«Өлүөнэ туруук хайалара» паарка статуһа үрдүүрэ хайдаҕый? (Дьон санаата)

Ааптар: 
25.09.2017
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарканы федералларга биэрэн эрэллэр, «иэдээн буолбут» диэн үһү-домох сурах интэриниэккэ тарҕаммыта, батсаабы бараабыта. Биһиги бу боппуруоска сыһыаннаах дьонтон ыйыталастыбыт. edersaas.ru

“Өлүөнэ  туруук  хайалара”  айылҕа  пааркатыгар  национальнай  ыстаатыһы  иҥэрии  боппуруоһун туох дии саныыгыт?

   Никита  Соломонов,  РНА  кэрэспэдьиэн-чилиэнэ,  СӨ  НА  академига,  биология  наукатын  дуоктара,  бэрэпиэссэр:

— Ким  даҕаны,  тугу  даҕаны  биһигиттэн  былдьаабат.  Паарка  национальнай  ыстаатыстаннаҕына,  элбэх  үлэ  миэстэтэ  тахсыаҕа.  Ыччат  гид (сирдээччи),  иниспиэктэр  үлэлэригэр  хото  тардыллыаҕа.

  Никита  Архипов,  история  наукатын  доктора,  бэрэпиэссэр,  “Бүлүү”  экология  уопсастыбаннай  кэмитиэтин  толорооччу  дириэктэрэ:

— ЮНЕСКО  аан  дойдутааҕы   нэһилиэстибэтин  эбийиэгэр —  “Өлүөнэ  туруук  хайалара”  национальнай пааркаҕа    федеральнай  уорганнар,  сөптөөх  кыһамньыларын  ууруохтара  диэн  ааҕабын.

  Гаврил  Семенов,  “Экология,  туризм  уонна агротехнологическай үөрэхтээһин  өрөспүүбүлүкэтээҕи  киинэ”  ГАУДО  дириэктэрэ:

— Паарка  ыстаатыһа  үрдээтэҕинэ  сайдыыга туһуламмыт   үбүлээһин  кээмэйэ үрдүөҕэ,  харабыл сулууспатын  ыстаата  күүһүрдүллүөҕэ,  олохтоох  нэһилиэнньэ  үлэнэн  хааччыллар  кыахтаныа,  паарка  сиригэр-ултугар  уонна  аттынааҕы  эргимтэҕэ  туризм  сайдыаҕа.

Борис Мыреев, СӨ айылҕа харыстабылын ыстаарсай судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ, СӨ айылҕа харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ:

—  Паарка  РФ  Айылҕа  ресурсаларын  уонна  экология  министиэристибэтин    сүрүннээһинигэр  киирэриттэн  тутулуга  суох,  Өлүөнэ  туруук  хайалара  Саха  Өрөспүүбүлүкэтэ   киэн  туттар  айылҕа  биир кэрэ,  дьоһуннаах  миэстэтинэн  хаалыаҕа.

     Александра Алексеева, Хаҥалас улууһунааҕы  Экологияҕа  уопсастыбаннай  сэбиэт  чилиэнэ,  өрөспүүбүлүкэтээҕи  экологическай  хамсааһын  бэрэссэдээтэлэ:

— Кэккэ табаарыстар тоҕо “хаҥаластар  паарка  ыстаатыһын  үрдэтэри утараллар”  диэн  бигэргэтэллэрин   өйдөөбөппүн.   Ити  —  кэрээнэ  суох  сымыйалааһын.  Хаҥалас  улууһун  3,5  тыһыынча  олохтооҕо  “Өлүөнэ туруук хайалара”  айылҕа  пааркатын  ыстаатыһын  үрдэтэри  өйөөн,  тустаах  докумуоҥҥа  илии  баттаабыта.

    Евстафий Аргунов, РФ үтүөлээх бырааһа,  бочуоттаах  донора,  СӨ бочуоттаах  бэтэрээнэ:

— Саха сирин  экологтарын  сийиэһин  бары  кэриэтэ  дэлэгээттэрэ  пааркаҕа  национальнай  ыстаатыһы  иҥэрэр  туһугар  куоластаабыттара.  Ити  уларыйыылар  “Өлүөнэ  туруук  хайалара”   паарканы салгыы  сайыннарарга,  үлэлэтэргэ  үтүө  өрүттээхтик  дьайалларыгар  саарбахтаабаппын.

Вячеслав Шадрин,  Саха  сирин  төрүт олохтоох  аҕыйах  ахсааннаах  норуоттарын  ассоциациятын  бастакы  вице-бэрэсидьиэнэ:

— Паарка  ыстаатыһа  үрдээһинигэр  төрүт олохтоох  аҕыйах  ахсааннаах  норуоттар  сокуоннай бырааптара,  интэриэстэрэ  күөмчүлэммэтэ   биһигини  астыннарар.  Хоту  сир  төрүт  олохтоох  аҕыйах  ахсааннаах  норуоттара  “Өлүөнэ  туруук  хайалара”  айылҕа  пааркатыгар  национальнай  ыстаатыһы  иҥэриини  өйүүбүт диэн  бигэ эрэллээхтик  этэбит.

     Иван  Алферов,  СӨ  Айылҕа  харыстабылын  министиэристибэтин  иһинэн  Ыччат  экологияҕа  сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ:

—  Биһиги,  ыччат  дьон,  аан  дойдуга  биллэр  уонна  ытыктанар,  сайдыылаах,  туруктаах  тулалыыр  эйгэлээх  өрөспүүбүлүкэҕэ  олоруохпутун  баҕарабыт.  Онуоха  Сахабыт  сирин  сиригэр-уотугар   айылҕа  национальнай  пааркатын  тэрийии —    чэчирии  сайдыы,  ситиһии   суолугар  өссө  биир  хардыы.

«Өлүөнэ туруук хайалара» паарка чааһынайга барбат

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0