Өлүөнэ муостата төһө түргэнник тутулларыттан Сахабыт сирин сайдыыта улахан тутулуктаах.
Ол курдук сылы төгүрүччү, тиһигин быспакка Өлүөнэ өрүс уҥа уонна хаҥас биэрэгин дьоно-сэргэтэ хардарыта сылдьыһыах, үлэни хамнаһы хаайтарыыта суох хардарыта ыытыһыах этилэр. Аллараа Бэстээххэ кэлбит тимир суол өҥөтө түргээтиэх, биллэ улаатыах, экономиката тупсуох этэ. Ол үлэ бары хайысхаларыгар, дьон олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга сүҥкэн хамсааһыны таһаарарыгар бигэ тирэх буолара саарбахтаммат. Өлүөнэ эбэ устун, уонна атын хотугу өрүстэринэн манна баар улуустарга таһаҕаһы таһыы биһиги кылгас сайыммытыгар биллэ түргээтиэх, улаатыах уонна тупсуох этэ. Ол хоту эҥэр бырамыысыланнас сайдыытын саҥа кэрдиис кэмҥэ таһаарыыга төһүү буолуоҕа.
Биһиги Сахабыт Сиригэр олохтоох оҥорон таһаарыы төһөнөн улаатар да, дьон олоҕо-дьаһаҕа тупсар. Онон Өлүөнэни туоруур муоста тутуллара олох ирдэбилэ дии саныыбын.
«Тааттаавтодор» ААУо генеральнай дириэктэрэ Уйбаан Бочонин