Өлбөөдүйбэт өйдөбүл

Ааптар: 
18.04.2020
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгиттэн Ийэ дойду көмүскэлигэр элбэх ыччат барбыта.

edersaas.ru

Кинилэр кэккэлэригэр мин абаҕаларым эмиэ бааллара. Хомойуох иһин, кинилэр уотаах сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ, туспа ыал буолан торҕо буруону унаардыбатахтара… Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө мин абаҕаларым, эһээм Семен Львович Оконешников-Туотайар Сэмэн бииргэ төрөөбүт бырааттара Иван Львович уонна Семен Львович II Оконешниковтар тустарынан  суруйарга сананным.

Абаҕаларым төрөппүттэрэ Өкүлүүн уонна Лиэп Оконешниковтар ыал буолан, бур-бур буруону унаарытан, саха сиэринэн ынах-сылгы сүөһүнү ииттэн, Алаҕар нэһилиэгин Лампаарыкы диэн биир кэрэ алааһыар олохсуйан олорбуттара. Бэрт сытыары-сымнаҕас майгылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүө сыһыаннаах, сахалыы сайаҕас санаалаах дьон эбиттэр. Өкүлүүн саха былыргы дьахтарын үгэһинэн, дьиэ-уот күннээҕи түбүгүн-садьыгын барытын толорон, улаатан эрэр оҕолоругар куобах тириитин имитэн бэргэһэ уонна үтүлүк, атын да иистэри илиитин араарбакка тигэрэ. Лиэп нэһилиэккэ аатырбыт тимир ууһа Сиидэр Уустан үөрэнэн, бу уустук уонна мындыр идэҕэ сыыйа-баайа сыстан киирэн барбыт. Болгуо тимири эттээн-эллээн, муус анньар анньыыны оҥорортон саҕалаан, сири таҥастаан бурдук ыһарга туттуллар тэрили, ол иһигэр суханы, баһымдьыны, барананы уратытык чочуйан оҥорор, туспа буочардаах уран уус буолбут. Оччолорго киһини дэгиттэр баһылаабыт идэтинэн ааттааһын үгэһэ киэҥник тэнийбит буолан, биир дойдулаахтара кинини “Иэп Уус” диэн сүрэхтээбиттэр. Иэп Уустаах аҕыс (түөрт уол уонна түөрт кыыс) оҕоломмуттар.

Эйэ холуубун оҥорон хаалларбыттара

Мин абаҕаларым: кыра Сэмэн 1917 с., Уйбаан 1920 с. күн сирин көрбүттэр. Саха үгэһинэн сиэри-туому тутуһар, кыра саастарыттан от-мас үлэтигэр эриллэн төһүү үлэһит, төрөппүттэрин батан, сытыары сымнаҕас майгылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэлээх дьон буола улааппыттар. Ону таһынан бэрт тэтиэнэх, бэйэлэрин кыанар, үс үүттээх күрүөнү үрдүнэн ойор уолаттар эбиттэр. Саамай үүнэр-сайдар саастарыгар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии буолан, аармыйаҕа сылынан быысаһан ыҥырыллыбыттар.

Лампаарыкыттан элбэх ыччат Ийэ дойдутун көмүскүү барбыт. Аармыйаҕа бастакы хомуурга ыҥырыллыбыт уолаттар, ол иһигэр мин абаҕаларым, дойдуларыттан арахсыахтарын биир хонук иннинэ, сайыҥҥы нуурал киэһэ алаастарыттан чугас турар Булгунньах диэн сир халдьаайытыгар мустубуттар: «Саалаахтан самныбакка, охтоохтон охтубакка эргиллиэхпит. Кыайыы көтөллөнөн, дойдубутугар хайаан да кэлиэхпит», – диэбиттэр.

Итиэннэ маһынан Эйэ холуубун оҥороннор, саамай үрдүк тиит чыпчаалыгар кэтэрдэн кэбиспиттэр. Бу Эйэ холууба эдэркээн уолаттар дойдуларыгар тапталларын, төрөөбүт сирдэригэр эргиллэр күүстээх баҕа санааларын, сэрии кыайыынан түмүктэнэригэр эрэллэрин бэлиэтэ этэ. Кырыктаах кыргыһыыттан кинилэртэн үгүстэрэ дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ… Арай, Булгунньах халдьаайытыгар чэлгийэ үүнэн турар үөл тиит чыпчаалыгар хаалларбыт кэриэстэрэ, эйэлээх олоххо тардыстыы бэлиэтэ холууп,  кинилэри санатан билигин да турар…

Сураҕа суох сүтэллэр дуо?!

Абаҕам Сэмэн аармыйаҕа биир бастакы хомуурга, 1941 сыл балаҕан ыйын 7 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Барарыгар 24 саастаах эбит. Кырдьаҕас эдьиийбит Наталья Яковлевна кэпсииринэн, абаҕабыт Сэмэн сэрии иннигэр аҕай Өлөөнө диэн кыыһы кэргэн ылан, кырачаан оҕоломмут. Хомойуох иһин, Сэмэн сэриигэ бараатын кытта, ол оҕо өлбүт. Өлөөнө кэлин Савва Попов диэн киһиэхэ кэргэн тахсыбыт.

Сэмэн фронтан холкуос бэрэссэдээтэлэ Петр Петрович Баишевка аадырыстаан, дьонугар ааҕан биэрэргэ көрдөһөн суруйар эбит. Кэлиҥҥи суругар элбэх наҕараадалардааҕын, этэҥҥэ сылдьарын, доруобуйата үчүгэйин, биир эрэ тарбаҕын сүтэрбитин, Берлиҥҥэ чугаһаабыттарын туһунан суруйбут. Кини ханна, хайдах өлбүтэ чуолкайа суох. «Сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ» диэн испииһэккэ «Семен Львович Оконешников — II фроҥҥа өлбүтэ» диэн суруллубут. Бииргэ төрөөбүттэрэ Сэмэни хойукка диэри кэтэспиттэр…

Оттон Уйбаан аармыйаҕа ыҥырыллар бэбиэскэни 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр туппут. Оччолорго 22 эрэ саастаах, кэргэннэнэ илик эбит. Сталинград сэриитигэр сылдьан, 1942 сыл алтынньы ый 1 күнүгэр сырдык тыына быстыбыт. Ити курдук эдэркээн абаҕаларым ытык иэстэрин толоро сылдьан, араас дьылҕаламмыттар: Сэмэн сураҕа суох сүтэр, оттон Уйбаан сырдык тыына быстар.

«Өлбөт үйэлээх полк» кэккэтигэр

Уйбааннаах Сэмэн хаартыскаларын бииргэ төрөөбүттэрэ: мин эһэм Туотайар Сэмэн, Аана-I, Аана-II, Үстүүнньэ, Боккуойа, Хабырыыс кэриэстээн уура сылдьыбыттар. Билигин ол хаартыскалар кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр харалла сыталлар. Сыл аайы Кыайыы күнүгэр абаҕаларбыт мөссүөннэрин өрө тутан Кыайыы параадыгар кыттабыт, «Өлбөт үйэлээх полк» кэккэтигэр хаамсабыт. Бу буоллаҕа кэриэс-хомуруос, өлбөөдүйбэт үтүө өйдөбүл, истиҥ санаа иэйиэхситэ диэн.

Абаҕаларым сэриигэ аттаналларыгар, аҕабын Уйбааны (оччолорго биирдээх-иккилээх оҕону) көтөҕөн, сыллаан-уураан, улаатан туһа киһитэ буолаар диэн алҕаан барбыттарын туһунан, киниэхэ аҕата Туотайар Сэмэн кэпсиир эбит. Аҕам Иван Семенович быйыл 80 сааһын туолан олорон, кинилэр тустарынан истиҥник ахтар-саныыр, тугу истибитин-билбитин биһиэхэ быһааран кэпсиир. Сураҕа суох сүппүт абаҕата Сэмэн дьылҕатын ирдэһиэн-билиэн баҕарар.

Түмүк оннугар

Булгунньах халдьаайытыгар үрдүк тиит чыпчаалыгар анньыллыбыт эйэ холууба ардаҕы-хаары аннынан арҕаа диэки хайыһан билигин да турар. Аарыма тиит барахсан үйэни уҥуордаан лабаалара аҕыйаатар-ахсаатар даҕаны, билигин да төрөөбут төрүт сириттэн күүс-сэниэ эбинэн, ордубут лабааларын күн сырдыгар угуйар. Сэриигэ барбыт эдэркээн уолаттар эргиллэн кэлэллэрин кэтэһэргэ, кинилэри суохтуурга дылы….

Парасковья Попова-Тускулаана, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуотттах үлэһитэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ. «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0