(Кэпсээн бүтүүтэ. Иннин 03.08, 08.08. көр.)
Лара эмискэ киһи илгиэлээн тардыалыырыттан соһуйан, оронугар уһукта биэрдэ (хаһан кэлэн сыппыта буолла, өйдөөбөт). Көрбүтэ, кэтэһиилээх уола Андрей улахан убайыныын кинини өҥөйөн тураллара. Андрей барытын билбит, истибит этэ. Ол иһин Лараҕа олох ымманыйбатаҕа. Хаһан да билбэтэх, таптаабатах киһитинии көрөн, дьиппиэрэн, атаҕастаммыттыы туттан турара. Кини, арааhа, кыыһы бэйэтин буруйдуур быһыылааҕа, андаҕарын кэһэн, соруйан холуочук уолаттарга киирэн биэрбит, бииргэ арыгы иһиспит диэн.
— Андрей, мин буруйум суох, миигин кинилэр күүстэринэн… миигин эн бырастыы гыныаҥ дуо? – диэт, Лара ытаан сыҥсыйан барда.
Сирэйэ онон-манан көҕөртөлөөбүт, арбаллыбыт баттахтаах кыыс быһа охсуллубут сэҥийэтинэн харах уутунуун холбоһон хааннаах сүмэһин сүүрэрин Андрей аһыммыттыы буолбакка, сиргэммиттии көрөн турара. Ону бу барахсан таайыгас сүрэҕинэн өтө билбитэ. Бүттэ! Таптал аны суох! Сымыйа! Албын! Уол киниэхэ хоруйдаабакка, хараҕын куоттаран, хайдыбыт таастаах кыракый боруҥуй түннүк диэки хайыспыта. Номнуо киэһэ буолан эрэрэ. Ону Лара эмиэ көрбүтэ уонна, били, ийэтин бабыгыраабыт саҥатын өйдүү биэрбитэ.
Билигин кини аттыгар чугас доҕоро ким да хаалбатаҕа, кини туһугар туруулаһар да киһи суоҕа. “Оччоҕуна, хаан хааҥҥа! Бэйэм иэстэһиэм!” — Лараҕа былыргы өбүгүлэрин Кавказ омуктарын тыйыс хаана уһуктубута. Хараҕа остуол үрдүгэр соҕотохсуйан сытар эргэ килиэп быһаҕар хатаммыта.
— Андрей, мин эйигиттэн бүтэһикпин көрдөһөбүн, ону толоруоҥ дуо? — кыыс аргыый аҕай ыйыппыта.
— Ол тугу?
— Били сиэхситтэртэн саамай сиэмэхтэрин — Ыйаастыгас хараҕы мин ийэм таһыгар кылабыыһаҕа хайдах эрэ албыннаан аҕал эрэ. Ол кэннэ миигин Майаҕа илдьэн хааллараар, сөп дуо?
Бу наллаан этиллибит бытаан тылы аттыгар турааччы икки киһи дьиктиргии истибиттэрэ да, тоҕо эрэ таска таһаарбатахтара. Андрей кыратык тохтуу түһээт:
— Ол хаһан? – эрэ диэбитэ.
— Бу киэһэ!
— Сөп!
***
Түүн буолан эрэрэ, дэриэбинэ утуйда быһыылаах. Тыас-уус мэлийдэ. Арай, киһи уҥуохтаах халдьаайыга Лара кыыс ийэтин уҥуоҕар тугу эрэ гынан букунайар, тибилийэр, арааһа, аҕыраада иһин ыраастыыр дуу, веноктары эмиэ көннөрбүтэ буолар. Киниэхэ бүгүн олоҕун бүтэһик түмүгэ күүтүллүбэтэх өттүттэн тиийэн кэлбитэ. Ол сылдьан матасыыкыл тыаһын истэн, кэтэһэн, субу-субу тохтоон, олоотоон ылар уонна тулатын сэрэхэчийбиттии сыныйан одуулуур. Чугас Күрдьэх диэн муокастык ааттаммыт, соторутааҕыта үөскээбит оҥоһуу күөл уута сурааһын буолан долгулдьуйара, онно андаатар түөкүн устан ньолойоро. «Туох да улахан кыһалҕата суох харамай ити сырыттаҕа, оттон бу мин киһини, син биир ити харамай курдук кыылы, өлөрөөрү манаһа турабын… Тоҕо мин олоҕум, убайдарым киэннэрэ эмиэ табыллыбата? Төрөппүттэрбит арыгыһыт буолан дуо? Ийэбит, дьиҥинэн, төһө да истэр, өйдөөҕөр наһаа үчүгэй этэ дии, көтөҕөн олорон сыллыыра, атаахтатара, бэл, биирдэ оҕолор тэтэрээппин хайыта тыыппыттарыгар, ону айдаара, көмүскэһэ, саамай мааны таҥаһын кэтэн, оскуолаҕа тиийэн турардаах». Киниэхэ, Лараҕа, өссө да оҕотук, акаары мэйиитигэр арааһынай иирбэ-таарба санаалар устан киирэллэрэ. Кыыс үлэтин бүтэрээт, ийэтин хаартыскалаах уҥуоҕар утары сөһүргэстээн олорон, аны обургу соҕустук саҥаран муҥатыйан барда. Кини хайдах эрэ өйүнэн буккуллан эрэр курдуга.
— Ийээ, миигин бырастыы гын, мин олоҕум эйиэнин курдук эмиэ сатаммата дии. Дьон атаҕастыыллар. Бэл, ол андаатар кыыл миигиннээҕэр быдан дьоллоох буолуохтаах… Мин андаатар эбитим буоллар, Намчы алаас туора күөлүгэр олохсуйан, элбэх да элбэх оҕолонуом этэ.
Бу кэмҥэ тыа быыһынан соһуччу матасыыкыл уота тыкпыта… Уоллаах кыыс иккиэн тэйиччи соҕус утарыта көрсөн тураллар. Ыйаастыгас харахтаах бэдик сэнээбиттии саҥаран сыыбыргыыра иһиллэрэ.
— Баара-суоҕа эн эбиккин дуу, өссө мин хайалара наадыйан түүннэри ыҥырдаҕай диибин ээ. Эйигин бүгүн бакаа «дьаһайар» санаата суохпун, сирэйиҥ-хараҕыҥ көннөҕүнэ биирдэ. Ол, хата, чмо эргэр бар, онно эйигин манаан мас кэннигэр сахсына хаалбыта, — дии-дии күлэн ырбаҥалаата.
— Буруйгун билинэн миигиттэн көрдөһөҕүн дуо, суолас? Эбэтэр сарсын милииссийэҕэ киирэн тыллыыбын, — Лара аа-дьуо саҥара-саҥара, албыннаан уолга чугаһаан кэллэ.
Кини уҥа илиитин кууркатын тас сиэбигэр быһах укта сылдьара. Анарааҥҥыта сэрэйбэтэ, өлөр быатыгар кыыс киитэрэйдээбитигэр кыһаммата даҕаны.
— Милииссийэлээх баҕастаах, бэйэҥ сытан биэрбитиҥ буотта, өссө биһигинниин арыгы иһиспитиҥ, онно саах курдук итирэн хаалбытыҥ. Ол кэннэ бэйэҥ сирэйгин-хараххын ханна тоҕута түспүккүн мин хантан билиэхпиний? Өссө киһи уҥуоҕар ыҥыра-ыҥыра ону-маны саҥара сылдьыбыккын, хата, иккиэҥҥитин манна үлтүрүтэ сынньабын дуу…
Лара бабыгырыы түһээт, титирэстээбитинэн, иннигэр киэбирэ-өҥнөнө турар улахамсык саһыл уолу искэ быһаҕынан анньан саайда уонна, илиитин араарбакка туран, уол даллаҕар кулгааҕар сыстаат, ынырыктык сипсийдэ:
— Миигин хайдах баттахпыттан соһо сылдьан күүһүлээбиккитин өйдүүгүн дуо, урод? Мэ, бу баар, өссө “үйэҥ тухары миэхэ тэллэх буолаҕын” диэбит буола-буолаҕын, бар, билигин таҥараттан көрдөс, — ол кэннэ уол хапсыгыр иһин өссө эбии кырыктык тэлитэ булкуйаат, хааннаах быһаҕын наада да буолбакка ньылбы тардан таһаарда уонна мэндээрэн турар Күрдьэх күөл диэки илгэн кэбистэ.
Ыар буруйу оҥорорго туттуллубут быһах тимир биитэ салгыҥҥа кылахачыйа-кылахачыйа, күөл куталаах хомуһун быыһыгар элээрэн тиийэн ууга «чом» гынан хаалла.
Саһыл уол мыык да диэбэккэ токуруйбутунан, иһин туттубутунан кыҥнары баран, кыыс иннигэр аргыый сууллан түстэ. Кини уота өһөн эрэр ыйаастыгас хараҕа Лараны халты көтөн, кыыс ийэтин сонньуйбут хаартыскатыгар туһаайыллыбыт этэ. Тугу эрэ саҥаран куолайынан бурдургуу сатаабыта да… кыаллыбатаҕа. Бу кэннэ, дьэ, Лара кыыс көмнөх кырыска тобуктуу түһээт, хараҕа быччайан тахсыар диэри кураанаҕынан дэлби өҕүйдэ. Туох баар кыһыытын, абатын, өһүн барытын иһиттэн хостоон таһааран уоскуйбут Лара кыыс, чиккэс гынаат, ойон турбута уонна тэйиччи кинилэртэн саһан олорор Андрей диэки хайыспыта.
Тула куочайан турар киһи уҥуохтара дьиикэй быһыы буолбутугар туоһу буолан, өссө дьиппиэрэн, харааран биэрдилэр. Ханна эрэ тэйиччи хаххан күтүр күлэн күһүгүрүүрэ иһилиннэ. Сотору буолаат, матасыыкыл тыаһа бирилии түстэ да, Майа диэки буулдьалыы иһиирэ турда.
Сарсыарданан Бэстээх биэрэгэр ыбылы бадараан буолбут ыксаабыт матасыыкыл куугунатан кэлээт, түһүү эргииригэр тохтуу биэрбитэ. Уол кэннигэр мэҥэстэн олорбут кыыс олбохтон ойон түспүтэ уонна ыытааччы уолу кууһан туран ытамньыйбыт куолаһынан саҥаран сыҥсырыйара:
— Андрей, бырастыы! Бу хараҥа дьыалаҕа эн туох да кыттыгаһыҥ суох, ону өйдөө! Эн биһиги дьоллоох олохпутун, тапталбытын туора соппут суолас оҥорбут буруйугар эппиэттээтэ. Мин олох кэмсиммэппин, суобаһым да ыалдьыбат. Чэ, бар, дьоллоох буол, мин умнубат бастакы кэрэ киһим, — диэт, кини уолу сүүһүттэн сыллаан ылбыта.
Уол тугу да саҥарбакка, матасыыкылын собуоттаат, кэтэһэн турар паром диэки элээрбитэ.
Лара улуу эбэ кытылыгар бүк түһэн олорон, өрүс сүрүн үөһүгэр тиийэн эрэр доҕорун олордубут уу суудунатын өр да өр көрөн олорбута. «Быраһаай, доҕоруом! Мин бастакы уонна бүтэһик тапталым. Эн биһиги аны хаһан да көрсүөхпүт суоҕа!» — диэн Лара эрэйдээх уоһун иһигэр ботугураахтаабыта.
Быһаҕынан анньыллыбыт саһыл уол миэстэтигэр тута өлбөтөх этэ. Кини хайа эрэ кыаҕынан, сатабылынан балыыһаҕа тиийбитэ. Уол ыарахан туруктааҕын көрөөт, быраастар барахсаттар тута киинтэн “суһал көмө” бөртөлүөтүн ыҥырбыттара. Дэриэбинэ бакаа чуумпу этэ, эбиэт саҕана бөртөлүөт кэлэн түспүтүгэр эрэ дьон дьиибэргээн дьиэттэн дьиэлэригэр суксуруһан биэрбиттэрэ. «Быһаҕынан анньыбыттар эдэр уолу… Оо, тугун ынырыктарай билиҥҥи ыччаттар… ким уола үһүнүй?» эҥин дэһэллэрэ.
Участковай милииссийэ уолтан ким быһаҕынан анньыбытын ыйыта сатаабыта да… эчэйээччи бастаан кимин эппэтэҕэ, кыбыстыбыт буолуохтаах. Кэлин Дьокуускайга тиийэн хаана баран өлөөрү сытан, дьэ барытын арыйбыта. Кыыһы үс буолан хайдах кыыллыы күүһүлээбиттэрин, ону ол кыыс киниттэн иэстэспитин… Бүтэһигэр ыар буруйун билинэн, “Лараны тыытымаҥ, мин бэйэм сыыһалаахпын» диэт, тыына быстыбыта.
***
Мантан дьэ саҕаламмыта икки сыллаах силиэстийэлээх улахан айдаан. Били, икки атын күүһүлээччини, бэйэлэрэ да айдааны истэн сүрэхтэрэ салыбырыы сырыттаҕына, тараччы тутан ыланнар, хаайталаан кэбиспиттэрэ. Лараны тоҕо эрэ тыыппаккалар, босхо сырытыннарбыттара. Бу сылдьан, кыыс биир Майа уолун кытары билсибитэ, соторунан кинилэр холбоһон ыал буолбуттара. Кыыска ааспыт таптала хаттаан эргиллибит курдуга. Кэтэһиилээх сууту хойут биирдэ оҥорбуттара. Икки күүһүлээччи өр сыллаах күлүүс хаайыытыгар киирбиттэрэ, оттон кыыһы усулуобунай болдьохтоох хаалларбыттара. Баҕар, бу кэмҥэ Лара хат сылдьар буолан эбитэ дуу. Суут кэнниттэн дьон киниэхэ араастык сыһыаннаспыта, сорох кэпсэтэр, сорох суох, үксүлэрэ кэнниттэн хобугунаһа хаалаллара.
1991 сыллаахха Лара бастакы оҕотун төрөппүтэ уонна аҕыйах сыл буолаат, кэргэниттэн айдааннаахтык арахсыбыта. Бу сылдьан олох ыараханын тулуйбакка, аһыы утаҕы амсайар адьынаттаммыта. 2003 сыллаахха албын, быстах киһиэхэ түбэһэн, иккиһин оҕоломмута. Аттыгар кинини өйүүр чугас доҕоро суох хаалбыт кыыс күн-түүн олох кирдээх дьэбэрэтигэр түстэр түһэн барбыта. Ол эрэйдэнэ, тэлиэс-балаас сылдьан, 2008 сыллаахха грузовой массыынаҕа киирэн биэрэн, соһуччу суох буолбута. Саатар, түҥнэри көппүт массыына суоппара тута көмө оҥорбокко, Лара кыыс тыына кыһыылаахтык быстаахтаабыта.
Лара уҥуоҕун биһиги доҕор кыыспыныын өр да өр көрдөөн нэһиилэ булбуппут. Абына-табына веноктаах аҕыраада көрүүтэ-харайыыта суох буолан, хайыы-үйэҕэ эргэрэн эрэрэ. Илдьэ кэлбит сибэккибит дьөрбөтүн кини иннигэр уурбуппут уонна иккиэн соҥуоран турбуппут. Утары биһигинниин эт саастыы, курус харахтаах эдэркээн кыыс саһарбыт хаартыската туналыйан турара. Кини бу күлүгүн түһэригэр тугу санаабыта буолуой? Ону билигин сэрэйэр күчүмэҕэй. Баҕар, оҕотун, эрин, урукку тапталын Андрейы, баҕар, олох тугу да санаабатаҕа буолуо. Биһиги иккиэн аҕыраада аттыгар чуумпуран олорон, киһи дьиктиргиэх биири санаабыппыт.
Субу эрбэһин быыстаах томтойон турар ииҥҥэ кыыс эдэр сааһыгар соһумардык киирбитигэр ким буруйдааҕый? Аан бастаан түҥнэри көппүт суобаһа суох суоппары ааттыахтара. Оннук буолбатах. Мин санаабар, кини кыһалҕалаах олоҕо эрдэ сарбыллыытыгар бу кэпсээҥҥэ суруллубут дьон бары буруйдаахтар, өссө төгүл этиэм этэ — улахан буруйдаахтар. Бу кэпсээни кинилэр ааҕыахтара эбэтэр хайаатар да истиэхтэрэ дии саныыбын уонна, биллэн туран, өһүргэниэхтэрэ. Оттон күүһүлээччилэри эттэххэ, кинилэр, дьиҥинэн, түөртэр эбитэ үһү. Кыыс инньэ диэн этэ сатаабытын, кырдьыктаах сууппут хараҕа тоҕо эрэ ырааҕы арыйан көрбөккө, бааллан хаалбыт. Ол биир киһилэрин доҕотторо буолуохсуттар куттанан, кимин этэн биэрбэтэхтэр. Чэ, туох буолуой, ол хара санаалаах эппиэттиир кэмэ син биир кэлиэҕэ! Бу дойдуга куһаҕаны оҥорбутуҥ иэстэбилэ суох син биир хаалбат! Ол олох суруллубатах сокуона.
Сыллар-хонуктар, хаардар-ардахтар быыстала суох кэлэн ааһыахтара. Кыыс томтойбут уҥуоҕа уонна киниэхэ ууруллубут роза сибэкки дьөрбөлөрө симэлийэ сүтүөхтэрэ. Оттон бу кумааҕыга тиһиллибит тыллар саха омук сахалыы саҥата баарын тухары үйэлэргэ хаалыаҕа. Бу кыракый кэпсээни доҕорум көрдөһүүтүнэн, ытыс буор оннугар үчүгэй олоҕу олорботох Лара кыыс сырдык кэриэһигэр суруйан хаалларабын.
Егор ФЕДОРОВ – Долун “Хопто хаһыыта” кинигэтиттэн.
Уруһуй: интэриниэттэн
* * *
Эдэр сааһыгар оһолго түбэһэн, олох аһыытын-ньулуунун эрдэ билбит ааптар кэпсээннэрэ ааҕааччыны толкуйдатар, баар быһыыны-майгыны ыараҥнатан көрөр, эмиэ да сэрэтэр тосхоллоохтор. Кинигэҕэ “Хопто хаһыыта”, “Хаарты иэһэ”, “Лара кыыс дьылҕата” уо.д.а. кэпсээннэр киирдилэр.