«Өлүөнэ очуостара» Айылҕа паарката дьаҥ кэмигэр туристары киллэрбэт
26.06.2020
«Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка дириэксийэтэ иһитиннэрбитинэн, бүгүҥҥү күҥҥэ туризм бу бөдөҥ эбийиэгэр туристар сылдьаллара бобуулаах.
edersaas.ru
Сыстыганнаах дьаҥынан сибээстээн салалта дьаһалынан Лабыйа ( Өлүөнэ очуостара), «Уус Буотама» баазата, Буотама үрэх, тукулааннар, «Дириҥ үрэх» курдук туристическай эбийиэктэр сабыллан тураллар.
Ураты харыстанар сиргэ-уокка сылдьыы эрэсиимин кэспит дьон «административнай быраабы кэһии туһунан» РФ Кодексын 8.39 ыстатыйатыгар олоҕуран административнай буруйдааһыҥҥа түбэһиэхтэрэ. Судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр паарка сиригэр-уотугар күн аайы былааннаах бэрэбиэркэни ыыталлар.
Елена ПОТОЦКАЯ «Саха сирэ», edersaas.ru
Хаартыска — СИА.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1