Өлүөнэ мууһа 2 — 7 хонугунан эрдэ хамсыаҕа

17.04.2020
Бөлөххө киир:

Саха сиринээҕи гидрометкиин билгэлээһининэн, Өлүөнэ мууһа урукку сыллардааҕар эрдэ устуоҕа.

edersaas.ru

Ол курдук, Саха сиригэр Өлүөнэ мууһа 2 — 7 хонугунан эрдэ эстиэҕэ.  Дьокуускай аннынан муус ыам ыйын 13 күнүн диэки устара сабаҕаланар.

Нэһилиэнньэҕэ куттал суох буолуутун хааччыйар судаарыстыбаннай кэмитиэт иһитиннэрэринэн, муус харыыта Өлүөнэ өрүскэ Нам, Дьокуускай куорат таһынан, Алдан өрүскэ Уус Алдан улууһун, Халыма өрүскэ Үөһээ Халыма уонна Орто Халыма улуустарын территориятынан үөскүөҕүн  билгэлииллэр.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0