Воронеж уола Андрей Соловьев, Лабыҥкыр күөлгэ айанын, олохсуйуутун, ол дойду хаһаайынын уонна кэтэспэтэх тапталын туһунан edersaas.ru ааҕааччыларыгар анаан кэпсээтэ.
Улахан тургутуу — бырдах
От ыйын 31 күнүгэр, Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгиттэн, сарсыарда эрдэ сатыы Лабыҥкыр күөлгэ туруммутум. Били эрдэ кэпсээбитим курдук, сүгэһэрим ыйааһына 70 киилэ буолан, таһаҕаспын икки гына аҥаардаабытым. Быһа холоон, бэйэм санаабар, аҥара 40 киилэ, оттон иккис аҥара 30 киилэ буолбута. Томтортон Лабыҥкыр күөл 105 биэрэстэ тэйиччи сытара биллэрэ. Маҥнай 40 киилэлээх таһаҕаспын 500 миэтэрэ илдьэрим оттон, төннөн кэлэн 30 киилэлээхпин ыларым (маннык ньыманы “табалаан” диэн ааттыыллар — аапт.). Ол курдук, уопсайа биир килэмиэтири бара-кэлэ алтата ааһарым. Айаммар көрсүбүт сүрүн тургутуубунан, ити дойду бырдаҕа буолбута. Хаһан даҕаны итинник элбэх бырдахтаах сиргэ сылдьа илигим. Харыстанар, сирэйбин бүрүнэр хаххалааҕым да иһин, син биир быыс булан хааммын иһэн сордообуттара. Аны сирэ-уота кута буолан, эмиэ туспа ыарахаттары үөскэппитэ.
«Тыатааҕылыын көрсүһүүм»
Айаным сэттис күнүгэр, үрэх кытылыгар сынньана олордохпуна, ойуур иһиттэн тыатааҕы тахсан кэлбитэ. Сыппын ылан, сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, көхсүн тыаһаппыта, 50-чэ миэтэрэ чугаһаабыта. Фотоаппараппын хостоон, бу хара тыа хаһаайынын, киинэҕэ уһулбутум. Бэйэтэ сөп буолуо диэбит курдук, көстөн баран, кэлбит сирин диэки төннүбүтэ. Ол курдук, аара балааккаҕа утуйан, уопсайа 10 күн айаннаан, 105 килэмиэтири лаппа уһуннук хааман атырдьах ыйын 9 күнүгэр Лабыҥкыр күөл хоту өттүгэр тахсан кэлбитим.
Номоххо киирбит эбэ
Лабыҥкыр күөл устатын кээмэйэ 15 км., оттон туората 4 км. кэтиттээх. Эбэҥки тылыттан тылбаастаатахха “Улахан муора” диэн ааттанар. Бу иннинэ кинигэттэн ааҕан, кини иэнэ аарыматын туһунан истэн билэр эбит буоллахпына, харахпар көрөн баран, “ах” барбытым. Күөл хоту өттө сирэ – уота сытыары намыһах соҕус буоллаҕына, сыыйа үрдээн, соҕуруу өттө хайаларынан хаххаланан турар. Маҥнай олус үөрбүтүм диэн, ойуурга холоотоххо күөл кытыытыгар бырдаҕа төрүт суоҕа. Соһуйбутум диэн, миигин күөл кытыытыгар киһи көрсүбүтэ. Онтукам билсибитим, Александр Крылов диэн урбаанньыт киһи буолан биэрбитэ. Мин айаннаан иһэрим туһунан Александр истибит этэ. Бэйэтэ кэпсээбитинэн дөрүн-дөрүн кэлэн бу аатырбыт Эбэтигэр бултаан-алтаан, сынньанан барар үгэстээх эбит. Дьиэтэ-уота тупсаҕайа, тута харахпар быраҕыллыбыта. Сири хастан дьиэлэнэр былааннаахпын истэн, Александр иһигэр бэркиһээтэ, күлэ да санаата быһылаах, баанньыгын тута туран биэрбитэ. Онон олорор, кыстыыр дьиэм сүрүн кыһалҕата итинник быһаарыллан хаалбыта. Лабыҥкыр номоххо киирбит Эбэ да буолан, уопсайынан дьон сотору – сотору сылдьан ааһар сирэ эбит. Үксүн Эбэҥки уонна саха булчуттара сылдьаллар. Тула өттүгэр үүтээннэр үгүстэр.
Сыыйа кыстыкпар бэлэмнэнэн барбытым. Сүрүн аһылыкпынан биллэн турар балык буолбута. Отон, сугун, болбукта эриэхэтин, тэллэйдэри уонна дөлүһүөнү хомуйан, тууһуурун тууһаан, барыанньа, хомпуот оҥорон кыстыкпар хаһааммытым.
Балыктааһын маҥнай утаа сатаабат эрдэхпинэ, үгүс бириэмэбин ылара. Илимнэрбин эҥин сыыһа үтэрим. Мин дьолбор олохтоох булчуттары кытары сылдьыһан үгүс ньымаҕа, араас албаска үөрэммитим. Холобур, туһахтарбын куобахтан саҕалаан, улахан тайах кыылга тиийэ иитэрим. Тайах бэйэм туһахпар иҥнибэтэҕэ эрээри, булчут уолаттар саанан бултуулларыгар сылдьыһан турардаахпын. Кэлин уопутуран, туһахтарбын кэрийэрбэр бириэмэбин сүтэрбэт буолбутум. Уонна кыстыкпар аҥардас Дьархаа балыгы сүүстэн тахса киилэни ыыһаабытым.
Дьукаахтар уонна биллибэт тыастар
Күнүм мэлдьи биир тэҥник ааһара. Сарсыарда халлаан сырдыырын кытары уһуктарым. Күөлбэр талаһа оҥостубутум. Утуйан тураат, сүүрэн киирэн ол талаһабыттан күөлбэр ыстанан, умсан суунан тахсарым. Ити кэннэ, сарсыардааҥҥыбын аһаан баран, туһахтарбын көрө, от-мас хомуйа, саҥа сирдэри арыйа барарым. Биир олус сөбүлүүр дьарыкпынан, хайа үрдүгэр тахсан, үөһэттэн күөлбүн одуулуур үгэстэммитим. Бу мантан күөл чыҥха атын көстүүлэнэрэ. Хартыынаҕа көстөр Соҕуруу Азия Мальдивы судаарыстыбатын кэрэ көстүүлэринээҕэр итэҕэһэ суох, ийэ айылҕа бэйэтэ чочуйан оҥорбут дьэрэкээн көстүүтэ куппун-сүрбүн олус туппута. Атын уулары үөһэттэн көрдөххө, биир өҥнөөх буолаллар. Оттон, Лабыҥкыр күөл оннук буолбатах. Киниэхэ мурена өҥтөн саҕаланан, көҕөрөн, сырдык күөххэ кубулуйан, сыыйа халлаан өҥө дьүһүннэнэн, хараҥаран, ыас хара дьүһүннэнэр эбит. Бу олус кэрэ көстүү. Бу хайалар үрдүлэригэр бириэмэбин сүтэрэн, күнү быһа олорорум.
Олорор дьиэбэр баанньыгым үрдүгэр кырынаас уйаламмыта. Миигиттэн куттал суоһаабатын чуо билэрэ. Болбукта эриэхэтинэн дьукаахпын күндүлүүрүм. Биирдэ өйдөөн көрбүтүм, кыылым кыстыгар хаһаанан мунньан иһэр эбит этэ. Онтон ыла, хаһааһа ханна баарын билэр буолан, кыра – кыралаан дьукааҕым аһын эбэн иһэрим. Ити курдук эйэ дэмнээхтик иккиэн кыстыкпытыгар бэлэмнэнэрбит. Биирдэ Александр кэлэ сылдьан, Белла диэн Лаайка ытын хаалларан барбыта. Ити күнтэн ыла аны үһүө буолбуппут.
Лабыҥкыр күөлүгэр кэлиэхпиттэн ыла дьиктиргиирим диэн, биллибэт тыастарым бааллара. Сатаан кинилэри кэлиэхпэр диэри быһаарбатаҕым. Сороҕор часкыйар да курдук, тугу эрэ дибдийэргэ да майгынныыллара. Иһиттим да тыас хоту хаама сатыырым да, чугаһаатарбын кытары, сүтэн хаалаллара.
Оттон, Лабыҥкыр күөл иччитин бэйэм көрбөтөҕүм эрээри, Петр Архипов диэн билигин запаска барбыт байыаннай авиация полковнига киһи кэлэн, иккиэ буолан ыалдьыттаан ааспыттара. Бу дьон бэйэлэрэ бөртүлүөтүнэн сылдьаллара. Лабыҥкыр күөлүн арыыларын үрдүнэн көтөн иһэн, аллара бу күөл хаһаайына уста сылдьарын көрдүбүт диэбиттэрэ. Хайдаҕый, туохха майгынныырый диэн ыйыппыппар, “Большая как лодка” диэн хоруйдаабыта. Кырдьык, бу дойдуга туох эрэ баара биллэр. Киһи балай эмэ олордоҕуна, көрбөтөр да сэрэйэн билэр буолар эбит.
Үс сыыһа уонна кэлэйии
Мин уопсайа Лабыҥкыр күөл кытыытыгар 94 күн буоллум. Бу үс ый устата араас үгүс тургутуулары ааһан кэллим. Киһиэхэ маннык кэмҥэ күүс уох биэрэр, эрэл санаата күүстээх буолара ирдэнэр. Мин эрэл санаам диэн, туруоруммут сыалбын ситиһэн, дойдубар, таптыыр кыыспар Снежанаҕа эргиллэн тиийэрбин санаатарбын эрэ, тугу барытын тулуйуох курдук сананарым. Бу айылҕаҕа олоруум, мин хаһааҥҥытааҕар даҕаны уһун холонуум буолуохтаах этэ. Сыыйа күүһүрэн, эрчимирэн, санаам бөҕөргөөн испитэ.
Маҥнайгы сыыһабынан таһаҕаспар икки эрэ кинигэни ылбытым буолбута. “Инструкция по выживанию” уонна “Свобода шамана” диэн кинигэлэрбин үстүүтэ аахпытым. Иккис сыыһабынан диетичэскэй саахары кыраны ылбытым буолар. Бу 100 грамнаах иһиккэ, 7.5 киилэ саахар амтана киирэр. Хомпуот оҥорорбор барытын эрдэ бараан кэбиһэммин, ис туругум саахар көрдүүр кэмигэр сох буолан биэрбитэ. Уонна оттон, үһүс уонна сүрүн сыыһабынан Лабыҥкыр күөл – особо охраняемый заповедник диэн сиргэ киирсэрин учуоттаабатаҕым буолар. МЧС үлэһиттэрэ эвакуациялыы кэлэн иһэллэрин истэн, балыксыттары кытары төннөн Томторго киирбитим. Мин бу айаммар барарбар, кимиэхэ да кыһалҕа үөскэтэр санаам суоҕа. Аны сайын Карелия айылҕатыгар баран олорор санаалаахпын. Этэҥҥэ буоллаҕына, күһүн төттөрү Лабыҥкырбар эргиллиэм. Син биир туруоруммут сыалбын тиһэҕэр тириэрдиэм. Бу сырыыга күөл кытыытыгар буолбакка, үөһэ хайа диэки тахсыаҕым. Онно биир сири бэлиэтии көрбүтүм.
Томторго кэлэн баран, Снежанабар эрийбитим. Кэтэһиэх буолан, тапталыгар билинэн хаалбыт кыыһым санаата уларыйан, кэтэспэтин биллэрбитэ. Билбэтим тоҕо итинник буолбутун. Баҕар атын киһилэммитэ буолуо. Эбэтэр өссө атын туох эрэ төрүөт баара дуу?…
Кэлэйдим да диэххэ сөп эрээри, быһаарсар санаа суох. Туох буолар барыта үчүгэйгэ дииллэр. Бэйэм испэр хаһааҥҥытааҕар да сааһыланным, холкутуйдум. Билинэбин, кыратык кыһыылаах уонна хомолтолоох.
Дьүкээбили көрбүтүм
Өйдүүр инигин, Утум, биһиги айаммар арахсаары туран, сайын эйиигиттэн Дьүкээбили көрүөм дуо диэн ыйыппыппын? Дьэ, мин тиийииэхпиттэн халлаан хараҥарда да хараҕым мэлдьи үөһэ диэки буола сылдьыбыта. Күн – дьыл ааһан, сулустар хойдон испиттэрэ. Хомойуох иһин дьүкээбил оонньоон көрдөрбөтөҕө. Оттон, Томторго бүтэһик түүммэр, утуйа сыттахпына дьиэлээх дьонум уһугуннаран, ыксалынан таһырдьа ыҥыран таһаарбыттара. Көрөн баран, маҥнай итэҕэйбэтим. Халлааным уларыйан, нефритовай өҥүнэн оонньуу аҕай турар эбит. Бу көрүөххэ кэрэтиэн! Умнуллубат көстүү. Дьоллоох түгэним. Тобуктуу түһэн, балай эмэ дуоһуйан олорбутум. Ити курдук Улуу тымныытынан аатырбыт Өймөкөөн сирэ – уота миигинниин бэйэтэ быраһаайдаспыта.
Кинигэ суруйуу
Бу иннинээҕи сырыылыарбын истэн, үгүс дьон кинигэтэ суруй диэн этэллэрэ. Ону ис – испиттэн бэлэмэ суохпун, эрдэ диэн сэрэйэрим, буолумматым. Оттон, билигин айаммын, айылҕаҕа олорбут уопуппун үллэстэрбэр кэмим кэллэ, бустум-хаттым диэн эрэллээхтик этэбин.
Айанньыт Андрей Соловьев кэпсээниттэн Утум ЗАХАРОВ суруйда.