Өлөөн улууһугар оскуола-саад иккис үөрэх дьылын саҕалаата

Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун Харыйалаах нэһилиэгэр сэдэх суолталаах оскуола иккис үөрэх дьылын саҕалаата.

edersaas.ru

200 оҕо үөрэнэр оскуола-саада АЛРОСА дивидениттэн улуус бүддьүөтүгэр киирэр үбүнэн уонна Инвестиция бырагырааматынан 2021 сыллаахха тутуллубута.
Харыйалаах оскуола-саадыгар 120 үөрэнээччи уонна оскуола иннинээҕи саастаах 75 оҕо сылдьар кыахтаах. Билигин манна 125 үөрэнээччи уонна 80 кыра оҕо баар. 3,5 тыһыынча квадратнай миэтэрэ уопсай иэннээх, 600 мөлүйүөн курдук суумалаах эбийиэк АЛРОСА хампаанньа дивиденин үбүнэн уонна эрэгийиэннээҕи инвестиция бырагырааматынан тутуллубута.

«Биһиги улууспут бары оскуолаларыгар, ол иһигэр былырыын АЛРОСА үбүнэн тутуллубут Харыйалаах оскуолатыгар, саҥа үөрэх дьыла ситиһиилээхтик саҕаланна, оҕолор манна үөрэнэллэрин олус сөбүлүүллэр», -– диэн Өлөөн эбэҥки национальнай оройуонун баһылыга Лена Иванова кэпсээтэ.
«Уопсайынан эттэххэ, АЛРОСА биһиги улууһу кытары уруккуттан туруктаах сибээстээх. Алмаас бырамыысыланнаһын баһылааһын кэмиттэн биһиги хос эһэлэрбит, эһэлэрбит уонна аҕаларбыт сирдьитинэн, табаны салайааччынан уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбит арҕаа өттүн баһылыыр араас эспэдииссийэлэргэ оробуочайынан сылдьыбыттара. Онтон билигин, алмаастаах хампаанньа дивиденнэрэ биһиэхэ бэриллэрэ уонна улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар угуллара сөптөөх уонна дьоһуннаах толуйуунан буолар», -– диир баһылык.


Лена Иванова бэлиэтээбитинэн, АЛРОСА хампаанньа дивиденнэринэн кэнники сылларга оройуоҥҥа хас да эбийиэк тутулунна, ол иһигэр Өлөөҥҥө «Илкит» этнокултуурунай киин уонна Харыйалаахха икки мэндиэмэннээх таас оскуола-саадыгар табаһыттар уонна балыксыттар оҕолоро үөрэнэллэр.


«Маннык оскуола Арассыыйаҕа ханна да суох, тоҕо диэтэххэ, үөрэх уонна иитии төрөөбүт тылы уонна эбэҥки норуотун үгэстэрин үөрэтиигэ уонна сайыннарыыга туһуланаллар. Ону таһынан, оскуола көстүүтэ эмиэ олус дьикти, бырайыага Уһук Хотугу сир усулуобуйатын учуоттаан, нэһилиэккэ анаан-минээн толкуйдаммыта», -– диэтэ Өлөөн оройуонун баһылыга.
Бастакы үөрэх дьылын бүтүүтэ үөрэнээччлиэр үчүгэй түмүктэри көрдөрбүттэрэ. Онтон Харыйалаах оскуолатын бүтэрээччилэр бары БКЭ уонна ОГЭ ситиһиилээхтик туттарбыттара.
«Бу оройуоҥҥа маннык үп мээнэҕэ угуллубатын көрдөрөр. АЛРОСА дивиденин суотугар тутуллубут бары эбийиэктэр көдьүүстээх буолалларыгар эрэллээхпин. Мин биһиги стратегическай бииргэ үлэлэһээччибитигэр -– АЛРОСА хампаанньаҕа эбэҥки кыраайа сайдарыгар дьайыылаах көмөтүгэр махтанабын уонна биһиги холбоһуктаах үлэбит салҕаныаҕар эрэнэбин», -– диэн түмүктээтэ Лена Иванова.
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев оскуола аһыллыытыгар бэлиэтээбитин курдук, Харыйалаахха «Өлөөн улууһугар эрэ буолбакка, Арктикаҕа барытыгар бастыҥ оскуола саад-баар буолла, бу -– бэйэтин төрөөбүт сирин дьиҥнээх патриота, олохтон эрдэ туораабыт Өлөөн оройуонун баһылыга Александр Иванов улахан өҥөтө».

ЫСПЫРААПКА:
АЛРОСА дивиденнэрэ уонна эбии төлөбүрдэрэ ардыгар алмаастаах түөлбэ оройуоннарын бүддьүөттэрин аһараллар. Ол эбэтэр, улуустар социальнай инфраструктураны, суол уонна дьиэлэр өрөмүөннэрин сайыннаралларыгар уонна ыксаллаах усулуобуйаҕа олорор нэһилиэнньэ өйөбүлүгэр улахан кыах бэриллэр.
Арктика оройуоннарын ортолоругар Өлөөн улууһа биэс сыл устата социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар бары көрдөрүүлэргэ туруктаахтык инники иһэр. Өлөөн улууһун бүддьүөтүн нолуок үбүнэн, АЛРОСА эбии харчынан көмөтүнэн толоруу олохтоох нэһилиэнньэ олоҕун таһымын биллэ үрдэтэргэ уонна улуус соыиальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар үтэйэр күүһү биэрэргэ көмөлөһөр. Онуоха улуус сүрүн көрдөрүүтүгэр демография -– нэһилиэнньэ элбээһинэ улахан оруоллаах.
АЛРОСА нолуокка төлөбүрэ Саха сирин бүддьүөтүгэр өссө биир биллэр көмөнөн буолар. Хампаанньа
нолуогун 90% өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүгэр угар. Онон, АЛРОСА Саха сирин бүддьүөтүн 40% оҥорор.

«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Елена ТИХОНОВА суруйуутуттан тылбаас, Дария ТАРБАХОВА хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0