Соторутааҕыта «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай паарканы федералларга биэрэн эрэллэр, «иэдээн буолбут» диэн үһү-домох сурах интэриниэккэ тарҕаммыта, батсаабы бараабыта. Кимэ биллибэт ааптар ЮНЕСКО өттүттэн харыстанар паарканы федераллар ылаат, чааһынайга биэриэхтэрэ диэн дьааххаммыта буолбута. Бу туһунан СӨ Айылҕа харыстабылын миниистириттэн Сахамин Афанасьевтан туоһуластыбыт.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru
Судаарыстыбаннай бэлиитикэ быһыытынан, Россия таһымыгар ураты харыстанар сирдэри улаатыннарарга 2020 сылга диэри анал кэнсиэпсийэ үлэлиир. Онно олоҕуран«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарканы 2020 сылга диэри федеральнай суолталаах оҥорорго 2011 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбатын 2322-р №-дээх дьаһала тахсыбыта. Ити чэрчитинэн, анал бырайыагы Москва куоракка баар «ВНИИэкологии» ГБУ бэлэмнээбитэ. Билиҥҥи туругунан, бырайыак уопсастыбаннай истиини ааһан, айылҕаны туһаныыны хонтуруоллуур, кэтээн көрөр федеральнай сулууспа көрүүтүгэр бэрилиннэ. Санатар буоллахха, бу бырайыагы оҥорууга федеральнай экспертэр, өрөспүүбүлүкэ салалтата, муниципальнай тэриллиилэр уонна Өлүөхүмэ, Хаҥалас уонна Алдан улуустарын общиналара сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ.
СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев:
– «Өлүөнэ туруук хайалара» национальнай аан айылгы паарка билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи статустаах. Паарка СӨ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. Сылга 17 мөл. солк. көрүллэр. Итини тэҥэ, «ЮНЕСКО» аан дойду нэһилиэстибэтин испииһэгэр киирбитигэр, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн материальнай базаны бөҕөргөтүүгэ 30 мөл. солк кэриҥэ эбии бэриллибитэ. Баһаары умуруорууга уонна атын ыксаллаах быһыы-майгы буоллаҕына, эмиэ үп туспа көрүллэр. Онон национальнай статустаах паарканы көрүүгэ-истиигэ өрөспүүбүлүкэ үбэ-харчыта суох, тиийбэт диир адьас сыыһа. Национальнай таһым диэн биһиэхэ саамай үрдүкү буолар. Ол да буоллар, биири өйдүөххэ наада: пааркабыт федеральнай буоллаҕына, таһыма өссө үрдүөҕэ.
Федеральнай статус бэриллибитин да үрдүнэн, туристар уонна олохтоохтор «Өлүөнэ туруук хайалара» пааркаҕа сылдьан, кэрэ, ураты айылҕаны кытары өрүү алтыһыахтара. Ханнык да хааччахтааһын киириэ суоҕа. Чааһынайга бэриллибэт. Лабыдьаҕа баар паарка базата, салалтата, айылҕа харыстабылын иниспиэктэрдэрэ үлэлээбитин курдук үлэлиэхтэрэ. Онон паарка маннык үрдүк статуһу ыларынан биһиги киэн туттуохпутун наада.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл былаан быһыытынан икки ураты харыстанар сир-уот статуһа үрдүөхтээх. Ол курдук, Новосибирскай арыылар. Балар ресурснай резерват «Өлүөнэ дельта» иһигэр бааллар. Кинилэр билигин федеральнай заказник статуһун ыллылар. Санатар буоллахха, Саха сиригэр федеральнай статустаахтарынан Уус Ленскэй заповедник, ботаническай саад буолалларын сэргэ, инники өттүгэр «Өлүөнэ туруук хайалара» уонна Новосибирскай арыылар киириэхтэрэ. Новосибирскайга Котельнай, Бельковскай, Фадеевскай, Генриетта, Антуанетта, Женетта, Бенетта диэн дьоҕус арыылар бааллар.
Александр Тарасов, «Саха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru