматан, дьоллорун холбоон ыал буолбуттара уонна 4 уол, биир кыыс оҕоломмуттара. Олор билигин бэйэлэрэ ыаллар.
Юрий Михайловиһы аҕатын Михаил Николаевич курдук туппутун ыһыктыбат, ылсыбытын ыыппат туруу, дьирээ үлэһит этэ дииллэр. Бокуойа суох иннин диэки дьүккүйэрин эрэ билэрэ. «Үлэ, үлэ, соло суох» диэн тахсара уонна мэлдьи ыксалынан сылдьара диэн ахталлар үөлээннээхтэрэ. Юрий Спиридонов биир дойдулаахтарын үрдүк итэҕэллэрин ылан 2 төгүл оройуон Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта.
Сир үлэтин олус сөбүлүүрэ
Ол курдук, өр сылларга бииргэ алтыһан үлэлээбит доҕоро, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөн суоппара, «Бочуот Знага», Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар хабалыардара, «Айан-Суол» ХЭТ төрүттээччитэ уонна салайааччыта СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Крыжановскай Юрий эдэр эрдэҕиттэн төрөөбүт Тумулун буолаларын хайдах гынан киэҥник туһаҕа таһаарбыт киһи диэн толкуйдаан тахсара. Ол ыра санаата туолбута. Ленин уордьаннаах «Элгээйи» сопхуоска үүнээйи сыаҕа тэриллибитэ уонна сонно тута Кутана отделениетын Тумул учаастагар үрдүк үүнүү звенота баар буолбута. Бу звенону Юрий Михайлович салайбыта диэн ахтыбыта баар.
Үлэлэрин аһара бэркэ саҕалаан, таһаарыылаахтык үлэлии сырыттахтарына сопхуос эстэн, бурдук үлэтэ эмиэ тохтообута. Ол да буоллар Юрий Михайлович киэҥ көҕүстээх, кыраҕа долгуйбат буолан инникитин өссө элбэх былааннаах этэ. Өйө-санаата сиргэ, сир үлэтин туһунан буолара.
Ырыа кини олоҕун аргыһа этэ
Юрий Спиридонов санаата көтөҕүллэн, көнньүөрэн үлэлии сылдьар бириэмэтигэр наар ырыа аргыстаах буолара. Кини ордук сөбүлээн Аркадий Алексеев ырыаларын ыллыыра.
Ордук кыһын, иллэҥ кэмигэр художественнай самодеятельноска элбэхтик бииргэ сылдьыбыт, табаарыстаспыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Валерий Иванов маннык ахтыбыта баар: Юрий ырыаһыт быһыытынан нэһилиэккэ, оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэн, дипломант,лауреат үрдүк аатын ылбыта. Кини киэҥ, холку, модьу баас куолаһа чугаһынан суох куолас этэ.
Кэнсиэртэргэ үгэс быһыытынан саамай бүтэһик, көрөөччүлэри «охтортуур» нүөмэр быһыытынан киллэрэр этибит. Мин, киниэхэ элбэхтик аккомпаниатор быһыытынан сылдьыбыт киһи, кини муусукаҕа талаанын, матыыбы ылына охсорун, киниэхэ доҕуһуоллуур чэпчэкитин билэбин. Юрий киэҥэ-холкута, эйэҕэһэ, дьоһуннааҕа.
Үлэтигэр олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһара
Кырдьык, Юрий Спиридонов Күүкэй Эбэ кытылларын үрдүнэн бэйэтин ырыатынан элбэх да «күөрэгэйи» көтүттэҕэ, «аан дойду ыччатын сүрэҕин» эппэҥнэтэ тэптэрдэҕэ…
Аҕаларын ыллыыр-туойар дьоҕурун батыһан, эдэр киһи сиэринэн өссө нөҥүө түһүөхтээх улахан уола Дмитрий Спиридонов бэрт эрдэ бу олохтон бараахтаабыта олус хомолтолоох. Үһүс уол Гаврил оскуола сылларыгар араас күрэхтэргэ ити билигин аатыран ыллыы сылдьар саха эстрадатын сулуһун Игорь Егоровы кытта илин-кэлин түсүһэр ырыаһыт этэ. Куолас да баара. Түөрт туруу уол мааны балтылара, ыал күүппүт-кэтэспит соҕотох кыыстара Юлия Юрьевна билигин алмаастаах Мииринэй үс оҕолоох биир эдэр ыалын иһирэх ийэтэ. Эмиэ оҕо сааһыттан аҕатын курдук ырыа-үҥкүү куттаах дьэ дьиҥнээх Кыталык Куо мааныта. Кини билигин Мииринэй куоракка «АЛРОСА» «Якутнипроалмаз» научнай-чинчийэр, бырайыактыыр институтун инженер-проектировщигынан үлэлиир.
Манна даҕатан эттэххэ, Спиридоновтар ыллыыр-туойар дьоҕурдара убайдара, Сунтаар улууһун биир аатырбыт оһуохайдьыта, тойуксута, норуот ырыаһыта Егор Михайлович Николаевтан бэриллибит буолуон сөп.
Билигин ханна да күөрэгэй «элбээбит» кэмигэр Юрий Спиридонов дьэ чахчы Кутана күөрэгэйэ дэниэн сөптөөҕө. Өрдөөҕүтэ Юрий Спиридонов оройуон кэнсиэртиир бөлөҕүн кытта сылдьан Дьокуускай куорат биир улахан тыйаатырыгар ыллаабыт. Онно доҕоор, Дьокуускай куорат үрдүк ирдэбиллээх көрөөччүлэрэ биһиги уолбутугар сүһүөхтэригэр туран махтаммыттара, уруйдаабыттара-айхаллаабыттара кэрэ кэпсээн буолан хаалбыт.
Утум салҕанар
Юрийдаах Светлана ситэ олорботох олохторун кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.
Улахан уол Дима ЯПУ муусука отделениетын, иккис уол Володя СГУ физкультурнай отделениетын бүтэрбиттэрэ. Володя билигин вахтанан үлэлиир. Гаврил суоппар-тырахтарыыс идэлээх. Аҕатын аатын сүгэр Юра СГУ историческайын бүтэрбитэ. Кини билигин дойдутугар Кутанаҕа баһаарынай чааска үлэлиир.
Дьэ ити курдук үлэни эрэ өрө туппут Тумул хоһууна Юрий Спиридонов бу бэс ыйын 1 күнүгэр 75 үбүлүөйдээх сааһын үөрэ-көтө бэлиэтиэхтээх этэ. Кини баара-суоҕа 50 эрэ сааһыгар бу олохтон барбыта.
Борис Николаев.