«Өлбөт үйэлээх полк» хаамыыга уонунан тыһыынча киһи кытынна

09.05.2019
Бөлөххө киир:

Кыайыы күнүгэр Дьокуускай куоракка үгэс буолбут «Өлбөт үйэлээх полк» сэлэлии хаамыы буолла.

edersaas.ru

Быйылгы хаамыыга хас да уонунан тыһыынча киһи Кыайыыны уһансыбыт чугас дьонун мэтириэтин туппутунан Кыайыы болуоссатыгар тиийэ хаамтылар.

«Өлбөт үйэлээх полк» аахсыйа өрөспүүбүлүкэҕэ  номнуо сэттис сылын ыытыллар. Сэттэ сыллааҕыта бастакы хаамыыга икки тыһыынча кэриҥэ киһи кыттыбыта.

Бүгүн сорох дьон саҥа бастакытын сэлэлии хаамыыга кыттыстылар.

Дьокуускай куорат 17-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 9 «в» кылааһын үөрэнээччилэрэ  сэлэлии хаамыыга кытыннылар. Оҕолор эһээлэрин, хос эһээлэрин, аймахтарын хаартыскаларын тутан дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ кыттыбыттара хайҕаллаах.

Биһ.корр., edersaas.ru

Хаартыска: СИА, Сайаана Львова

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0