Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаммыт «Өлбөт үйэлээх полк» («Бессмертный полк») аахсыйаны эһиил, 2021 сылга, көһөрүү туһунан этии киирдэ.
edersaas.ru
Тэрийээччилэр бу быһаарыныы ылыныллыбыт төрүөтүнэн дойдуга үөскээбит эпидемиологическай балаһыанньанан быһаараллар. «Өлбөт үйэлээх полк» («Бессмертный полк) аахсыйа от ыйын 26 күнүгэр ыытыллыахтаах этэ. «Ведомости» хаһыат эрэгиэйннэргэ аахсыйа балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыытыллыан сөп диэн суруйда. ССРС народнай артыыһа, аахсыйа киин ыстаабын хос бэрэссэдээтэлэ Василий Лановой эһиил, 2021 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр көһөрөргө этии киллэрдэ.
Түмүктээх быһаарыы дойдуга эпидемиологическай балаһыанньа тубустаҕына биллиэҕэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска — интэриниэттэн.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1