«Үлэҕэ хардыы» дьаарбаҥка онлайн ыытыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 21 күнүгэр «Үлэҕэ хардыы» үлэ дьаарбаҥката онлайн киэбинэн  ыытыллыаҕа. Онон ким баҕалаах, ханнык баҕарар сиртэн киирэн дьаарбаҥкаҕа кыттыан сөп.

Дьаарбаҥка Instagram уонна ZOOM нөҥүө хас да хайысханан тэриллиэҕэ: үлэ миэстэт, үлэни булууга көмө, үлэни биэрээччилэргэ судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрэ,  World Skills идэтийбит үөрэхтээһинэ, урбаан.  Тэрээһин хаамыытын уонна бырагырааманы ссылканан киирэн билсиҥ.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0