Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ сааскы уонна сайыҥҥы халаан уутуттан 5,3 тыһыынча кэриҥэ 63 нэһилиэк олохтоохторо эмсэҕэлээн, уопсайа 1,4 миллиард солкуобай кээмэйдээх хоромньу тахсыбыта. Амма, Уус Маайа, Таатта, Чурапчы улуустарыгар көһүппэтэх өттүттэн улахан уу кэлэн, айылҕабыт эмиэ сэрэппэккэ “сиэтэлээбитэ”. Быйыл быһыы-майгы хайдах буолуоҕун билээри Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Аргуновы кытары кэпсэттибит.
edersaas.ru
Сорох сиринэн хаар саппааһа нуорматтан элбэх
Аны икки ыйынан өрөспүүбүлүкэ өрүстэрэ муус билиэниттэн босхолонон барыахтара. Урукку дьыллардааҕар Өлүөнэ өрүс түөрт-биэс хонугунан эрдэ эстиэ диэн билгэлииллэр. Былырыын Иркутскай уобаласка муус устар 24-гэр хамсаан, Өлүөнэ мууһа Саха сирин кыраныыссатыгар ыам ыйын саҥата тоҕо анньан кэлэн, хата, этэҥҥэ дьаалатынан устан ааспыта. Оттон кыра өрүстэр кубулҕатыран, ол иһигэр Амма, Алдан халааннааннар, Амма, Чурапчы, Таатта, Уус Маайа улуустарыгар кэтэһиллибэтэх өттүттэн алдьархай ааҥнаабыта. Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Петр Аргунов, Амма уонна Алдан өрүстэри бата олорор нэһилиэнньэлээх пууннарга быйыл хаар саппааһа нуорматтан элбэҕин (130-200%) этэр. Икки сыллааҕыта Халыма улуустарыгар кыһын устата үлүгэрдээх хаар түһэн, саас халааннаан, хас да нэһилиэнньэлээх пуун олоччу ууга барбыта.
Күһүн Амма уонна Уус Маайа улуустарыгар элбэхтик ардаабыта. Онон, уу-хаар нуорматтан элбэҕэ сэрэҕи эмиэ үөскэтиэн сөбүн Петр Михайлович бэлиэтээн этэр. Аны Алаһыайга күһүн элбэхтик ардаан, мантан саас уу таһыма үрдүүр чинчилээх.
Өлүөнэҕэ Ленскэй, Өлүөхүмэ, Нам, Кэбээйи уонна Дьокуускай куорат таһынан, оттон Алдаҥҥа Уус Алданынан муус харыыта үөскүөн сөп.
Муус халыҥаан иһэр
Быйыл саас балаһыанньа чопчу хайдах буоларын этэр эрдэ. Гидрометеосулууспа дьиҥнээх билгэлээһини муус устар ортото биирдэ биэрэр. Ону ол диэбэккэ, быар куустан кэтэһэн олорбокко, Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын исписэлиистэрэ бэйэлэрэ сабаҕалааһыннары оҥороллор. Муус хаһан, хайдах ааһыаҕын сылыктыыллар, ханнык оройуоннарга уу-хаар саппааһа төһө элбэҕин үөрэтэллэр.
Олунньу 28 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ өрүс мууһа Ленскэй, Өлүөхүмэ, Дьокуускай куорат аннынан урукку сыллардааҕар лаппа халыҥаабытын этэллэр. Маннык быһыы-майгы Халымаҕа Зырянка уонна Орто Халыма итиэннэ Дьааҥы өрүскэ Верхоянскай куорат аннынан үөскээбит.
670,8 га сири хараардыахтара
Сыллата өрөспүүбүлүкэ өрүстэригэр мууһу хараардыы, эрбээһин үлэлэрэ тэрээһиннээхтик ыытыллар. Уу ресурсаларын федеральнай агентствотын Өлүөнэ сүнньүнээҕи ууга управлениетын чахчыларынан, былырыын 65 учаастакка 670,8 га иэннээх сири хараардыбыттара, оттон 12 учаастакка 77 килэмиэтир усталаах мууһу эрбэппиттэрэ.
Мууһу кэбирэтии үлэлэрин управление 2006 сылтан, Россия Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин института бигэргэппит ньымаларын туһанан ыытар. Быйыл саас, эмиэ урукку сыллар курдук, 68 учаастакка 670,8 га сири хараардыахтара уонна 12 учаастакка 77 килэмиэтир мууһу эрбэтиэхтэрэ. Туһааннаах үлэни ыытыыга быйыл федеральнай бүддьүөттэн 30 мөлүйүөн 776 тыһыынчаттан тахса солкуобай көрүллүбүт.
Муус устартан саҕалаан туһааннаах управление уонна Экология министиэристибэтэ учаастактарынан арахсан кутталлаах учаастактарынан мууһу хараардыы, эрбээһин үлэлэрин ыытыахтара. «Таҥара сэрэҕи сөбүлүүр» дииллэринии, эрдэттэн бэлэмнэммиппит ордук.
Анивера Акимова, edersaas.ru