Бу саас Өлүөнэ уонна Алдан өрүстэринэн уопсайа 48 сымнаҕас сыттыктаах суудуналар уонна аэроботтар сылдьаллара былааннанар. Туһааннаах министиэристибэ «Хивустаах» урбаанньыттары кытта былырыыҥҥы тарыыбынан дьону таһалларыгар кэпсэтиини ыыппыт.
«Тарыып биир киһиэхэ 1,5 тыһ. солк. Гидрологическай усулуобуйа кытааттаҕына уонна муус барыытын кэмигэр тарыып 3 тыһ. солк. диэри үрдүөҕэ. Бу кэмҥэ аэроботтар көмөҕө кэлэллэр», — диэн уу уонна тимир суол тырааныспарын Департаменын салайааччыта Семён Коркин иһитиннэрдэ.
Пассажирдары уонна таһаҕаһы маннык хайысханан таһыахтара:
— Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысхатынан Өлүөнэ өрүһүнэн 30 суудуна үлэлиэҕэ. Суудуналар Дьокуускай куораттан 202 уонна 203 микрооройуоннарыттан бараллар.
— Кангаласс – Суотту хайысхатынан Өлүөнэ өрүскэ үс «Славир-6» уонна 1 аэробот үлэлиэҕэ.
— Хаандыга – Кэскил хайысхатынан Алдан өрүскэ икки суудуна сылдьыаҕа.
edersaas.ru