Эдэркээн Лара 1984 сыллаахха Өктөмҥө (Хаҥалас улууһа) оҕо саадыгар үлэлии кэлэн баран, хайдах да маккыраччы ытыы турар оҕону аҕыйах мүнүүтэ иһигэр уоскутарын бииргэ үлэлиир дьоно сөҕө көрөллөрө. Оччолорго туох албаһы дуу, ньыманы дуу туттарын бу диэн бэйэтэ да быһаарар кыаҕа суоҕа. edersaas.ru
Арай билигин, олоҕун орто омурҕаныгар үктэнэн баран: «Оҕону ис дууһаттан таптыахха эрэ наада. Дьиҥнээхтик таптаабат, өйдөөбөт киһи иитээччи буолар кыаҕа суох. Оҕо ис санаатын таба таайар, билэр иитээччи, ханнык баҕарар оҕону кытта уопсай тылы булар эбит», — диэн олоҕун оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр үлэҕэ анаабыт, Өктөмнөөҕү «Туллукчаан» уһуйаан үрдүк категориялаах иитээччитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Саха сирин бэрэсидьиэнин гранын кыайыылааҕа Лариса Атласова этэр.
Үлэлиир бырагыраамаҕа тус санаа
— Лариса Петровна, тоҕо чопчу иитээччи идэтин талбыккыный?
— Оҕо эрдэхпиттэн алын кылаас учуутала буолар ыра санаалаах этим. Оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэнэр курдук этим да, университекка талбыт идэбэр киирэрбэр баалым тиийбэтэҕэ. Тута Өктөмҥө көһөн тиийэн, уһуйааҥҥа ньээҥкэнэн киирбитим. Ньээҥкэлии сырыттахпына: «Лариса, эн иитээччи буоларга айылҕаттан ананан төрөөбүккүн, киирэн үөрэн», — дииллэрин ылынаммын, кэлин үөрэммитим. Ити тухары уһуйааммыттан тэйбэтэҕим.
— Уопуттаах иитээччи быһыытынан, билигин үлэлиир бырагыраамаҕытыгар итэҕэстэр бааллар диэн көрөҕүн дуо?
— Биһиги уһуйаан «От рождения до школы» уонна «Тосхол» бырагыраамаларынан үлэлиибит. Тустаах бырагыраама барыта босуобуйалаах: тылы сайыннарыы, ахсаан, тулалыыр эйгэни, айылҕаны билиһиннэрии. Онно сыллааҕы былаан тиэмэлэрэ уонна күнүнэн аттарыллан оҥоһуллубут дьарыктар сөп түбэспэттэрэ элбэх диэн көрөбүн. Дьиҥэр, маннык бырагыраама барыллаан диэн, иитээччи халыып эрэ курдук туһаныахтаах. Ол эрээри, сөп түбэспэтэ үгүс уонна сорох дьарыктара олус судургулар, ситэтэ суохтар диэн көрөбүн. Иитээччи син биир бэйэтэ уларытан, киллэрэн биэрэрэ элбэх. Ыллыҥ да туһаммаккын.
Анал бырагыраама
— Бэйэҥ анал бырагыраамалардааххын дуу?
— Маҥнай оҕону патриотическай иитиигэ «Өктөм кэскилэ» диэн бырагыраама оҥорбутум. Кэлин «Олоҥхо уус-уран тылынан оҕо тылын саппааһын байытыы» диэни суруйбутум. Элбэх дидактическай оонньуулардаахпын. Бастакы идэм – тыл үөрэҕэ. Онон оҕо тылын сайыннарарга ордук дириҥэтэн үлэлиибин. Аныгы оҕо нууччалыы-сахалыы буккуйан саҥарар, сыыһа туттара да үгүс. Олоҥхо баай уус-уран тылыгар-өһүгэр ойуулуур-дьүһүннүүр, билигин туттуллубат буолбут, эргэрбит тыл элбэҕин бэлиэтээн, ырытан көрбүтүм. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕоҕо сөптөөх тыллары булан тылдьыт оҥорбутум. Ол тыллары билиһиннэрэбин. Оҕо тыл суолтатын өйдөөтөҕүнэ уонна истэн эрэ кэбиспэккэ, күннээҕи олоҕор тутта үөрэннэҕинэ эрэ ылынар. Онон ити бырагыраамабынан үлэлээн, ситиһиибит үгүс. Оҕо саҥата биллэ тупсар эбит. Бүтүн Арассыыйа таһымнаах куонкурустарга, кэмпириэнсийэлэргэ тиийэ кыттабыт, миэстэлэһэбит.
— Сорох учууталлар оҕо оскуолаҕа номнуо ааҕар буолан киирэрин ирдииллэр. Эн санааҕар, оҕо уһуйааҥҥа туохха үөрэниэхтээҕий?
— Тус бэйэм оҕо социальнай сайдыытыгар улахан болҕомтобун уурабын. Оҕо бэйэтин саастыылаахтарын, улахан дьону кытта алтыһа, кэпсэтэ, толлубакка ыйытыы биэрэ үөрэниэхтээх. Тоҕо диэтэххэ, ити ахсааны, ааҕыыны, суруйууну барытын оскуолаҕа үөрэтэллэр эбээт. Уһуйаантан дьону кытта толлубакка алтыһа үөрэммит, бэлэм тахсыбыт оҕо төһө баҕарар үөрэнэр, сайдар кыахтаах.
“Сахалыы бырагыраама суох”
— Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ билиҥҥитэ уһуйааннарга туох кыһалҕалар бааллар дии саныыгыный?
— Үөрэҕи саҥа бүтэрэн кэлбит иитээччилэри сахалыы анал бырагыраама суоҕа атахтыыр. Холобура, тылга сыһыаннаах иитээччи, тылбаастаан, саҥаны киллэрэн, балаһыанньаттан син тахсыаҕа. Оттон тылбааһы ыарырҕатар киһи уустуктары көрсөрө биллэр. Сахалыы анал дьарыктарынан аттарыллыбыт бырагыраама баара буоллар диэн этиилээхпин. Оскуола иннинээҕи саастаах оҕону иитэр-үөрэтэр эйгэҕэ тиэрмин тылдьытын оҥорор баҕа санаалаах буолан, магистратураҕа үөрэнэ киирбитим. Үлэбин ити тиэмэҕэ суруйа сылдьабын.
“Оҕолоргутун кытта элбэхтик кэпсэтиҥ”
— Былааныҥ букатын киэҥ эбит. Төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
— Оҕолоргутун кытта элбэхтэ кэпсэтиҥ, остуоруйата кэпсээҥ. Төрөппүт оҕотун кытта киэһэтин уонна өрөбүллэригэр эрэ алтыһар. Ол да буоллар, күн аайы саатар чаас аҥаара бириэмэ анааҥ. Аныгы төрөппүт оҕотун кытта букатын кэпсэппэт. Кэнники сылларга мөлтөхтүк саҥарар оҕо олус элбээтэ. Тэлэбиисэр, төлөпүөн, көмпүүтэр оҕолоро. Биэс саастаах букатын сатаан саҥарбат оҕолор бааллар. Чэ, иккилээх-үстээх оҕону бырастыы гыныахха сөп. Биэс саастаах оҕо!.. Кинини кытта төһөлөөх үлэ ирдэнэрий?! Арай, уһуйааҥҥа логопед суох буоллун?! Ити оҕо эрэйи көрөр ээ. Барытын өйдүүллэр, ол эрээри кыайан саҥарбаттар. Барахсаттар, өйдөөбөккүттэн кыыһыраахтыыллар.
“Иитээччи идэтин талбыппыттан кэмсиммэппин”
— Лариса Петровна, элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтүҥ, бэйэҥ биэс оҕо ийэтэҕин, минньигэс сиэн тапталлаах эбээтэҕин, үлэҕэр күн аайы сүүрбэттэн тахса оҕону көрөҕүн. Сылайбаккын дуо?
— Үгүс дьон инньэ диэн ыйытар. Биллэн турар, ханнык эрэ кэмҥэ сылаам киирэн ылар. Эдэрбэр «үлэбин уларыппыт киһи» да диэн санаа охсуллан ааһар этэ. Билигин олохпор сөптөөх суолу талан, сүрэҕим сөбүлүүр идэтинэн үлэлээн кэллим диэн толору этэр кыахтаахпын.
Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эйгэтин бары үлэһиттэрин, күндү биир идэлээх дьоммун, дьүөгэлэрбин бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин!
Иһирэх бэйэлээх иитээччи
Угуйар оҕону кэрэҕэ,
Уһуйар саҥаны билэргэ,
Истиҥник кэпсэтэр сыһыаҥҥа.
Үөрүүнэн күлүмнүү көрсүөҕэ,
Кууһуоҕа уоскутан күннэтэ,
Кырачаан алтыһар дьонугар
Үйэлээх үтүөнү үөрэтэ.
Ахсааны, буукуба арааһын
Сааһылаан, өйдөтөн биэриэҕэ,
Сып-сырдык кырачаан киһиэхэ,
Алыптаах алгыһын иҥэрэ.
Сатыыра элбэҕин сөҕөбүн,
Кыайара үгүһүн билэбин,
Кэскиллээх ырыаны ыллатар,
Сарсыҥҥы сарыалы арыйа.
Кэпсиирэ уранын истэллэр
Чуопчаара чугдаарар чуорааннар,
Чочуйан сайдарга салайар
Кэскиллээх кэнчээри ыччаты.
Ийэҕэ тэҥнэһэр күн киһи,
Сайаҕас санаалаах иитээччи,
Сүрэҕэ аһаҕас куруутун,
Илгэлээх олоҕу салайса.
Ыллыктаах тылынан өрүүтүн
Сырдыкка салайар аналлаах,
Сылайан олорон хаалбакка,
Ыралаах үрдүккэ көтүтүө.
Кэпсэттэ Людмила ПОПОВА, edersaas.ru
Ыспыраапка:
Бүгүн — Иитээччи күнэ. Бу даата Арассыыйаҕа 2004 сылтан ыла бэлиэтэнэр.
Википедияҕа сурулларынан, С.Люгебиль уһуйаана аныгы Арассыыйаҕа, чахчы маҥнайгы оҕо саадынан буолар. Ол эрээри, дойду империятыгар буолбатах. Арассыыйа империятыгар маҥнайгы уһуйаан Гельсингфорска 1859 сыллаахха арыллыбыта диэн этэллэр.