Мэҥэ Хаҥалас Павловскай сэлиэнньэтигэр олорор Михаил Павлов былырыын тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин “Агростартап” бырагырааматынан 2 мөлүйүөн 444 тыһыынча солкуобайдаах грант ылбыта. Ол үбүнэн кини “МТЗ” тыраахтары, оту эрийэр “пресс-подборщигы” уонна ыанар ынаҕы элбэтэр сыалтан, 5 төбө тиҥэһэни атыылаһан, хаһаайыстыбатын кэҥэппитэ.
Онон быйыл кини 30 төбө сүөһүнү кыстатан таһаарда, ол онтон ыанар ынаҕа – 19 төбө. Сотору кэминэн 15 ынах төрүөхтээх. Грант ылбытын кэннэ, биэс сыл иһинэн сүөһүтүн ахсаанын 78-ка, ыанар ынаҕын 25-кэ тиэрдэр былааннаах.
Михаил 36 саастаах, оҕо эрдэҕиттэн төрөппүттэригэр хотоҥҥо көмөлөһөн, сүөһү көрүүтүгэр уопуттаах. Үс сыллааҕыта бэйэтэ туспа хаһаайыстыба тэриммитэ. Биир үлэһиттээх уонна дьиэ кэргэнэ көмөлөһөр.
Былырыын уопсайа 26 туонна үүтү туттарбыттар, быйыл 40 туоннаҕа дуогабардаахтар. Ынахтар мэччийэр сирдээхтэр. Былырыын 40 туонна оту бэйэлэрин күүстэринэн оттообуттара тиийбэтэх, онон эбии атыыласпыттар.
— Саамай сүрүнэ, от үүнүөн наада, — диир эдэр фермер. – Эбии сир ылыахтаахпыт, онон оппут тиийиэ дии саныыбын. Грант ылбыппын, дьэ, быйыл үчүгэйдик билэрим буолуо. Урут наар кыра, кытай тыраахтарынан оттуурбут, быйыл улахан тыраахтарынан оттоору кэтэһэ сылдьабын. Ону тэҥэ, хаһаайыстыбаны кэҥэтэргэ кыаҕы биэрэр. Биллэн турар, бэйэҥ күүскүнэн маннык улахан тыраахтары ыларыҥ ыарахан буоллаҕа, онон судаарыстыбаттан көмө баара олус үчүгэй. Үүт харчыта кэмигэр кэлэн иһэр. Онон киһи үлэлииргэ-хамсыырга баҕата күүһүрэр.
Оттон билиҥҥи буола турар быһыы-майгы туһунан кини маннык санаалаах:
— Элбэх сааҥсыйа киирбитэ, биллэн турар, куһаҕан. Сыана ыарыыр. Ол эрээри, биһиги син биир үлэлээбиппит курдук үлэлии олоробут. Сүөһү көрүүтэ үлэлээх — сарсыарда 5 чаастан киэһэ 9-ка диэри, өрөбүлэ суох үлэлии сылдьабыт. Сиртэн-уоттан силистээх, туруу үлэһит киһи ханнык баҕарар балаһыанньаҕа, этэргэ дылы, өлөн-охтон биэрбэт.
Олохтоох оҥорон таһаарыыны өссө күүскэ өйөөн, үлэлээн-хамсаан биэриэҕиҥ. Олохтоох бородууксуйа быдан хамаҕатык барар буолла. Холобур, арыыны былдьаһыгынан ылаллар. Онон син биир иннибит хоту баран иһэбит. Барыта этэҥҥэ буолуоҕа, — диэн этэр кини.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: sakhagov.ru