Үлэ баар буолуо! (алмаастаах бириискэттэн репортаж салгыыта)

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биллэрин курдук, кэнники сылларга хайа бырамыысыланнаһыгар олохтоох ыччат кэлэрэ элбээтэ, кинилэр манна хаалан, салгыы өссө сайдаллар. АЛРОСА алын сүһүөх хампаан­ньата – “Анаабыр алмаас­тара” “Молуода” бириискэтигэр араас үлэһити кытта – стажердартан саҕалаан үлэ бэтэрээннэригэр тиийэ кэпсэттибит.

АЛРОСА бөлөҕүн тэрилтэлэригэр саҥа үлэһиттэр мэлдьи биир суолунан кэлэллэр: бакаансыйа уонна баахта үлэтигэр сүүмэр­дээһин туһунан билэллэр, сайабылыанньаларын уонна резюмеларын ыыталлар. Сүүмэрдээһин иккис түһүмэҕэр кинилэри сэһэргэһии уонна идэҕэ билиитин сыаналааһын, мэдиссиинискэй хамыыһыйаны ааһыы уонна стажировка күүтэллэр. Стажировка уһуна суох – икки ый. Ол гынан баран, бу кэм иһигэр бэйэҕин көрдөрө охсуоххун наада. Ол эрэ кэнниттэн бастайааннай үлэ саҕаланар, оччотугар үрдүк хамнас аахсаллар. Үрдүк хамнас олох-дьаһах араас боппуруостарын быһаараргар, атаххар тураргар, ыал буоларгар, бэйэҕэр уонна чугас дьоҥҥор дьоһуннаах олоҕу оҥороргор көмөлөһөр.

Биһиги өссө Дьокуускай куорат аэропордугар “Анаабыр алмаас­тара” АУо хапытаалынай тутууга отделын начаалынньыгын солбуйааччы Алгыс Дегтяревы кытары кэпсэттибит.

— Мин 33 саастаахпын, ХИФУ инженернэй-тиэхиньии­чэскэй факультетын бүтэрбитим, Дьиэ-тутар кэмбинээккэ (ДСК), Судаарыстыбаннай сакаас­чыт сулууспатыгар үлэлээбитим. “Анаабыр алмаастара” хапытаалынай тутуу отделыгар 2018 сыллаахха кэлбитим. Биһиги подразделениебыт хапытаалынай тутууну барытын, ону таһынан хампаан­ньаҕа хапытаалынай өрөмүөнү хааччыйар. Холобур, билигин бириискэҕэ уматык ыскылааттарын саҥардыынан дьарыктанабыт. Хостооһун кээмэйэ улааппытынан сибээстээн, соторутааҕыта Хара Мас уонна Эбэлээх-Гусинай учаастактарга хапытаалынай өрөмүөннээх расконсервацияны ыыппыппыт. Биһиги соторутааҕыта туттарбыт эбийиэктэрбит ортолоругар Эбэлээх уопсай олорор дьиэ­тэ баар. Манна богуон-дьиэлэри ылбыппыт, бу дьиэлэр аан бастаан обсерваторга анаммыттара, онтон билигин геологтар олоруохтара. Бу богуон-дьиэлэр дууштаахтар, туалеттаахтар. Уопсай дьиэ оробуочайдар баҕа санаалара учуоттанан туттарыллыбыта. Холобур, үрүҥ түүннэргэ үчүгэйдик утуйар туһугар богуоннарга үөнтэн-көйүүртэн харыстыыр (москитнай) сиэккэлэр, жалюзи, сайын олус итии буоларынан, кондиционердар бааллар. Мин кэргэннээхпин, икки оҕолоохпун. Биһиги түмүгү ылар сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Биллэн турар, ханна да буоларын курдук, тыҥааһыннаах балаһыанньалар баар буолаллар. Ол гынан баран, ыарахан соруктары быһаа­рыы ирдэнэр – эр киһиэхэ сөптөөх үлэ. Хамнас биһиги дьүккүөрдээх үлэбитигэр эппиэттиир.

“Молуода” бириискэ култуурунай дьаһалларын тэрийээччи Мичил Гурьев уопсай дьыала туһугар эмиэ ыалдьар. Кини 15 сылтан ордук кэм устата Сунтаар улууһугар оскуолаҕа үлэлээбитэ, онтон производствоҕа баран, бастаан куттал суох буолуутун сулууспатыгар, бульдозериһынан үлэлээбитэ. Онтон кэнники сэттэ сылын “Молуода” бириискэтигэр култуурунай сынньалаҥы тэрийии­гэ анаата. Кини үлэтиттэн быыс буллаҕына, тэпилииссэлэргэ оҕуруот аһын олордор.

— Мин дьону кытары үлэлиир­бин сөбүлүүбүн. Биһиги ос­­туол тиэнниһигэр, бильярдка, күүһү-уоҕу эрэйэр көрүҥнэргэ успуорт күрэхтэһиилэрин, “Идэ бастыҥа” куонкуруһу ыытабыт. Ыһыахпытыгар оһуохайдыыбыт, Геолог күнүн, Саҥа дьылы уонна да атын бырааһынньыктары бэлиэ­тиибит. Биһиги өссө сууйуу сезона бүттэҕинэ, эстрада артыыс­тарын ыҥырар үгэс­тээхпит. Култуурунай дьаһалларга барытыгар хампаанньа харчы көрөрө үчүгэй. Сайын ус­­пуорт былаһааккатыгар футболлуубут. Мин санаабар, духуобунаһы уонна эт-­хаан өттүнэн сайдыыны тэҥҥэ тутуу олус наадалаах уонна суолталаах. Уопсайынан, киһи манна орто дойду олоҕун, чөл олох, туох туһугар олорорун уонна үлэлиирин, инники кэскилин туһунан элбэхтик толкуйдуур.

Виктор Цой 64 саастаах, кини хайа бырамыысыланнаһыгар олоҕун тухары үлэлиир. “Якутзолото” систиэмэтигэр, ыстарааталлар артыалларыгар үлэлээбитэ, онтон 2004 сылтан “Анаабыр алмаастарыгар” кэлбитэ. Майаат бириискэтигэр Морҕоҕор учаас­тагар маркшейдертан саҕалаа­быта. 2005 сылтан – хампаанньа сүрүн маркшейдера. Биир идэлээхтэрэ кинини Васильевич диэн ааттыыллар. Кини туһунан: бэрдээҥкэ саалаах соҕотоҕун эһэни бултаспытын, тайҕаҕа балаак­ката суох сүүһүнэн килэмиэтиргэ чэпчэкитик сылдьыбытын, кэрэ аҥаардарга хоһооннору хайдах суруйбутун туһунан араас номох баар. Кини бэйэтэ кэпсэтэргэ боростуой, бэл, номоххо киирбит хайа үлэһитин уобараһын туга да санаппат. Дьиҥэр, кини номоххо киирбит хайа үлэһитэ буоллаҕа.

— Биһиги сулууспабыт хайа үлэлэрин хонтуруоллааһыны, ол онно кыраныыссалары тутуһууну хааччыйар. Киэҥ сири сабар­даан ханна үлэлиири – хайа боруодаларын ханна хостууру быһаа­рабыт. 2014 сыллаахха Урукку Молуода уонна Далдын икки ардыларыгар сылдьарга табыгастаах буоллун диэн, ортотугар бөһүөлэги туппуппут, – диэн Виктор Васильевич кэпсиир.

Ону сэргэ хостооһун технологиятын быһаарда:

– Геологтар алмаас ис туругун быһаараары, балтараа да балтараа миэтэрэлээх, 10 миэтэрэҕэ тиийэ дириҥнээх сир баайын көрдүүргэ сири туруору дьөлө хаһыылары (шурфалары) ааһаллар (картаҕа көрдөрөр). Хостообут боруодаларын самосвалларга тиэйэллэр уонна суортарынан араарар ыстаансыйҕа ыыталлар. Биһиги былаан оҥоробут, шурфалары бэлиэтиибит, бырамыысыланнай куонтуру уруһуйдуубут.

Саха сиригэр оҥорон таһаарар хампаанньаны уонна АЛРОСА алын сүһүөх хампаанньатын сүрүннүүр энэргиэтигэ Александр Самойлов манна бииргэ төрөөбүтүн – Үөһээ Молуода уот ыстаансыйатын машиниһын кытары иккиэн үлэлииллэр.

– Биһиги Хаҥалас улууһуттан сылдьабыт, мин уу тырааныспарын институтун бүтэрбитим, урут өрүс үлэһитэ этим. Хампаанньаҕа 2012 сыллаахха кэлбитим, – диир Александр. – Билигин биһиги сууйуу сезонугар уот ыстаансы­йаларын бэлэмниибит, үлэ ыарахан эрээри, интэриэһинэй уонна эппиэтинэстээх. Билигин биһиэ­хэ эдэр үлэһиттэр сотору-сотору кэлэллэр. Бастатан туран, эдэр үлэһит үлэҕэ тардыһыытын көрөбүт. Дьиҥэр, туохха барытыгар үөрэниэххэ сөп, ол гынан баран, эн үлэҕэ сыһыаҥҥыттан уонна өйгүн-санааҕын ууран туран үлэлиир баҕаҕыттан эн хайдах исписэлиис буоларыҥ тутулуктаах. Биһиэхэ дьон үксэ хаалан үлэлиир.

“Молуода” бириискэ энэргиэтигэ Николай Кривошапкин эмиэ уот сыаҕар үлэлиир. Кини саҥа кэлбит стажеры кытары кэпсэтэр, сүрүн түгэннэри быһаарар. Элиэктириктэр тустаах соруктарынан ыраах сытар учаастактардаах бириискэлэри барытын тиһигин быспакка уотунан хааччыйыы буоларын быһаарда. Ыраах сытар учаастактардары уотунан дизель-генератордар хааччыйаллар.

— Билигин биһиэхэ 2023-24 сылларга сайаапканы хомуйуу хампаанньата бара турар. Ол аата, саппаас чаастар, кабеллар, атын да материальнай сыаннастар испииһэктэрин оҥоробут, – диир Николай. – Мин хампаанньаҕа 2013 сылтан баарбын, электрослесартан саҕалаабытым, онтон 2019 сылга бириискэ энэргиэтигэ буоллум. Намҥа олоробун, икки оҕолоохпун, 36 саастаахпын. Дьиэлээхпин, өссө биир дьиэ уонна гараас туттум, дьиэ кэргэним барытынан хааччыллыылаах. Манна баар курдук элбэх тэрили эһиги ханна даҕаны, бэл, Дьокуускайга көрүөххүт суоҕа, мин араас тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Хаһан баҕарар наада буолуохтаах уопуту ылабыт. Манна бырамыысыланнай тэрил уратылаах – 380 вольт күүрүүлээх, ону элиэктириктэр бары билэр буолбатахтар.

Стажер Владимир Егоров субу Дьокуускайтан кэллэ:

— Дьокуускайга 16 №дээх ПТУ “3 разрядтаах электромонтер” идэтин бүтэрбитим, үчүгэйдик үөрэммитим, кыһыл дьупулуом­ҥа кыранан тиийбэтэҕим. Мин санаабар, ким идэтигэр үчүгэйдик үөрэммиккэ сүүмэрдээһини барара чэпчэки буолуо, ол эбэтэр “Анаабыр алмаастарыгар” киирэр кыахтанар.

Токардар сыахтарыгар ыгым кэм – сезоҥҥа бэлэмнэнии. Манна эмиэ стажер баар – 23 саастаах Василий Ксенофонтов Үөһээ Бүлүү улууһун Дүллүкү сэлиэнньэтиттэн сылдьар.

— “Анаабыр алмаастарыгар” үлэ туһунан Тарас Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы бырамыысыланнай тиэхиньикуму бүтэрэн баран билбитим, – диэн Василий кэпсиир. – Былырыын сайаапкабын ыыппытым, быйыл ыҥырдылар. Мин сыалым-соругум судургу: уопут ылан, дьиэ атыылаһыы, таптыыр кыыстаахпын. Симиэнэҕэ 12 чаас устата үлэлиибин, онон уопсайбар кэллим да утуйан хаалабын.

Горняктар үлэлэрэ барыта быраабыланан көмүскэллээх. Бөһүөлэккэ “Көмөлөһөр хайа-быыһыыр хамаанда” диэн суруктаах дьиэ баар. Бу хамаанда бириискэ үлэһиттэриттэн турар, ол гынан баран, идэлээх быыһаач­чы – Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэрис­тибэтин Саха сиринээҕи байыаннай хайа-быыһыыр этэрээтин Мииринэйдээҕи салаатын взводун хамандыырын көмөлөһөөччүтэ Петр Гонза салайар. Кини – чуҥкуйар диэни билбэт үлэһиттэртэн биирдэстэрэ. Молуода өрүс кытылыгар баар кыраһыабай сирдэри хаартыс­каҕа түһэрэр, балыктыыр.

— Биһиги хампаанньаны кытары дуогабарынан үлэлиибит: мин график быһыытынан Майаакка уонна Молуодаҕа баарбын. Биһиги сорукпут: хайа үлэтигэр горняктары быыһааһын, оттон карьерга – саахал тахсар балаһыанньатын эрдэттэн туоратыы. Горняк үлэтэ олус куттал­лаах, ол иһин, кини куттал суох буолуутун быраабылатын барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ чопчу тутуһуохтаах. Холобур, каасканы кэтэр булгуччу­лаах. Хаһан эрэ эдэр быыһааччы эрдэхпинэ, шахтаҕа бүдүрүйбүтүм, төбөбүнэн кабельга охсуллубутум – кааскам хайа барбыта, кааската суоҕум буоллар, иэдээн буолуо эбит. Биһиги бөһүөлэкпит олус тупсаҕай, култуура дьаһалларын тэрийээччи өрө көтөҕүллэн үлэлиир, балыктыырга эмиэ күрэхтэһиилэр бааллар. Онон, манна “сурок күнэ” буолбатын курдук, олохпут араас өрүттээх буоларыгар кыһаллаллар. Бэйэлэрин үлэһиттэригэр маннык кыһамньылаах тэрилтэ аҕыйах.

Геология-чинчийэр баартыйатын начаалынньыгын солбуйааччы Дмитрий Иванов геологтар үлэлэрин туһунан кэпсиир. Кини алмааһы хостуур салааҕа 2006 сылтан баар, оттон 2014 сылтан Молуодаҕа кэлбитэ.

— Бириискэҕэ 154 геолог үлэлиир. Биһиэхэ өрүс кыйа богуончуктар бааллар. Саамай ыраах­тара мантан 280 килэмиэтиргэ сэтинньиттэн ыла бааллар. Каадырдар бары кэриэтэ олохтоох­тор, элбэх киһи тыа хаһаайыстыбатын оройуоннарыттан кэлбит.

Геолог-проходчиктар үлэлэрэ ыарахан, сүрүннээн ыччаттар үлэлииллэр, дьиҥэр, сүрүн тирэхпит уопуттаах исписэлиистэртэн турар. Шурфалар икки ньыманан оҥоһуллаллар: пожог-проморозка уонна БВР – эһэр-дэлби тэптэрэр үлэлэр. Бастакы ньыма – көөрөтөр өтүйэлэринэн уонна лаппаахыларынан сири хаһыы. Ити курдук, биһиги горняктарга саҥа үлэ миэстэтин быһаарабыт.

Олохтоох дьону бырамыысыланнаска сыһыарар туһунан эмиэ кэпсэттибит.

— Биһиги билигин саха дьонуттан горняктар элбэх ахсааннаах саҥа көлүөнэлэрэ баар буолан иһэрин көрө-истэ сылдьабыт, – диир Дмитрий. – Үлэ ыарахан. Мин хайа үлэһититтэн саҕалаабытым – лаппаахынан үлэлээбитим: погрузчик таас боруоданы самосвалга быраҕара, онтон биһиги тобох хаалбатын курдук ыраастыырбыт. Элбэх улары­йар, ол гынан баран, бу син биир эт-сиин өттүнэн бэлэм буолууну эрэйэр үлэ, онно сөп түбэһэр (ол иһигэр доруобуйаҥ туругунан) уонна бэлэм буолуохха наада.

Орто Молуода суордунан наардыыр учаастагын ыстаарсай маастара Николай Алексеев үлэтин кэпсээнэ эмиэ баай: кини хампаанньаҕа 2014 сылтан үлэлиир. Суордунан наардыыр фабрикаҕа алмаастаах боруоданы сууйаллар уонна сезон муус ууллуоҕуттан – ыам ыйын бүтүүтэ өрүскэ уу кэлиэҕиттэн саҕаланар.

Билигин “фабриканнар” бэйэ­лэрэ иккис фабриканы түргэнник таҥаллара көстөр. Биир сезоҥҥа сүүһүнэн тыһыынча кубометр боруоданы сууйаллар. “Ол гынан баран, алмааһы бэйэтин көрбөтөҕүм”, – диир Николай. Чиҥник байытыллыбыт маасса бөһүөлэккэ ыытыллар, онтон байытар фабрикаҕа көстүүтэ суох таастартан чаҕылхай алмаастар баар буолаллар.

Оттон бу уопуттаах үлэһит – 7 разрядтаах бульдозерист. Кинилэр манна олус сыаналаналлар. Дмитрий Иванов Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут сэлиэнньэтиттэн сылдьар.

Симиэнэтигэр ыксыыр – манна тохтобул буолбат: вахтовкаҕа аҕаллылар да, тута бульдозерыгар олорор. “Үлэҕэ саамай ыарахан тугуй?” – диэн эрэ ыйытан хааллым. Хардата да судургу: “Билбэппин, мин үөрэнэн хаалбыппын”.

Кэпсэтиилэртэн бириискэ үлэһиттэрэ үлэлиир уонна сынньанар усулуобуйаларыттан астыналларын, үлэ манна баарын, оттон суурайыллар саппаас­тар хас да сылга тиийэллэрин өйдөөтүм. Онон, Молуода горняк­тара сарсыҥҥы күннэригэр эрэл­лээхтэр. Бастаан урукку полигоҥҥа үлэлээбиттэрэ. Онтон 2014 сыллаахха Үөһээ Молуодаҕа тайҕа быыһыгар бөһүөлэги туппуттара, ол гынан баран, оччолорго саппааһы сыаналааһын 2019 сылынан хааччахтанара. Оттон кэнники сылларга алмаас саппаа­һын чопчулааһынан сибээстээн, бириискэ эмиэ “иккис тыыннаммыта”. Онон, бырамыысыланнаска үлэ элбэх!

Хампаанньа бөлөхтөрүн тэрилтэлэригэр үлэҕэ уочараттаах сүүмэрдээһин уонна саҥа бакаансыйалар тустарынан иһитиннэрии нэдиэлэ аайы АЛРОСА VK https://vk.com/alrosasakha официальнай аккауннарыгар уонна https://t.me/Alrosa_news ТГ-ханаалыгар, ону сэргэ АЛРОСА тэрилтэлэрин аккауннарыгар бэчээттэнэр.

Игорь САВВИНОВ суруйуутуттан тылбаас.

Никита прокопьев хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0