Өлөөн дьокутааттара бэтэрээннэргэ муус бэлэмнээтилэр

Бөлөххө киир:

Өлөөн улууһун уонна нэһилиэктэрин дьокутааттара тыыл уонна үлэ бэтэрээннэригэр муус ылан биэрдилэр. 

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа уонна «Эдэр Гвардия» чилиэннэрэ онус сылларын улуус аҕам саастаахтарыгар, элбэх оҕолоохторугар, соҕотох ийэлэргэ көмөлөһөллөр.

«Быйыл 25 бэтэрээҥҥэ, ол иһигэр үс инбэлииккэ, 11 тыыл бэтэрээнигэр муус ыллыбыт. Урукку сылларга элбэх оҕолоохторго уонна соҕотох ийэлэргэ куруук көмөлөһөөччүбүт, быйыл дьаҥ туран, бэтэрээннэргэ эрэ муус бэлэмнээтибит», — диэн Өлөөннөөҕү бэлиитсэбиэт салайааччыта Марианна Николаева кэпсиир.

Маны сэргэ «Үтүө санаа харыйата» аахсыйа чэрчитинэн, баартыйа кыттыылаахтара Өлөөн уонна Дьилиҥдэ нэһилиэктэригэр олорор олох уустуктарыгар түбэспиттэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга уонна соҕотох ийэлэргэ 300-тэн тахса саҥа дьыллааҕы бэлэҕи хомуйбуттар.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0