«Өлүөнэ очуостара» пааркаҕа 15 тыһыынча турист сылдьарын күүтэллэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Былырыын сайын устата Өлүөнэ очуостарыгар 11 тыһыынча турист сылдьыбыт эбит буоллаҕына, сынньалаҥы тэрийээччилэр быйыл 15 тыһыынча ыалдьыты күүтэллэр. Бу туһунан объясняем.рф саайт суруйар.

— Бу сайын 15 тыһыынчаҕа диэри турист сылдьарын күүтэбит, — диэн «Өлүөнэ очуостара» паарка дириэктэрэ Аркадий Семенов бүтэһик биэс сылга турист ахсаана үс төгүл элбээбитин бэлиэтээн туран иһитиннэрэр.

Национальнай пааркаҕа дьон ордук сөбүлээн Лабыйа диэн сиргэ сылдьар эбит. Бу икки килэмиэтир уһуннаах суолунан үөһээ дабайан, көрөр былаһааккаҕа тахсар сир буолар. Итиэннэ Буотаманан айаны дьон-сэргэ сэҥээрэр эбит.

Бу саас пааркаҕа 16 тыһыынча киһи сылдьыбыта биллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0