«Өлүөнэ очуостара» паарка федеральнай буолара бары өттүнэн көдьүүстээх
Бу кыһыҥҥыттан «Өлүөнэ очуостара» айылҕа пааркатын федеральнай статустаах оҥоруу боппуруоһун тула айдааннаах кэпсэтии уҕарыыр былаана суох. Өрт уотун курдук сириэдийэн тахса турар. Халлаан лаппа сылыйан, бу ураты пааркаҕа дьон сылдьыыта өссө элбээбит. Бу мээнэҕэ буолбатах.
Александр ТАРАСОВ, «Саха сирэ» хаһыат, https://edersaas.ru
Бүгүҥҥү күҥҥэ «Өлүөнэ очуостара» паарканы федеральнай статустаах оҥоруу хайдах баран иһэрин СӨ айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьевтан ыйыталастыбыт.
– Бу паарка статуһун үрдэтии сүрүн соруга — ураты харыстанар сир саамай үрдүк таһымыгар таһааран, аан дойду билиниитин ситиһии.
Пааркаҕа национальнай статуһу биэрии көдьүүһэ улахан. Ол курдук, бастакы уочарат айылҕа ураты сыаннастарын харыстааһыҥҥа болҕомто өссө күүһүрүө. Иккиһинэн, паарканы көрүүгэ-истиигэ федеральнай үп көрүллүөҕэ. Итини тэҥэ, паарканы экологическэй өттүнэн харыстааһыҥҥа, туризмы сайыннарыыга саҥа хайысхалар, усулуобуйа тэриллиэ этэ. Балары тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай салалталар бииргэ былааннаан үлэлиэхтэрэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ министиэристибэ Хаҥалас, Өлүөхүмэ уонна Алдан улуустарыгар баар геологическэй пааматынньыктарынан геопааркалары тэрийии боппуруостарынан дьарыктанар. Бу пааркалар уопсай иэннэрэ 2 мөл. гектарга тэҥнэһэр уонна 12 геологическэй пааматыннык баарын сэргэ, өссө хас даҕаны айылҕа геологическэй пааматынньыктара эбии баар буолуох курдуктар.
– Национальнай паарканы хайдах тэрийэллэрий? «Өлүөнэ очуостара» паарка статуһун үрдэтии ханнык төрүөттэргэ олоҕурарый?
– «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарканы 2020 сылга диэри федеральнай суолталаах оҥорорго 2011 сыллаахха РФ бырабыыталыстыбатын 2322-р №-дээх дьаһала тахсыбыта. Судаарыстыбаннай бэлиитикэ быһыытынан, Россия таһымыгар ураты харыстанар сирдэри улаатыннарарга 2020 сылга диэри анал кэнсиэпсийэ ылыныллыбыта. Ити чэрчитинэн, анал бырайыагы Москва куоракка баар «ВНИИэкологии» ГБУ бэлэмнээбитэ.
1995 сыллаахха паарка тэриллиэҕиттэн национальнай оҥорууга туруммуппут ырааппыт эбит. Ити сылларга бырайыак докумуонун оҥоруунан тустаах министиэристибэ эрэ дьарыктамматах, биллэр-көстөр учуонайдар, уопсастыбаннас, Хаҥалас улууһун олохтоохторо эмиэ кыттыспыттара.
2016 сыл саҥатыгар Хаҥаласка, Өлүөхүмэҕэ, Алдаҥҥа уонна Дьокуускай куоракка олохтоохтортон ыйытыы быһыытынан уопсастыбаннай кэпсэтиилэр ыытыллыбыттара. Манна экологическэй чинчийии матырыйаалларын аһаҕастык көрдөрбүппүт. Итини тэҥэ, тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын быһаарар матырыйааллар эмиэ бааллара. Уопсастыбаннай кэпсэтиилэргэ тулалыыр эйгэҕэ дьайыытын сыаналаааһыҥҥа (ОВОС) кэккэ этиилэр киирбиттэрин ылыммыппыт. «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа национальнай статуһу иҥэриигэ утарсыы суоҕа. Уопсастыбаннай кэпсэтии түмүгүнэн боротокуол оҥоһуллубута.
Национальнай паарканы тэрийии федеральнай сокуон чэрчитинэн ыытыллар. Итини тэҥэ, уларытыыга сүрүн оруолу экологическай экспертиза матырыйаалларынан оҥоһуллубут түмүк ылар. Федеральнай статус бэрилиннэҕинэ даҕаны, туристар уонна олохтоохтор «Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа сылдьан, кэрэ, ураты айылҕаны кытары өрүү алтыһыахтара. Ханнык да хааччахтааһын киириэ суоҕа.
* * *
«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка өрөспүүбүлүкэ биир саамай кэрэ, ураты миэстэтинэн ааҕыллар. Айылҕа пааркатын хас биирдии эбийиэгэ аан дойду үрдүнэн улахан суолталаах. Ол курдук, «кембрийскэй эстии» Сир үөскээһинин историятыгар улахан суолтаны ылан, биир сүрүн кэрдиис кэминэн биллэр.
Пааркаҕа икки тукулаан баар. Буотама үрэх тамаҕыттан 8 биэрэстэлээх сиргэ баар Кыһыл Элэһин тукулаан – дохсун тыалтан үөскээбит томтор кумах.
Тибиллибит булгунньаҕы нөҥүө түспүт кумах туруору эниэнэн түһэн сири бүтүннүү бүрүйэр. Саамыс Кумаҕа тукулаан 5 биэрэстэ уһуннаах, 850-900 миэтэрэ кэтиттээх. Сыҥаһа уонна субурҕа кумахтаах, 20 миэтэрэҕэ тиийэ оҥхойдоох. Томтор кумах эниэтигэр туорахтаах үүнээйилэр үүнэллэр.
“Өлүөнэ очуостара” айылҕа пааркатыгар биир киэҥник биллэр сиринэн Дириҥ Үрэх буолар. 1982 сыллаахха бу сиргэ аан дойдуга улахан суолталаах арыйыы оҥоһуллубута. Манна саамай былыргы дьон олохсуйа сылдьыбыта биллибитин туһунан биллиилээх учуонай Ю.А.Мочанов быһаарбыта.
Элбэх научнай чинчийии уонна кэтээн көрүү кэмигэр паарка сиригэр-уотугар үүнээйи 464 көрүҥэ, 276 суорда уонна 81 бөлөҕө булуллубут. Итилэртэн 21 көрүҥ сэдэх уонна сүтэн эрэр үүнээйи быһыытынан ССРС, РСФСР, Саха сирин Кыһыл кинигэлэригэр киллэриллибитэ.
Паарка сиригэр-уотугар үүтүнэн иитиллээччи 42 көрүҥэ, уйаланар көтөр 102 көрүҥэ, Саха сирин киин регионугар үөскүүр балык 21 көрүҥэ, гадюка уонна күлгэри бииһин ууһа баар.
Муора кубата, ала тойон, хотой, собоһут, кыталык курдук харыстаныллар көтөрдөр эмиэ манна үөскүүллэр. Хомурдуос икки көрүҥэ (жужелица Крубера, жужелица решетчатая), лыах икки көрүҥэ (бабочка аполлон обыкновенный, медведица Менетрис) Кыһыл кинигэҕэ киирэллэр.
Бу түбэҕэ баар айылҕа ураты эбийиэктэрэ бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат ураты историческай уратылаахтарын таһынан, өссө мифологическай суолталаахтар. Манна баар өрүстэр, үрдүк кырдаллар, хайалар, ытык мастар бары иччилээхтэр.
Онон манна Хаҥалас улууһун эбэҥкилэрин этническэй бөлөхтөрүн историята хараллан, мунньуллан сытарын сэргэ, кинилэр олохторун-дьаһахтарын түөрэҕэ манна түһэр, олохтонор. Маны көрүүгэ-истиигэ ураты болҕомто ирдэнэр. Киһи уонна Айылҕа алтыһыыларыгар ураты эйгэ наадатын кэрэһилиир.