Бүгүҥҥүттэн, муус устар 15 күнүттэн, Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы икки суол сабылынна: Хатас-Павловскай уонна Кангалас-Суотту. Бу туһунан Саха сиринээҕи «Управтодор» иһитиннэрэр.
Тустаах биэдэмистибэ бирикээһинэн, Хатас хайысхатынан баар «Умнас» суолга (11-с км) уонна Кангалас-Суотту суолга киириигэ үлэһиттэр «Въезд запрещен» диэн суол бэлиэтин туруораллара сорудахтанна.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1