«Өлүөнэ очуостара» паарка туристары көрсөргө бэлэм!

08.02.2022
Бөлөххө киир:
«Өлүөнэ очуостара» паарка 2022 сыллааҕы кыһыҥҥы сезону  аһарга бэлэмнэнэр. Бу туһунан паарка инстаграмҥа баар официальнай страницатыгар суруйдулар.
Кэлэр субуотаҕа, олунньу  19 күнүгэр, кыһыҥҥы  сезону аһыы үөрүүлээх сиэрэ-туома ыытыллара былааннанар. Билигин паарка судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэрэ   очуостарга тахсыы ыллыгын  ыраастаан бэлэмнээтилэр. Муус оҥоһуктары оҥоруу үлэтин саҕалаатылар.  Маны таһынан  Батамай — Лабыдьа хайысхатынан  кыһыҥҥы суолу оҥоруохтаахтар.
“Өлүөнэ очуостара” пааркаҕа сыллата 20 тыһыынча кэриҥэ киһи Арассыыйа араас муннуктарыттан эрэ буолбакка, тас дойдулартан тиийэ кэлэн сынньанан, сөҕө-махтайа көрөн-истэн бараллар. 2019 сыллаахха пааркаҕа 21 тыһыынча киһи кэлэн барбытыттан, 3,8 тыһыынчата омук туристара.

 edersaas.ru

Хаартыска: https://www.instagram.com/lenapillars.national.park/

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0