Лааҕырга оҕолор балаакка туруора, оҕунан сыал ыта үөрэннилэр

Ааптар: 
12.07.2022
Бөлөххө киир:
Нерюнгри оройуонугар «Мужество» эдэр армеецтар лааҕырдарын бастакы симиэнэтэ үлэтин түмүктээтэ.
Быйыл лааҕырга аан бастаан  эдэр армеецтары иитэн-үөрэтэн таһаарар анал этэрээт тэрилиннэ. Бастакы этэрээт, бастакы ротанан буолла диэн Нерюнгри дьаһалтатын саайтыгар суруллар. Сүүрбэ оҕо симиэнэ устатыгар күн ахсын стройдаан хаамыыттан саҕалаан, оҕунан сыал ытыытыгар, балаакка туруоруутугар, туристическай лааҕыры тэрийэргэ, мэдиссиинэ бастакы көмөтүн оҥорорго үөрэннилэр, баһаарынай дружинаҕа хайдах көмөлөһөргө, дьону эвакуациялыырга үөрэннилэр. Ону таһынан өрүскэ, булууска сырыттылар, интэриэһинэй дьону кытары («Боевое Братство» организация бэтэрээннэрин, «Волчий Кряж» аныгы кэм историятын кулуубун) көрсүһүүлэр тэрилиннилэр.
Лааҕырга бэс ыйын бүтүүтэ «Өйдөбүнньүк чүмэчи» аахсыйа ыытыллыбыт, Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнүгэр интернационалист-буойуттар пааматынньыктарыгар бочуоттаах харабылларынан буолбуттар, Алдан оройуонугар доҕотторугар эдэр армеецтарга ыалдьыттаабыттар.
Куйаас да күннэртэн оҕолор саллыбакка этэрээт тэтимигэр киирсэн, бары сорудахтары олус үчүгэйдик толорбуттар, үөрэммиттэр. Ол түмүгэр бары спортивнай күрэхтэһиилэргэ бириистээх уонна бастакы миэстэлэри ылбыттар. Эдэр армеецтар симиэнэлэрэ олус табыллыбыт. Аны сыл ахсын тэриллэн үлэлиэ диэн иһитиннэрэллэр.
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0