Иистэнньэҥ Лариса Артемьева: «Сылаастык таҥныҥ!»

Ааптар: 
03.12.2018
Бөлөххө киир:

Амматтан төрүттээх, түөрт оҕолоох дьоһун ыал ийэтэ Лариса Артемьева түбүктээх үлэтин быыһыгар иистэнэрин сөбүлүүр, күндү түүлээҕинэн таҥас эгэлгэтин тигэр. Биһиги ааҕааччыларбытыгар күндү түүлээҕинэн бэргэһэни тигиигэ кини маннык сүбэлиир.

edersaas.ru

Кырабыттан иистэнэбин

Урут талбыт таҥас-сап суох буолан, эбээм Марфа Христофоровна Александрова истээх ыстаантан, сонтон саҕалаан бэргэһэтигэр тиийэ барытын бэйэтэ тигэн биһигини, сиэннэрин, таҥыннарара. Барахсаным иистэнэн букунайа олороро, күөх сатыыҥҥа баатаны сирийэрэ эбэтэр хара баархакка оҕуруо анньара харахпар бу баардыы көстөр. Иистэнэргэ кырабыттан үөрэммитим, куукулабар таҥас оҥороору ийэм хомуок—ка уурбут миэтэрэлээх таҥаһыттан элбэҕи быһа кырыйбыт оҕобун. Түүлээҕинэн тигэргэ ыал буолан баран, ылсыбытым. Улахан кыыһым Света биирдээҕэр этэрбэс тикпитим. Ол этэрбэс төһө даҕаны таба тыһын сыыһынан аттарылыннар, бастакы холонуум буолан миэхэ олус күндү. Дьэ ити кэмтэн ыла кэргэммэр Александр Еремеевичкэ, оҕолорбор бэргэһэни, этэрбэһи наар бэйэм тигэбин. Иис кис—тэлэҥнэригэр уһуйбуттарын иһин Амма уран тарбахтаахтарыгар Марианна Трифоноваҕа, Мария Захароваҕа, Елизавета Романоваҕа махтанабын. Иистэнэрбин көрөн улааппыт буоланнар, кыргыттарым иискэ, уруһуйга, дизайнҥа сыстаҕас­тар. Катя Красноярскайга архитектор идэтигэр үөрэнэр, график-иллюстратор, быйыл тохсус кылаас кэнниттэн Үп кэллиэһигэр үөрэнэ киирбит кыра кыыһым бэһис кылаастан тигэр.

Тирии барыта талыы буолбат

Ордук киискэ үлэлиирбин сөбүлүүбүн. Сымнаҕас, сылаас, кэрэ көстүүлээх. Күһүөрү кыһын кэтэргэ нуорка, улахан тымныыга саһыл уонна кырса тириитэ ордуктар.
Ханнык баҕарар бэргэһэ биир саһыл, биир кырса эбэтэр үс, бытархай буоллаҕына, түөрт киис тириититтэн тахсар. Биллэрин курдук, тирии эрэ барыта талбыт курдук буолбат. Сорох ханан эрэ хайа барыылаах, сорох тараҕайдаах. Алдьаммыты тирии сааһын көрөн тигиллэр, түүтэ түспүтү ойо быһан ылан баран, атыны киллэриллэр. Киллэһик буолар тирии түүтэ улахан тирии түүтүгэр атылыы буолуох­таах: уһун, көнө түүлээх тириигэ кылгас биитэр эриллэҕэс түүлээх киллэһик барсыбат.

Бэргэһэни араастаан муодалыахха сөп

Хас биирдии киһи бэйэтигэр барсары талыахтаах. Снудтар, түүлээҕи кытары араас матырыйаалы холбоон тигиллибит бэргэһэлэр, капюшоннар билигин олус кэрэхсэнэллэр. Кыра да тирииттэн хатыламмат кэрэни оҥорон таһаарыахха сөп. Уһуллар горжеткалар уонна уһун, кылгас түүлээх кырааскаламмыт тириилэр муодаҕа хаттаан киирдилэр. Кулгаахтаах бэргэһэ уруккуттан кэтэ үөрэммит таҥаспыт классическай көрүҥэ хайа да кэмҥэ муодаттан хаалбат. Кэнники сылларга модельердар комбинированнай бэргэһэни айдылар. Ол аата бэргэһэ кулгааҕын уонна куондарын күндү түүлээҕинэн (нуорка, саһыл, кырса тириилэринэн) тигэн баран, оройун ханнык баҕарар чиҥ матырыйаалынан уонна натуральнай тириинэн оҥороллор. Мин бүгүн сонун соҕус моделлары көрдөрүөхпүн баҕарабын.

Капюшон бэргэһэ оннугар төбөҕө кэтэр таҥас быһыытынан бэрт өртөн туһаныллар. Күндү түүлээхтэн тигиллибит капюшон олус сылаас буолар, тымныыттан, тыалтан төбөнү да, моойу да харыстыыр. Ордук-хоһу таҥаһы сөбүлээбэт даамаларга олус барсар. Норка эбэтэр киис тириитинэн тигиэххэ сөп.

Монголка ураты соҕус быһыылаах. Көп түүлээх тирииттэн тигиллэр. Маннык бэргэһэлээх кыыс тута харахха быраҕылла түһэр. Ханнык баҕарар истээх таҥаска олус барсар.

Малахай бэргэһэни үгүс киһи биһирээтэ. Манна уһун түүлээх тирии (саһыл, кырса тириитэ) барсар, кэтэҕин төрдүнэн саһыл эбэтэр кырса кутуругун түһэрэн кэбистэххэ, ситэри кэрэ көстүүлэнэр.

Эдэр ийэлэргэ мин туохтан да толлон турбакка, араас бырайыактарга хотоойутук ылсан иһэргэ сүбэлиибин. Онуоха сөптөөх матырыйаал маҕаһыыннарга суох буолбатах. Холобур, куоракка “Сахабулт” фирменнай маҕаһыыннарыгар имитиллибит хара саһыл, кырса, нуорка тириилэрэ итиэннэ чараастык таҥастаммыт натуральнай тирии атыыга элбэх.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0