Латвия Хомусчут Өндөрөйө

29.11.2016
Бөлөххө киир:

Биир күн “Фейсбугу” хасыһа олорон, арай нуучча киһитэ сахалары кытта хомустуу турар хаартыскатын, онтон видеотын көрөн баран, олус сөхпүтүм уонна соһуйбутум. Уонна кинини булан,  “Итии чэйгэ” кэпсэтэргэ санаммытым. Дьэ, онон хаһыаппытыгар ыалдьыттыыр Андрей Царь — бэйэтин “Хомусчут Өндөрөй” диэн ааттанар айар куттаах киһи.


— Андрей, эн туох идэлээххиний, тугу үлэлиигиний?

— Судаарыстыбаннай тэрилтэҕэ иһитиннэрэр систиэмэ администраторынан үлэлиибин. “Системнэй аналитик” диэн анал үөрэхтээхпин. Онон идэм олох бары эйгэтигэр үлэлиирбэр олус көмөлөһөр.

— Саха хомуһа эйигин хаһааҥҥыттан “бэйэтигэр тарта”?

— Аҕыс сыл буолла, саха хомуһун кытта “доҕордоспутум”. Быстах кэмҥэ үлэтэ суох олорон, уруккуттан интэриэһиргиир Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын муусукаларын туһунан матырыйааллары көрдөөн, интернеккэ анаан “хаһыспытым”. Ол олорон хомус (варган) тыаһын олус тартаран истибитим. Бу инструмент, сүрүннээн, саха норуотун култууратын кытта ыкса сибээстээҕин туһунан бэрт үгүс матырыйаалы ааҕан билбитим.

— Эн олох уу сахалыы “Хомус Өндөрөй” диэн псевдонимнааххын. “Ө”буукубаттан саҕаланар аатыҥ эйиэхэ тугу эмэ түстүүр дуу?

— Мин “ҥ”, “ҕ”, “ө” ,”һ”, “ү” буукубалары өрүү тутта сатыыбын. Мин санаабар, буукуба туттуллуохтаах тылыгар хайаан да туттуллуохтаах. Хомойуох иһин, сахалар бэйэлэрэ саха тыла сөптөөхтүк туттуллуутун кэтээн көрбөттөр диэн бэлиэтиэм этэ. Саха тыла ордук айан суолун аартыгар суруллар сирдэр, үрэхтэр, үрүйэлэр ааттарыгар үгүстүк “көйгөтүтүллэр”. Оттон псевдониммар тохтоотоххо… Араспаанньам “Царь” диэн. Онон, баҕарбатарбын да, ааппын уларытарга күһэллэбин. “Хомусчут” диэн ааты Латвияҕа олорор саха диаспоратын дьоно биэрбиттэрэ. Бу ааппын сирбэппин. Өссө киэн туттабын диэххэ сөп. Омуктар сомоҕолоһууларыгар анаммыт тэрээһиннэргэ хомуска оонньоон, саха омугун аатыттан кыттабын. Хомуска оонньуурбар саха национальнай көстүүмүн хайаан да кэтэбин. Бу мин саха омугар убаастабылым бэлиэтэ.

— Фейсбукка эн доҕотторуҥ, сүрүннээн саха дьоно. Үгүстэрин “доҕордоһууга” чахчы бэйэҥ ыҥырар буоллаҕыҥ дии. Туохха олоҕуран, “бу киһини кытта доҕордоһор эбиппин” диэн талаҕын?

— Саха интернетэ – ураты феномен. Биир өттүнэн, биһиэхэ, “уһун муруннаах” европеецтарга, саха киһитэ син биир экзотика. Дьоппуоннар курдук диэххэ дуу. Атын өттүнэн – нуучча норуотун кытта ыкса сибээстээх буолан, култуураҕыт тоҕо эрэ биһиэхэ олус чугас уонна тиийимтиэ. Ол курдук, ханнык баҕарар нууччалыы тыллаах киһи, бэйэтин таһымыгар сөптөөх саха норуотун туһунан тугу интэриэһиргиирин интернеттэн, социальнай ситимнэртэн барытын билиэн сөп. Биэдэмистибэлэр уонна тэрилтэлэр саайтара, сонуннар порталлара олус дириҥ ис хоһоонноохтор, киһи интэриэһин тардар гына суруйуулардаахтар. Ол эрээри ааптар быраабын туһунан сокуоҥҥа олоҕуран буолуо, саха норуотун култуурунай нэһилиэстибэтин туһунан баай матырыйаал “көҥүллэммэт” (“не доступен”) диэн көрдөрөр. Хомойуох иһин, онно саха суруйааччыларын бырагыраамаҕа киирбит айымньылара (Олоҥхо толору тиэкиһэ кытта!) көҥүллэммэттэр диэн. Дьиҥэр атын омук дьоно саха уус-уран айымньытын эмиэ ааҕыахпытын баҕарарбыт учуоттаммата сыыһа. Ол иһин духуобунай өттүнэн байаары, саха норуотун туһунан элбэҕи билээри, сахалары кытта анаан билсиһэ сатыыбын.

— Эн фейсбугуҥ сүрүн сирэйигэр бэртээхэй хомус ойуута киһи болҕомтотун тардар. Маныаха кытта болҕомтоҕун уурбутуҥ хайҕаллаах суол…

— Ити “аватаркабын” 2011 сыллаахха Дьокуускайга ыытыллыбыт “Хомус — аан дойду култууратын эйгэтигэр” диэн норуоттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт варган конгресс-бэстибээлиттэн “уорбутум”. Ойуу ааптарын интернеттэн көрдүү сатаабытым да, булбатаҕым. Бу ойуу — мин дууһам ис туругун көстүүтэ. Ол иһин буолуо, миигин ордук арыйар буолан, дьон болҕомтото да туһаайыллар буоллаҕа.

— Өндөрөй, эн, нуучча киһитэ, саха норуотун хомуһун туох санааттан пропагандалыырга санаммыккыный?

— Арааһа, мин омукпун “нуучча” диэбэккэ, “сэбиэскэй” диир ордук буолуо ээ. Дьону омугунан дуу, олорор сиринэн дуу араарбаппын. Саха култуурата миигин бэйэтин олус чочуллубутунан, бары өрүтү киэҥник хабарынан, дириҥ силистээҕинэн-мутуктааҕынан интэриэһиргэтэр. Хомус – ол култуура биир кыра эрээри, олус суолталаах чааһа. Мин хомуска сыһыаннаах норуот маастардарын үлэлэрин, хомусчуттар толорууларын хаартыскаларын, тиэкистэрин, уһуллууларын фейсбугум сирэйигэр “уган”, атын үгүс киһи биллин-көрдүн диэн соругу туруорабын.

— Философиялаан ыллахха, хомус тыаһа киһини ураты турукка киллэрэр дииллэрин кытта сөпсөһөҕүн дуо? Эн хомус тыаһын иһиттэххинэ, космос куйаарыгар “көтөҕүн” дуо?

— Хомус тыаһа – киһи тыаһа. Хомус инструмент быһыытынан биллэр-биллибэттик дьүрүһүйэр эрэ тыаһы биэрэр. Уоннааҕы тыас – киһи ис туругун, этин-сиинин кытта ыкса сибээстээх. Хомустуур кэмигэр бу киһи этин-хаанын кытта ис уйулҕата бүттүүн арыллар. Ол да иһин, үгүс киһи хомус тыаһын кытта ийэ айылҕатын сибээстиир буоллаҕа. Оттон атын инструмент киһиэхэ итинник дьайыыта суох. Онон билэр дьон хомус тыаһын космос куйаарын кытта сибээстииллэрэ саамай сөп дии саныыбын. Үчүгэйэ диэн, хомуска оонньуурга эн нотаны үөрэппэккин, тылгынан саҥаран тыас таһаараҕын. Миэхэ тус бэйэбэр хомус күннэтэ туттар быһаҕым, тарааҕым кэриэтэ. Уон мүнүүтэ хомуска оонньоон ылбатахпына, ол күн тугум эрэ тиийбэт курдук.

— Ити хомуска сыһыаннаах бэртээхэй ис хоһоонноох устуулары хантан, хайдах булаҕыный?

— Ити боппуруоһу мин эһигиттэн, сахалартан, бэйэҕититтэн ыйытыам этэ. Мин сахалар устубут видеоларын көрдөөн булан, фейсбукка угабын эрэ. Хомойуох иһин, ону көрдүүргэ соло суох. Биллэн турар, бириэмэлээҕим буоллар элбэҕи булуом этэ. Өскө хас биирдии хомуска сыһыаннаах киһи устар биэриитин, матырыйаалын ютубка уган, “#хомус” диэн бэлиэтиирэ буоллар, мин саҕа дьоллоох киһи суох буолуо этэ. Санаан көрүҥ, төһөлөөх хомуска сыһыаннаах олус наадалаах хаартыска/киинэ/ видео/аудиоуһуллуулар мусуойдарга быыллыйан сыталлара буолуой? Хаарыаны, ол онтон тииһиммит киһи ньии…

Елена ПОТОЦКАЯ.

Хаартыскаҕа: Өндөрөй уҥаттан бастакы.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0