«Өлүүнэн ханна эргинэллэрин иһитиннэр»

10.04.2019
Бөлөххө киир:

“Өлүүнэн ханна эргинэллэрин иһитиннэр” («Сообщи, где торгуют смертью») диэн аахсыйа Арассыыйа үрдүнэн киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Саха сиригэр Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын исписэлиистэрэ, мэлдьи буоларын курдук, нэһилиэнньэҕэ сырдатар үлэни киэҥ далааһыннаахтык ыыттылар.

edersaas.ru

Аахсыйанан сибээстээн, наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын поликлиникатын сэбиэдиссэйэ Джена МЯРИКЯНОВА диспансерга учуокка ылыы туһунан кэпсээтэ:

— СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ 2015 сыл ахсынньы 30 күнүнээҕи 1034-н уурааҕынан, арыгыга уо.д.а. психотропнай биэсэстибэлэргэ ылларбыт дьон наркология учуотугар туруоруллан, «психиатрия-наркология» хайысханан сөптөөх көмөнөн туһаныахтаахтар.
Онуоха, бастатан туран, киэҥ эйгэҕэ өйдөтөр-сэрэтэр үлэ тиһигин быспакка ыытыллыахтаах. Кыһалҕаҕа киирбит дьону доруобуйаларын чинчийэн, үс сыллаах кэтээн көрүү ананыахтаах. Бу кэм иһигэр ыалдьыбыт киһи нарколог, терапевт уонна психолог көмөтүнэн босхо туһанар кыахтанар. Кэмиттэн кэмигэр клиническэй анаалыстары туттаран, наада буолар түгэнигэр эминэн көмөлөһүннэрэн, арыгыны, атын да дьааттары уһуннук туттубакка, бэйэтин толору чөлүгэр түһэринэр кыахтанар.
Наркология диспансерыгар учуокка турар дьон ортолоругар реабилитациялыыр кииҥҥэ 3-6 ый босхо сытан уйулҕаларын чөлүгэр түһэрэн, доруобуйаларын көннөрөн, эбиитин саҥа дьарыкка уһуйуллан (иис, баттах кырыйааччы идэтигэр), туһаммыт дьон элбэх. Өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн, толору сытан туһаммыт дьон махталлара улахан.
Онон, нарколог учуотугар турбут дьон быраас кэтээн көрүүтүн көтүппэккэ, анаммыт кэмҥэ кэлэн, көрдөрүнэн, бэлиэтэнэн истэхтэринэ, үс сылынан учуоттан уһуллар кыахтаналлар.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0