Өлүөнэтээҕи пароходство навигацияҕа бэлэмнэнэр

Бөлөххө киир:

«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ПАУо  быйылгы навигацияҕа бэлэмнэммитэ ыраатта. Бу күннэргэ пароходство генеральнай дириэктэрэ  Сергей Ларионов Жатайдааҕы суудуналары өрөмүөннүүр собуокка сылдьан үлэни-хамнаһы билсэн, сүбэ мунньах ыытта.

Сүбэ мунньах кыттыылаахтара  «СК-2027» уонна  МП-1388 суудуналары саҥардан оҥоруу үлэтин билистилэр. Итиэннэ Дьааҥытааҕы уонна Белогорскайдааҕы судоходнай учаастактар суудуналарын саппаас чаастарын өрөмүөннээһини көрдүлэр.

Бүгүҥҥү туругунан пароходство 54 суудуната быйылгы навигацияҕа номнуо бэлэм буолбут. Үлэ  былаан быһыытынан баран иһэр.

«Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ПАУо  пресс-сулууспатын суруйуута уонна хаартыскалара

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0