Латынныы суруктаах бэчээт (видео)

18.04.2022
Бөлөххө киир:

“Саха сирэ” хаһыат “Эдэр саас” саайтын нөҥүө ыыппыт “Үйэлээх мал” куонкуруһа, чахчыта да, үйэлээх буолар чинчилээх. Бу туһунан бүгүн куонкурус түмүгүн таһаарыы сиэригэр-туомугар кыттааччылар  тоһоҕолоон эттилэр.

edersaas.ru

 Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Галина Ивановна Белых куонкуруска солуоманан киэргэтиллибит холбуканан, бэчээт уонна оҕуруо курдук дьикти тыыннаах малларынан кыттыбыта.

Бүгүн кини, “СӨ устуоруйатын кытта сибээстээх мал” (устуоруйа кэрэһитэ) номинация кыайыылааҕа буолан туран, олохтоох нэһилиэк бэчээтин уура сылдьалларын көрдөрө аҕалбыт.

«Бу бэчээккэ “Арҕаа Хаҥалас оройуонун 3-с Малдьаҕар нассовета” диэн латынныы буукубаларынан хаһыллан суруллубут.  Таайым Семен Константинович Кононов 1930-с сылтан саҕалаан нэһилиэк сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ, онтон 1950-с сылларга кинини Үрдүкү сэбиэт үһүс ыҥырыылаах дьокутаатынан талбыттар. Онон үлэтэ наһаа элбэх, ол туһунан кэпсиир бу бүтүн паапканы оҥордум. Манан кини үлэтэ, ахтыылара, грамоталара бааллар.

“Үйэлээх мал” куонкуруска кыттан наһаа үөрдүм-көттүм. Биһиги дьиэбитигэр өссө да атын сэдэх маллар бааллар, онон маннык куонкуруһу өссө да ыытаргыт буоллар, кыттыа этибит”, — диэн улахан махталын тириэртэ.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0