Өлөөҥҥө этнокултуура киинэ тутуллан, силигэ ситэн, үөрүүлээх тэрээһин буолла.
—Сайынын киирбэт, кыһынын тахсыбат күннээх хоту дойду олохтоохторо уонча сыл күүппүт ыра санаабыт туолла, — диэн «Кэнчээри» оҕо саадын сэбиэдиссэйэ, улуус мунньаҕын дьокутаата Алла Петрова сонунун саҕалаата.
—Этнокултуурабыт киинэ «АЛРОСА» хампаанньа көмөтүнэн, Ил Дархан өйөбүлүнэн тутуллан олоххо киирдэ. Саҥа дьиэ аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Күндү ыалдьыттар уотунан-күөһүнэн сандаарбыт, бырааһынньыктыы киэргэтиллибит кииммитигэр табанан айаннаан кэллилэр.
Аалай кыһыл лиэнтэни СӨ Ил Дархана Айсен Николаев, Өлөөн улууһун баһылыга Александр Иванов, этнокултуура киинин дириэктэрэ Владислав Семенов ырыа арыаллаах, ытыс тыаһа доҕуһуоллаах быстылар.
Салгыы бэртээхэй кэнсиэр буолла. Ыалдьыттар эҕэрдэ тылларыгар бу сыанаттан аан дойдуга аатырар ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр искусство үрдүк чыпчаалыгар уһуйуллан тахсыахтара диэн этииилэрэ хоту сир дьонун санаатын күүһүртэ.
—Хотугу норуот култуурата үйэттэн үйэҕэ салҕанан, сайдан, кэнчээри ыччат утумнаан, эбэҥки норуотун үрдүк култуурата аар-саарга аатырдын. Бу бөҕө-таҕа баараҕай таас тутуу үйэлэргэ норуот түмсэр, үөрэр-көтөр, үүнэр-сайдар киинэ буоллун, — диэтэ баһылык Александр Степанович Иванов.[vc_video link=»http://youtu.be/eF0jogG8HBM»]