Лааҕырга (Кэпсээн)

Ааптар: 
13.11.2022
Бөлөххө киир:

Сэбиэскэй кэмҥэ лааҕырга үлэлээбиккитин ахта-саныы таарыйа Светлана Габышева кэпсээнин ааҕыҥ:

Сэбиэскэй кэмҥэ оҕо барыта сайын үлэҕэ хабыллар этэ. «Бары күүһү- окко!» диэн лозунг баара. Дэриэбинэ уу- чуумпу, күн устата биир эмит эмээхсин кэлэр-барар. Ол эрээри маҕаһыын, бибилэтиэкэ, почта, дьыссаат, балыыһа тигинэччи үлэлииллэр этэ.

Мин, 7-кэ киириэхтээх улахан кыыс, дьиэбэр олоробун. Ийэм ыалдьар буолан, дьиэ дьиэлиибин, аҕам Көйүү үрэҕэр субан сүөһү көрөр,бостууктуур, сарсыарда эрдэ барар, киэһэ хойут кэлэр.Улахан убайым Гриша өрүскэ механизированнай звеноҕа, кыра убайым Гоша — илин алаастарга барбыт звеноҕа Лэпсэйгэ охсууга сылдьар, Лүүсүк ол звеноҕа — мунньууга, Роза  сэрии бэтэрээннэрин илиинэн охсуу звенотугар – мунньууга, бары окко сылдьаллар, уһун ардахтар эрэ түстэхтэринэ, кэлэн бараллар.

Мин да үлэм элбэх, сарсыарда аҕам ынаҕын ыан баран барар, онно киэһээҥҥи үүтү оҥкучахтан таһааран эбэн, икки биэдэрэ үүтү гааска сылытабын уонна илии сэппэрээтэринэн түһэрэн куоҕаҥныыбын. Биир эрэ ынахтаахпыт ,улахыын ынах, ыанньыйан аҕай кэлэр, киэһэ мин ыыбын, ийэм тахсыһар, эмиийэ суон да суон, ыырга ыарахан, өөр да өр тардыалаан син нуормабытын ылабын, харан хааллаҕына, торбоһу ыытан эмнэрэбин, оччоҕо эмиэ курдурҕаччы иэтэр. Биир ынах диэтэххэ, үүтэ-аһа дэлэй этэ, арааһа, сыата үрдүк буолуо. Күн аайы 2 л курдук сүөгэй кэлэр, биир түһэриини сиибит, биирин аһытан арыылаан иһэбит. Күөх үүтүн суораттыыбыт, иэдьэгэйдиибит, оҕолорбутугар, тээтэбитигэр өйүөҕэ биэрэбит.Ол икки сүрүн үлэм таһынан, дьиэтээҕи иирбэ- таарба үлэ бараммат, килиэп  атыылаһабын, дьиэ хомуйабын,иһит сууйабын,хортуоппуй сыыһа ыраастыыбын,сөтүөлүү барсар оҕом суох, онон баалынайга уу кутан баран,киирэн сытабын, кинигэ ааҕабын.

Дьэ, оннук бэркэ сайылаан истэхпинэ, биир киэһэ аһыы олордохпутуна физика учуутала Анна Васильевна Петрова киирэн кэллэ. Сайын кыра кылаас үөрэнээччилэрин хомуйан Лаҥхаҕа лабыкта хомуйар лааҕыр тэриллибит, ол лааҕырга хантан эрэ кэлбит устудьуон кыыс салайа сылдьыбыт, соторутааҕыта Лаҥхаттан күрээн хаалбыт. Настаабынньыктара Саһыл Ылдьаа оҕолору төттөрү таһаарбыт. Оҕолору хомуйан төттөрү киириҥ диэтилэр, онон оҕо хомуйа сылдьабын, — диэтэ. “Лана олорор, барыа этэ”, — диэтэ. Дьонум бастаан ити оҕо ыалдьар, аһаах доруобуйалаах, барбат диэн көрдүлэр да, ол сэбиэскэй кэмҥэ учуутал бэйэтинэн кэлэн үлэҕэ соруйара улахан эппиэтинэс буоллаҕа,баҕар, аҕам суоҕа буоллар, ийэм биири этэн баран олоруо этэ, аҕабыт дьэллэм этэ, бардын диэн буолла. Кып-кыра оҕолору кытта  хайдах сылдьабын диэн көрдүм да, Анна Васильевна Пермякова Аанчык баар, кинилиин сылдьыаҥ диэн саба саҥаран кэбистэ. Онон хомунуу буолла, утуйар таҥаспын эрийэн куулга угуннум, раскладушкам суох,барытын окко илдьэ барбыттар, аҕам наараҕа сытаар диэтэ. Бу саас Лаҥхаҕа лууктуу киирэн, ол отуу ампаарга хонон турбуппут, Турантаева Сонялыын, тээтэм илдьэ киирбитэ. Кинилэр андыга сыта дурдаҕа киирбиттэрэ,Соня биһикки ампаарга хоммуппут,онон наара баарын билэбин. Ийэм алаадьы астаата, сүөгэй кутуннум, кэмпиэт, бирээнньик ыллым  уонна оттон саамай кылаабынайа лабыкта хомуйарга икки улахан куул буллум. Ол саҕана  улахан таҥас кууллар этэ. Сарсыарда шасси тыраахтарга өрө тиэллэн Көйүүлээтибит. Оҕолорбун бу диэн соччо өйдөөбөппүн, кыргыттартан саамай улаханнара мин, онтон Аанчык, Пермякова  Саргы, уһун адаарыйбыт Неустроева Сардана, Стручкова Света уонна өссө икки хас кыыс, уопсайынан, биһигиттэн икки сыл балыс, бэһискэ киирэр оҕолор. Уолаттарга дьүөгэм Галя  быраата   Васек Баишев баар, саамай кыралара Мохначевскай Ваня быраата Валерик баар, олох начаалынайы эрэ бүтэрбит быһыылаах, чэ уонна эмиэ 5 хас оторуспут-моторуспут уолаттар. Анна Васильевнаттан атын өссө биир чүөчэ баар, Светлана Алексеевна диэн,медучилище устудьуона эбит (балет Клава балта диэтилэр),баҕар, аатын бутуйбутум буолуо. Кэлин устудьуоннуу  сылдьан көрөр этим, детсадка үлэлиир этэ, арааһа, ол медучилищетын бүтэрбэтэх быһыылаах. Настаабынньыкпыт —  Бэрииһэп Ылдьаа  — Саһыл Ылдьаа, энньэйбит, уоһа тэллэйбит оҕонньор. Лааҕыр да диэхтээн, бэрт боростуой, ол ампаарга утуйабыт, биир өттүгэр кыргыттар раскладушкалара, утары- уолаттар раскладушкалара, таһырдьа тыраахтарга соһуллар будкаҕа аһыыбыт, бородууктабыт онно баар.  Ылдьаабыт онно утуйар, кутаа  оттон, оллооҥҥо ас астыыллар. Аһы оттон сопхуос профкома көрөрө буолуо.

Сарсыарда тураат, үрэххэ киирэн суунабыт, саатар, рукомойник сыыһа туруорбаттар эбит, бу санаатахха. Кыра уолаттар баҕас суумматтар да быһыылааҕа, онтон аһаан баран, дьэ,ол үрэхпитин куурбут сиринэн туораан, тыаҕа тахсабыт. Лабыкта хонуу курдук тэлгэнэн сытар, сыыр быарыттан саҕалаан, оҕолор эрдэ үлэлээбит буолан үөрүйэхтэр, лабыктаны куулга симэ-симэ субуруҥнаһан олороллор. Учууталларбыт биир биир кэлэллэр, биирэ лааҕырга хаалар, иһит-хомуос хомуйар, ас астыыр, биирэ аллараа олорор, куулу ааҕар, киэһэ аайы ким элбэх куулу хомуйбутунан түмүк таһаараллар, эбии кэмпиэт биэрэллэр. Онон үлэлииргэ көҕүлүүллэр. Билиҥҥи курдук кытай бэрчээккэтэ кэлиэ дуо, кыһыл илиигинэн үргүүгүн, аллараа диэки баата курдук быллаҥнас буоллаҕына, үөһэ диэки бытарыйа сылдьар кыбыс кытаанах лабыктаны симп ла симп. Мин икки кууллаах буоламмын, үлэм хотуулаах эбит, онтон уонна сааспынан улаханнара буоллаҕым, сүүрүүнэн да сырыппатарбында,  үксүгэр элбэҕи хомуйабын. Наһаа үөһэ тахсыбаппын, үнтү тэпсэн барчалаан барбыттарын аргыый аҕай хомуйа-хомуйа сылдьабын. Лабыктабытын улахан чөмөх гына аллараа, ыраас сиргэ чөмөхтүүбүт, кыра кэбиһиилээх от саҕа буолар. Ылдьаа оҕонньор имэрийэн-томоруйан үүннэрэн таһаарар. Кыһын ону тыраахтарынан тиэйэллэр, сүөһүгэ көөнньөрбөҕө эбии куталлар эбит. Күнүс лааҕырга баран эбиэттиибит, ыраатан истэх аайы, аспытын соһо сылдьан, миэстэтигэр тэрийэн аһаталлар. Сарсыарда хааһы, күнүс арыылаах килиэп, кэнсиэрбэ, кэмпиэт бирээнньик, киэһээ тушонкалаах борщтаах миин.

Үлэ уонна сынньалаҥ лааҕыра  диэн ааттаах да, сынньалаҥ суоҕун кэриэтэ, үлэ да үлэ. Тыа оҕолоро барахсаттар буолуохтаах буолуохтааҕын курдук, ону аахайбакка бурулуһуу. Киэһэ 4-5 ч диэки бүтэбит, олох сүүрүүнэн лааҕырбытыгар ойобут, аара үрэхпитигэр сөтүөлээн булумахтанабыт уонна дьэ, мип-минньигэс борщпутун иһэн баран, туох сатанарынан бэйэбит тэринэн оонньуубут.

Бу санаатахха, ол устудьуон кыыс соҕотох буолан, кыайбакка күрээтэҕэ дии. Оҕолору үлэлэтиэн, аһатыан, оонньотуон наада дии, үлэлээн кэлэн баран ас астыыр ыарахан буолуо ээ. Анна Васильевна уопуттаах учуутал иккиэ буолаллара табыгастааҕын өйдөөн, напарник буллаҕа. Волейбол сетката баар, онно пионерболлуубут, лапталыыбыт, “казаки- разбойники” оонньуубут. 9 ч утуйуу  буолар, ол иннинэ бары иһиттэргэ уу таһыахтааххын, биир күн уолаттар, биир күн кыргыттар.

Ол кэнниттэн бары хаптайабыт, сытан эрэ Анна Васильевна араас случайдары кэпсиир, ону сэргээн истэбит. Ардыгар араас боппуруостары ыйытар, таабырынныыр, ону истэ сытан утуйан хаалаҕын. Оҕолор ийэлэрин араспаанньаларын таайтарар этэ.

Биир киэһэ уолаттар – кыргыттар хамаандаларыгар арахсан пионерболлуу сылдьан этиһии таҕыста. Хайа эрэ кыыс төбөтүгэр мээчик кэлэн түспүтүттэн барыта саҕаланна.  Ооонньуубут ыһыллан хаалла. Уолаттар хомуллан Бүөр алаас диэки бардылар. Тойонноро Васек Баишев. Онно баран табахтыыллар эбит. Дьэ, мин улахан кыыс, үөнүм киирэн, тыанан баран куттуоххайыҥ ити уолаттары диэн этии киллэрдим.  Ампаарга киирэммин бырастыынабын ороон ыллым, тыа быыһынан Бүөр алааска сүүрдүбүт. Алаас ортотугар томтор баар, тыа быыһынан көрдөххө, уолаттар онно төгүрүччү олорон табахтыы олороллор эбит. Света Стручкова диэн кыыһы бырастыынанан эрийдибит, тайах мас туттардыбыт, ааһан истэхтэринэ үөгүлээр диэтибит, бэйэбит тыа иһигэр киирэн, сыгынахтар кэннилэригэр кирийдибит. Сытабыт, туох да биллибэт, арай кыыспыт бырастыынатыгар сөрүөстэн тиийэн кэллэ, уолаттар алаас биир өттүнэн лааҕырга барбыттар.

Хайыахпытый, лааҕырбытыгар төнүннүбүт, арай тиийбиппит, уолаттар уу баһа бараары аамайдана сылдьаллар эбит. Кинилэр сэттэтэ этиттэрэн көҥүскэ тиийиэхтэригэр диэри, хата, онно киирэн тоһуйуоххайыҥ дэһэ охсоот, көҥүскэ киирдибит. Кыыспытын талахтар быыстарыгар туруоран баран, үрэх нөҥүө өттүгэр састыбыт. Уолаттар айманан тиийэн кэллилэр, ууларын оймоон ылаат, төттөрү харбастылар, талах эрэ быыһын көрбөттөр. Арай Сибиэтэбит куһаҕан баҕайытык орулаата, уу, билигин да харахпар баар, биэдэрэлээх уулар туора-маары элитиннилэр, буут быстарынан куотуу буолла. Биһиги алларастаһа-алларастаһа күлүү да күлүү, саамай кэнники хаалбыт Валерик ону иһиттэ быһыылаах, кэлииҥ, кэлииҥ, кыргыттарбыт эбит диэн сарылаата. Дьэ, кэллилэр ээ, сирэйдэрэ-харахтара турбут аҕай, куттанаммыт, аны биһиги куотуу буолла. Мин бырастыыналаах киһи Сибиэтэбин тоһуйан, бырастыынабын өрүһүйдүм, олох туора куоттубут, кыргыттары тутаттааннар часкыытаһыы, ыһыы-хаһыы буола хааллылар. Сибиэтэбинээн эргийэн – эргийэн лааҕырбытыгар тиийбиппит, кутаа бөҕөнү оттубуттар, сирэй-харах турбут, куттаммыттар аҕай, алаас иччитинэн оонньообут үһүбүт, уокка алаадьы биэрэн көрдөстөхпүтүнэ сатанар диэн буолбут. Саамай туруммуттара Баишев Васек. Арыылаах килиэп ылаары, буукканы тоҥсуйуу буолла, Ылдьаа оҕонньор баккынан эрэ ыстанан таҕыста, ыга кыыһырбыт, уоппутун ыһан кэбистэ, уулаах биэдэрэни ылан таҥнары тутан кэбистэ. Утуйан ортолообут Анна Васильевна тахсан кэллэ, уку-сакы киирэн сыттыбыт. Мин хайдах эрэ ытырыктата санаатым, таах сибиэ “куттааммыт” диэн. Дьэ, уоскуйан, утуйан эрдэхпитинэ, ааммытын тоҥсуйан лигийбэтилэр дуо. Аан айаҕар сытар Валерик кутталыттан  сыһыары турар кыргыттар раскладушкаларын ортотугар ыстанан, аны ол хаһыытаһыыта, часкыыра буолла. Туох иһин бэйэтин оронугар барбат, суорҕан былдьаһыыта буолла. «Дьэ, алааспыт иччитэ кэллэ быһыылаах,”- дии санаан, куттал бөҕөнөн суорҕан анныгар кумуйан сыттым.Таһырдьа арай нууччалыы саҥарар курдуктар, эмиэ да Ылдьаа оҕонньор саҥата иһиллэр. Анна Васильевналаах туран таҥнан таһырдьа таҕыстылар. Кыргыттар быыстарыгар сытар Валеригы үүрэ сатыыллар, суорҕанынан эринэн баран биир раскладушканы баһылаан сытар.

Учууталларбыт киирдилэр, муммут нуучча сылдьар диэн буолла, мас кэрдээччибин, муннум, суолла ыйыҥ диир үһү. Оҕолор саҥаларын истэн, хата, эһигини буллум, аһатыҥ, аччыкпын диэбит, ону өссө аһаппыттар быһыылаах.Валерикпыт бэйэтин оронугар дьэ барда. Оннук ампаалыктанан  утуйдубут. Сарсыныгар киэһэ аһылыкпытын тэринэн аһаан эрдэхпитинэ, газик кэллэ, милициялар кэлбиттэр, хаайыылаах нуучча күрээбитин көрдүү сылдьаллар эбит. Бөөлүүн манна кэлэн аһаан, суол ыйдаран барбытын кэпсээтилэр. Учууталларбыт бөрөстүүпүнньүккэ көмөлөспүттэриттэн  дэлби сонньуйбуттара быһыылааҕа, хата, тугу да куһаҕаны онорбокко арахсыбытыгар үөрдүбүт.

Аспытын ардыгар управляющай Дмитрий Никитич Петров, ардыгар биир эмит биригэдьиир матасыыкылынан аҕалааччылар, онно оҕолор төрөппүттэрэ эбии кэһии ыыппыт буолаллар, сүөгэй, алаадьы, бэрэски, кэмпиэт, бирээнньик. Ону Анна Васильевна барыбытыгар өлүүлээн түҥэтэр, уос-тиис үллэстиитэ буолар. Биир киэһэ бүтэһик бородууктабытын аһыыр аатырдыбыт. Хойутуу да буоллар аҕалаллар ини, хайаан хойутаттылар диэн иитээччилэрбит айманаллар. Сарсыарда турбуппут, ас кэлбэтэх. Кураанах чэй, кып кыра өлүү арыылаах килиэп сиэн баран, лабыктабытын хомуйа бардыбыт, лааҕыртан тэйбиппит, онон эбиэти илдьэ барыахтаахпыт да, ас суох. Анна Васильевна хаалла, ас кэллэҕинэ манна эбиэти буһаран тоһуйар, эбиэттии лааҕырга кэлэҕит диэн буолла. Баран үлэлээбитэ буоллубут, улахан үлэ тахсыбата, олорор оҕо элбээтэ, анараа эдэр иитээччини аанньа истибэппит да быһыылаах. Сотору эбиэттиир кэм кэлэн, лааҕырдаатыбыт. Кэлбиппит Анна Васильевна кураанах остуолун аттыгар олорор эбит, арыы эрэ баар. Үлэлии барбаккыт, сынньаныҥ диэн буолла. Уолаттар ампаарга киирэн, ким дуобаттыыр, ким хаартылыыр.

Кыргыттар аллараа киирэн, сыыр быарыгар ону-маны кэпсэппитэ буола олорон, ээ дэриэбинэҕэ барыаҕыҥ диэтибит. “Ааспыт сезоҥҥа ардах түспүтүгэр сатыы барбыппыт, чугас ээ”, — диэтилэр, быһа кэтэмэҕэйдээн барабыт, барбаппыт диэн баран, чэ барыаххайыҥ диэн буолла. Уонна акаарылар кими да сэрэппэккэ түһүнэн кэбистибит. Хаамп да хаамп. Баран иһэн Аанкаҕа этэбин, улахан кыргыттар биһиги мөҕүллэр буоллубут, биһиги батыһыннартаан күрээбит аатырарбыт буолуо диибин. Кыыһым эмиэ куттанна, кырдьык даҕаны диир. Төһө өр хаампыппыт буолла, Арҕаа Бас сайылыкка тахсан кэллибит. Дэриэбинэбит оол көстөн турар. Арай сайылык ортотунан ааһан истэхпитинэ, биир ампаар дьиэ таһыгар Надиколаах Галя Баишевалар сылдьаллар эбит, биһиэхэ сүүрэн кэллилэр. Кэпсэттибит, лааҕыртан күрээн иһэбит диэбиппитигэр соһуйдулар аҕай, дьоммут окко сылдьаллар, биһиэхэ аһааҥ диэн буолла. Батыһан киирэн остуолга олорон арыылаах килиэп мотуйдубут, чэй бөҕө истибит. Топпут оҕолор суобаспыт уһугунна, уопсай сүбэнэн төттөрү лааҕырга барыаҕыҥ диэн буолла, көрдөөн аймана сылдьаллара буолуо диэн, биир үксүн онтон куттанныбыт. Светаттан, ол Неустроева  Сарданаттан балтыттан, уонна Пермякова Саргылаах Аанкаттан атын хайа кыргыттар баалларын олох умнубуппун. Нуораҕанабытын ыраахтан көрөн баран, барахсаттар төнүннүбүт. Ахчаччы сылайан, сатаан саҥарбат да буолбут дьон лааҕырбытын олох киэһэ буллубут. Арба төннөн иһэн улахыын баҕайы кунаах тэллэй тииккэ үүнэн турарын туурбуппут, сип-сибиэһэй, сып-сымнаҕас этэ, ону тута сылдьабыт. Кэлбиппит уолаттар кутаа оттон, онно тула олороллор эбит, Анна Васильевна саҥабытын истэн тахсан кэллэ, хайа хантан кэллигит, барыта ыаллар атаах кыра кыргыттара эбиккит, ааҕан көрбүтүм, ол иһин барбыккыт, кыра ыараханы тулуйбаккыт эҥин дэтэлээтэ, иччэ баран баран оттон ас бүттэ диэн тыллыаххытын эҥин диэн элбэҕи кутта симтэ. Биһиги наһаа сылайаммыт саҥа-иҥэ суох, таах тыаҕа оонньоон баран кэллибит диэтибит быһыылаах. “Сарсыарда туран бөһүөлэккэ киириэхпит, сынньаныҥ,”-диэн баран Анна Васильевна ампаарга киирэн хаалла. Кунаах тэллэйбитин ууга сууйан, кырбаан баран уста сылдьар сливочнай арыыга хобордооххо ыһаарылаатыбыт. Эдьиийдэрэ Анка биһикки хамсаммыппыт быһыылаах, бары үллэстэн сиэтибит уонна киирэн утуйан хааллыбыт. Сарсыарда туран, дэриэбинэҕэ бараары хомуна сырыттахпытына, Дмитрий Никитич “Урал” кэлээскэтин толору бородуукта тиэйэн тиийэн кэллэ. Тоҕо хойутаппыттарын онно эппиттэрэ буолуо да, билигин өйдөөбөппүн, оттуур сир кэпсэтэ сылдьыбыт, кимҥэ эрэ эппитин дьаһайбатахтар дуу, туох дуу этэ. Төһө кэмҥэ үлэлээбиппитин өйдөөбөппүн, өссө биирдэ ардах түһэн сатыы дэриэбинэҕэ киирэ сылдьыбыппыт, онтон эмиэ төннөн үлэлээбиппит, арааһа, сүүрбэ эҥин хонук сылдьыбыппыт быһыылааҕа. Лабыкта бөҕөнү хомуйбуппут. Кыһын эбии аһылык бөҕө онтубут буоллаҕа дии. Уопсай үлэҕэ бастакы сүрэхтэниим итинник ааспыта.

Светлана Габышева.

+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0