Дьокуускай куоракка кулун тутар 17 күнүгэр 27 саастаах киһи буолуохсут 80-чалаах эмээхсин кырыктаахтык өлөрбүт.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Бу чахчынан силиэстийэ уорганнара РФ Холуобунай кодексатын 105-с ыст. 1 чааһынан (киһини соруйан өлөрүү) холуобунай дьыала тэрийбиттэр.
Силиэстийэ быһаарбытынан, ити күн эдэр киһи итирэн баран, билэр эмээхсинигэр өрөмүөн оҥорбутун иһин эбии харчы көрдүү кэлбит. Хаһаайка онуоха батынан кэбиспит.
Итирик киһи уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, өтүйэни ылан, эмээхсини түөртэ төбөҕө охсубут уонна быһаҕынан сүрэххэ аспыт.
Онно сөп буолбакка, өлөн хаалбыт эмээхсин тарбахтарын стамесканан быһан, биһилэхтэрин устан ылбыт. Салгыы хаһаайка суумкатын хасыһан, 1 тыһ. солк. баарын, уктан баран, атахха биллэрбит.
Сол күн уорбаланааччы билэр дьахтарын кытта биир биһилэҕи ломбарга туттаран, ол харчытынан арыгы атыылаһан испиттэр.
Бу киһи туох буолбутун ол дьахтарыгар кэпсээн биэрбитин, анараата полицияҕа тыллаабыт. Бу өлөрүү оннук арыллыбыт.
Уорбаланааччы буруйун билиммит, быһылаан буолбут сиригэр хайдах быһыылаахтык өлөрбүтүн барытын кэпсээбит.
Кулун тутар 30 күнүгэр кинини Силиэстийэлиир изоляторга хаайдылар.
Вера МАКАРОВА, «Саха сирэ», https://edersaas.ru/
Хаартыска: интернеттэн.