Сандал саас кэлэн, халлаан сылыйан, киһи эрэ таһырдьа сылдьыах курдук. Дьокуускай аттыгар баар муус пааркалар ааннарын тэлэччи аһан тураллар. Оҕолор барахсаттар хатыыскалаан, сыыртан сырылаан, үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үгүс. Улахан да дьон хаалсар быһыылара суох.
Александр ТАРАСОВ, Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
[vc_text_separator title=»» i_icon_fontawesome=»fa fa-blind» color=»blue» add_icon=»true»]Киһи-аймах ураты нэһилиэстибэтин аатын сүгэр «Өлүөнэ очуостара» айылҕа паарката эмиэ сэргэхсийэн турар. Улахан дьон оҕолорун, аймахтарын кытта айылҕа ураты кэрэ миэстэтин көрө-истэ тиийэллэр, ону үйэтитэн хаартыскаҕа түһэллэр, видеоҕа усталлар.
Санатар буоллахха, былырыыҥҥыттан паарканы федеральнай таһымнаах оҥоруу тула кэпсэтии, дьүүллэһии уҕараабат. Ол туһунан «Саха сирэ» хаһыакка, «Эдэр саас» сайтка үгүстүк суруйдубут. Онон бу сырыыга ону таарыйар санаабыт суох.
Ааспыт нэдиэлэ бүтүүтэ «Саха сирэ» хаһыат суруналыыстара Анивера Акимова, Александр Тарасов уонна «Сахамедиа» холдинг оператора Николай Необутов буолан, «Өлүөнэ очуостара» паарка Лабыдьа диэн сиригэр тиийэ сырыттыбыт.
Дьокуускайтан хоҥнорбутугар былыттаах этэ. Ол иһин, үчүгэй кадр тахсыа суох быһыылаах дии санаабыппыт. Үс чаастан тахса кэриҥэ айаннаан, Лабыдьаҕа тиийэрбит саҕана халлаан лаппа ырааһыран, күн мичилийэ тыкта. Кыһыҥҥы суолу үчүгэйдик оҥорбут буолан, бэрт түргэнник айаннаан тиийдибит. Сүрүн суолтан эбэ уҥуор тиийэр суолу хаар типпэтин диэн икки өттүнэн анньыбыттар. Былырыын итинник суоҕун иһин, тибэн кэбистэҕинэ, тимир көлөлөр иннинэн да кэннинэн да барбакка, дьон сатыы тиийэрэ. Өлүөнэ уҥуоргута бу турар курдук эрээри, сатыы барыах диэтэххэ, ыраах соҕус. Үрдүк туруук хайалар субу сабардаан тураллара киһи хараҕын балыйан, чугас курдук көстөн эрдэҕэ.
Тиийээт даҕаны, хайабытын дабайыы буолла. Паарка үлэһитэ этэринэн, балтараа килэмиэтир кэриҥэ эбит. Бастаан утаа, үөрүү-көтүү баһаам этэ. Бэрт соторунан, ол үөрүүбүт ханан да суох буолла. Хайдах эмэ гынан ыттыбыт эрэ киһи диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Инник гынан, маҥнайгы ыскамыайкалаах сынньанар сиргэ этэҥҥэ тиийдибит. Ол аата, 500 миэтэрэни дабайдыбыт. Николай Необутовпыт туох да буолбатаҕыттан сөхтүбүт. Өссө видеокамера сүгэһэрдээх. Арыый да тыын ылан, олоро түһээт, салгыы таҕыстыбыт. Николайбыт, киһи кыһыйыах, сүүрэ турда. Эдэрбэр сүүрүүнэн дьарыктаммытым диэннээх өссө. Дьэ, биһиги тайахпытынан көмөлөһүннэрэн тахсан иһэбит, көлөһүммүт сарт түстэ. Ол быыһыгар тохтоон, хаартыскаҕа түһэбит. Иккис сынньанар сиргэ кэллибит. Улахан эрэйинэн саҥа 1 килэмиэтири дабайбыппыт. Аны 500 миэтэрэ хаалла. Манна атах таҥаһа улахан оруоллаах эбит. Биһиги тыс этэрбэстээхпит. Тиистээх атах таҥастаах киһи абыраныа эбит дэһэбит. Сорох сиринэн халтараан соҕус. Ону, хата, ойоҕоспутугар баар мас тирээбиллэр абырыыллар. Ити суоҕа буоллар, тахсарга лаппа уустук буолуо эбит. Эмиэ аҕыйах мүнүүтэ сынньана түһээт, салгыы бардыбыт. Николайбыт оол тиийэн, биһигини устаары бэлэм турар. Ити курдук ыттан, син тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит. Николайбыт видеокамераҕа устубутун көрдөрөр. Бастаан утаа үөрүү-көтүү кытаанаҕа эбит, сотору буолаат, ол үөрүүбүт ханан да суох. Тайахпытынан көмөлөһүннэрэн, нэһиилэ ыттан иһээхтиирбитин көрөн, күлүү бөҕөтүн күллүбүт.
Очуостар үрдүлэригэр турабыт. Халыҥ таҥастаахпыт абыраата, үрдүк сир буолан, тыала-кууһа күүстээх, киһи сирэйин талаҕынан быһыта биэртэлииргэ дылы. Оо, бу үчүгэйин эриэхсит! Киһи тылынан сатаан эппэт, кэпсээбэт ураты көстүүтэ. Сайын, дьиҥэр, сырыттахпыт дии. Сайыҥҥыттан атын хартыына, маҥан хаар барахсан ураты тыыны, ураты көстүүнү биэрэр эбит. Биллэн турар, хаартыскаҕа түстүбүт, сылайбыппыт ханан да суох. Биһиги кэннибититтэн элбэх киһи таҕыста. Дьокуускайдааҕы 17-с оскуола үөрэнээччилэрэ учууталларын, төрөппүттэрин кытары кэлбиттэр. Ол быыһыгар Кытайтан кэлбит ыалдьыттар бааллар. Билэр киһибитин, суруналыыс Екатерина Бястинованы көрсөн, үөрүү-көтүү бөҕө буоллубут. Дьонтон Өлүөнэ очуостарын туһунан ыйыттыбыт. Бары олус астыналларын, сөбүлүүллэрин, киэн тутталларын туһунан кэпсээтилэр. Ити курдук кэпсэтэн-ипсэтэн баран, аны түһүү буолла. Эбиэт кэннэ буолан, лаппа ириэрбит. Ол түһэргэ өссө кутталлаах эбит. Уопсайынан, дабайардааҕар түһэр быдан уустук, кутталлаах эбит диэн быһаардыбыт. Аны туран, утары тахсан иһээччилэр бааллар. Олору кытта аасыһар эмиэ ураты болҕомтону эрэйэр. Ыттан иһээччилэргэ саастаах дьон баалларын, хайдах түһээхтииллэр диэн аһына санаатыбыт. Чэ, баҕар, кимнээҕэр сылдьа үөрүйэхтэрэ буолуо. Син бэйэлэрин билинэн тахсан эрдэхтэрэ. Ол быыһыгар кыайан дабайыа суохпут диэн төннөөччүлэр кытары баар буоллулар. Сөп ээ. Кыратык да саарбахтыыр буоллахха, төннүбүт быдан ордук.
Аны туран, сорох дьон аһыы утаҕы иһэн баран тахсар. Хардарыта аасыһар кэмҥэ арыгыларын сыта бу аҥылыйар. Ол бэйэлээхтэрин сүгэн тахсаллар эбит. Сири-уоту аһатан эрдэхтэрэ. Ол гынан баран, балтараа км үрдүгү дабайыыга арыый да эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыах баара. Арыгы испит киһи сыыһа-халты туттуон сөп. Онно ким буруйдаах буолар? Биллэн турар, кэлин тиһэҕэр паарка үлэһиттэрэ кирилиэһи үчүгэйдик ыраастаабатах аатырыахтара турдаҕа. Онон бэйэ бодотун тардына сылдьар ордук этэ.
Дьэ, ити курдук син аллара түстүбүт, атахпыт өссө сылайбыт курдук. Күн арҕаалаан эрэрин үрдүнэн, дьон өссө кэлбит, массыына элбээбит. Улахан дьон тимир көлөлөрүн аттыгар шашлыктыыллар, оҕолор барахсаттар сибиэһэй салгыны толору эҕирийэн, сүүрэллэр-көтөллөр, оонньууллар.
Биһиги тимир көлөбүтүгэр олорон төттөрү айаннаатыбыт. Халлааҥҥа харбаспыт очуостар турбуттарын курдук туран хааллылар. Урукку дьыллартан баччааҥҥа диэри кур бэйэлэрэ кубулуйбакка туран кэллэхтэрэ.
Александр ТАРАСОВ, Анивера АКИМОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Николай Необутов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.