Өлүөнэ Очуостарын чааһынайга биэрбэттэр

Бөлөххө киир:

 

«Өлүөнэ  очуостара» национальнай паарка өрөспүүбүлүкэ биир саамай кэрэ, ураты миэстэтинэн ааҕыллар. Ыраахтан кэлбит ыалдьыт хайаан да бу ураты айылҕалаах сиргэ-уокка сылдьан, сөҕөн-махтайан барар. Бу аан дойду үрдүнэн  Ийэ айылҕа бэйэтинэн турар ураты сиринэн буолар диэтэхпитинэ, арааһа, улаханнык сыыспаппыт буолуо .

«Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын хас биирдии эбийиэгэ аан дойду үрдүнэн улахан суолталаах. Ол курдук, «кембрийскэй эстии» Сир үөскээһинин историятыгар улахан суолтаны ылан, биир сүрүн кэрдиис кэминэн биллэр.

Пааркаҕа икки тукулаан баар. Буотама үрэх тамаҕыттан 8 биэрэстэлээх сиргэ баар Кыһыл Элэһин тукулаан – дохсун тыалтан үөскээбит томтор кумах.

Тибиллибит булгунньаҕы нөҥүө түспүт кумах туруору эниэнэн түһэн сири бүтүннүү бүрүйэр. Саамыс Кумаҕа тукулаан 5 биэрэстэ уһуннаах, 850-900 миэтэрэ кэтиттээх. Сыҥаһа уонна субурҕа кумахтаах, 20 миэтэрэҕэ тиийэ оҥхойдоох. Томтор кумах эниэтигэр туорахтаах үүнээйилэр үүнэллэр.

“Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар биир киэҥник биллэр сиринэн Дириҥ Үрэх буолар. 1982 сыллаахха бу сиргэ  аан дойдуга улахан суолталаах арыйыы оҥоһуллубута. Манна саамай былыргы дьон олохсуйа сылдьыбытын  биллиилээх учуонай Ю.А.Мочанов быһаарбыта.

Элбэх научнай чинчийии уонна кэтээн көрүү кэмигэр паарка сиригэр-уотугар үүнээйи 464 көрүҥэ, 276 суорда уонна 81 бөлөҕө булуллубут. Итилэртэн 21 көрүҥ сэдэх уонна сүтэн эрэр үүнээйи быһыытынан ССРС, РСФСР, Саха сирин Кыһыл кинигэлэригэр киллэриллибитэ.

Паарка сиригэр-уотугар үүтүнэн иитиллээччи 42 көрүҥэ, уйаланар көтөр 102 көрүҥэ, Саха сирин киин регионугар үөскүүр балык 21 көрүҥэ, гадюка уонна күлгэри бииһин ууһа баар.

Муора кубата, ала тойон, хотой, собоһут, кыталык курдук харыстаныллар көтөрдөр эмиэ манна үөскүүллэр. Хомурдуос икки көрүҥэ (жужелица Крубера, жужелица решетчатая), лыах икки көрүҥэ (бабочка аполлон обыкновенный, медведица Менетрис) Кыһыл кинигэҕэ киирэллэр.

Бу түбэҕэ баар айылҕа ураты эбийиэктэрэ бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ураты историческай уратылаахтарын таһынан, өссө мифологическай суолталаахтар. Манна баар өрүстэр, үрдүк кырдаллар, хайалар, ытык мастар бары иччилээхтэр.

Онон манна Хаҥалас улууһун эбэҥкилэрин этническэй бөлөхтөрүн историята хараллан, мунньуллан сытарын сэргэ, кинилэр олохторун-дьаһахтарын түөрэҕэ манна түһэр, олохтонор. Маны көрүүгэ-истиигэ ураты болҕомто ирдэнэр. Киһи уонна Айылҕа алтыһыыларыгар ураты эйгэ наадатын кэрэһилиир.

Салайааччы санаата

   

Тастан кэлэр турист ахсаана элбиэ

Соторутааҕыта Аartyk.ru сайтка «Өлүөнэ очуостара» аан айылгы пааркатын федералларга, буолаары буолан, чааһынай урбаанньыттарга биэрэн эрэллэр диэн үһү-бадах аҥардаах сураҕы бэчээттээбит этилэр. Өрөспүүбүлүкэ үгүс олохтоохторо маны ааҕан улаханнык долгуйбуттара. Сорохтор кыыһыра-абара сыспыттара. Ол эрээри интернет-сайт оруна суох иһитиннэриини таһаарбытын туһунан СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ эттэ. Онуоха эбии паарка салайааччыта Василий Калитин биһиги сайпытыгар санаатын үллэһиннэ:

– «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарканы тэрийии 2020 сылга диэри федеральнай суолталаах оҥоруу РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалыгар олоҕурар. Биһиги Өлүөнэбит очуостара аан дойду ураты баайынан билиниллэн, 2012 сыллаахха ЮНЕСКО-нан араҥаччыланар эбийиэктэр испииһэктэригэр киирбитэ.

Национальнай паарка буоллахпытына даҕаны, СӨ бырабыыталыстыбата туруорбут соруктарын салгыы олоххо киллэриэхтээхпит. Ол курдук, «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка иниспиэксийэтин сулууспатын сайыннарыы, кордоннары саҥаттын тутуу, тупсарыы, научнай-чинчийэр үлэлэри ыытыы, экологическай туризмы сайыннарыы, историческай-култуурунай нэһилиэстибэни чөлүгэр түһэрии, харыстааһын.

Инникитин Россия сүрүн институттарын кытары бииргэ үлэлээммит, «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын территориятыгар баар үүнээйилэри эрэ буолбакка, ханнык хамсыыр-харамайдар үөскүү сылдьыбыттарын, көрүҥнэрин, сир араас кэмнээҕи араҥаларыгар урут-хойут дьапталҕаламмыттарын чинчийэрбитигэр кыах бэриллиэ.

Паарка инфраструктурата сайыннаҕына, Россияттан эрэ буолбакка, тас дойдулартан туристар кэлиилэрэ элбиэҕэ. Оччотугар олохтоохтор даҕаны үлэ миэстэтинэн хааччыллыа  этилэр. Онон федеральнай таһымнаннахпытына, икки өттүттэн барыстаах буолуоҕа.

Александр Тарасов, Анивера Акимова, «Саха сирэ» хаһыат, http://www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0