«Өлбөт үйэлээх полк» онлайн-киэбинэн ыытыллыаҕа

Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы күнүгэр «Өлбөт үйэлээх полк» онлайн-киэбинэн ыытыллыаҕа.

Ыам ыйын 9 күнүгэр күнүс 15.00 ч. Арассыыйа бары эрэгийиэннэригэр «Өлбөт үйэлээх полк» онлайн-киэбинэн ыытыллыытын көрдөрүөхтэрэ. Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарын, тыыл, үлэ бэтэрээннэрин хаартыскатын үйэтитэр соруктаах, онлайн-көрдөрүүгэ киллэриэн баҕалаахтар ыам ыйын 7 күнүгэр диэри «Өлбөт үйэлээх полк» http://2021.polkrf.ru/ эбэтэр vk.com/polk-app, одноклассниктар ok.ru/app/polk, банк памяти сайаапканы түһэриэххэ сөп. Тэрийээччилэр этэллэринэн, ааптар регистрацияламмытын кэнниттэн, киниэхэ трансляция хаһан буоларын туһунан иһитиннэрии кэлиэхтээх.

Сайаапканы толоруу быраабылата:

— 2021polkrf.ru сайтка киир

— Кыттабын диэн кунуопканы баттаа

— Эрэгийиэҥҥин тал

— Бырайыакка  e-mail эбэтэр төлөпүөн нүөмэрин киллэрэҕин.

— тус кабинеккар бэтэрээн аатын-суолун, олорбут сылларын, хаартыскатын уонна тус бэйэҥ хаартыскаҕын эмиэ киллэрэҕин. Хаартыска 5 мгб улахана суох буолуохтаах. Манна 15 дьоруойга тиийэ киллэриэххэ сөп.

Ульяна Захарова.

Хаартыска Интэриниэт ситимиттэн туһанылынна.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0