Өлүөнэ очуостарын дабайар ыллыгы аны сайыҥҥа диэри саптылар

Бөлөххө киир:

Быйыл саас эрдэ кэлэр чинчилээх. Халлаан аһара ириэрэн, Өлүөнэ очуостарыгар ыттар балтараа км уһуннаах ыллыгы онуоха-маныаха диэри саппыттарын туһунан тустаах паарка дьаһалтата иһитиннэрэр.

Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru

Александр Егоров, «Өлүөнэ очуостара» паарка экологическэй сырдатыыга уонна туризмҥа отдеын начаалынньыга:
Анал ыллык хаара олус ирдэ, онон дьон дабайарыгар уонна түһэригэр кутталлаах буолан сабарга күһэлиннибит. Бэҕэһээҥҥиттэн уонна бүгүн олус ириэрэн, этэргэ дылы, бадараан үөскээн, олус халтараан буолла. Ыраастаан даҕаны улахан көдьүүһэ суох. Бэс ыйын саҕана биирдэ аһыллыаҕа. Ол гынан баран, Батамай – Лабыдьа (паарка турар сирэ) кыһыҥҥы суол сабылла илик. 10 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах тимир көлөлөр сылдьаллара көҥүллэнэр.

Салгыы манна көр:

Өлүөнэ очуостарын дабайыы…

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0