Лабыкта коронавирус дьаҥын эмтиир дуо?

04.11.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр үүнэр мас муоҕа уонна лабыкта кэнники кэмҥэ билим салаатынан үчүгэйдик үөрэтиллэн киэҥ араҥаҕа тарҕанан эрэр. Ол туһунан, сэтинньи 2 күнүгэр Саха НКИХ “Талбан” биэриитигэр биология билимин доктора Борис Моисеевич Кершенгольц кэпсээтэ.

edersaas.ru

— Мас муоҕа уонна таба сиир маҥан муоҕа лабыкталар (лишайниктар) уустарыгар киирэллэр. Бу үүнээйилэр былыр-былыргыттан норуодунай мэдиссиинэҕэ тыҥа ыарыыларыгар туттуллаллара. Лабыкта сэллик ыарыытын, коклюһу, ойоҕостотууну, астманы, араас инфекционнай ыарыылары, ис-үөс ыарыыларын эмтиир.

Билигин биһиги лабыктаттан оҥорбут бородууксуйаларбытын Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ лабыкталаах килиэбигэр атыылаһар. Ону таһынан, «Якутия» атыы кэпэрэтиибэ бэйэлэрин оҥорон таһаарар бородууксуйаларыгар атыылаһар.

Киһи бэйэтэ да хомуйан ностуой оҥостон эмтэниэн сөп. Ол эрээри, лабыкта тулалыыр эйгэ куһаҕанын барытын оборор. Онон, бу үүнээйини экологията, салгына ыраас сирдэртэн хомуйар наада. Мас лабыктатын билигин кыһын хомуйуохха сөп. Онтон сир муоҕун хаар анныттан хостоон таһаарар ыарахан буолуо.

Коронавируһу эмтиирэ үөрэтиллэ илик. Ол эрээри, быраастар биһиги бородууксуйаларбытыгар үчүгэйдик сыһыаннаһаллар. Доклиническэй уонна клиническэй бэрэбиэркэлэри ситиһиилээхтик ааһан, билигин эндокринолог, фтизиатр быраастар кэтэбиллэригэр сылдьар.

Виктория БЯСТИНОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0