«Өлөн» баран тиллии

Бөлөххө киир:

Сүллүүкүн тириитин кэтэ сылдьыбыт киһи туһунан сатирическай кэпсээн

Дьыл оройо. Саамай кылгас күннэр, саамай хараҥа, уһун түүннэр. Ол да буоллар, күн-дьыл иэччэҕэ хамсаан, сырдык диэки тардыһан, кутуйах хаамыытынан да буоллар, күммүт уһаан киирэн барда. Кириһиэнньэ чугаһаан, тохсунньу тоһуттар тымныыта, аам-даам тумана түстэ.

Ангелина Васильева-Дайыына, «Cаха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

Саабын Сахаар бу үлүгэрдээх күн аайы субуллар бырааһынньыктарга, уһун-синньигэс өрөбүллэргэ аһара «бырааһынньыктаан» кэбиһэн, кэнникинэн күнүн-дьылын да араарбат буолан барда. Үлэтигэр тахсыахтаах эрэ, суох эрэ, барытын умнан, били этэр «запуойдарыгар» төбөтүнэн умсан хаалла. Биирдэ эмэ өйдөнөн кэлэн, эмээхсинин үллэ кыыһырбыт сирэйин көрөр да, эмиэ түҥ-таҥ барар.
Биир күн оҕолоро «Таҥха, Таҥха» дии-дии бүлүүһэ сүүрдээри сүпсүгүнэспүттэригэр: «Бу дуо, эһиги Таҥхаҕыт? Былыр биһиги саҕана баар этэ, дьиҥнээх Таҥха! Сэргэни да кууһарбыт, сүллүүкүттэри да иһиллиирбит…» диэн өйдөөҕүмсүйэн эрдэҕинэ, улахан уола күлүү гынан, саба саҥаран кэбистэ. «Сүллүүкүн дуо? Ол туоххунуй? Паа, ол «чертиктарыҥ» от күөх өҥнөөх буолбатах этилэр дуо?».
Сахаар онтон кыыһыран, бурайсыах курдук буолбутугар, уола, саҕатыттан ылан баран, таһырдьа анньан кэбистэ. Хата, кыыһа аһыммыта буолан, сонун, бэргэһэтин, үтүлүгүн быраҕан биэрдэ. Бэрдин бэрт, хаһаастаах, сонун сиэбигэр быһаҕас буоккалаах буолан, кыһыйбыта-абарбыта сыыйа уҕарыйда. «Оннук-маннык… бэҕэһээҥи быт-былахы… күлбүт буола-буола… Оччотугар кырдьык да сүллүүкүттэри иһиллии барыам ээ… Көстүө суоҕа диигит дуо… Көрүөм ээ…» диэн араастаан баллыгырыы-баллыгырыы, күөл диэки дьөгдьөрүйэ турда…
* * *
Илэ этэ дуу, түүл этэ дуу? Били этэр «биэлэй гэрээчкэлэрэ» буоллаҕа дуу? Ойбон аттыгар тоҥон бабыгырыы, иттэ сатаан буоккачаанын куолайыттан хантата турбута. Ирээри ойуоккалыы сылдьан, тоҥ ынах сааҕыттан иҥнэн, эбиитин килэҥ муустан халтарыйан, умса баран, төбөтүн оройунан ойбоҥҥо түһэн эрэрэ баара… «Ө-өх! Өллүү-үм!» диэн хаһыытыан баҕарбыта да, тымныы ууга чачайан, түлэс-балас барда…
— Һуу, тугуй бу? Өлбөтүм дуу, эбэтэр өлөн баран илэ сылдьар диэннэрэ кырдьык эбит дуу? — диэн өйдөнөн кэллэ.
Арай туран Саабын Сахаар күөл аннынааҕы дьикти дойдуга тиийэн хаалбыт. Ол дойду маһа-ото уу ото да буоллар, син хамсыырдаах-харамайдаах буолар эбит. Туох эрэ күлүкүчүспүт, түүлээх харамайдар кэлэн, кинини илиититтэн-атаҕыттан тутан, ханна эрэ соһон илтилэр. Ньуу-ньаа саҥалаах курдуктар. «Сорум эбит! Сиэри илтилэр. Саатар өлөн да баран, иккиһин өлөр дьылҕалаах буоллаҕым. Дьиикэйдэр сордоон-муҥнаан, тыыннаахтыы сииллэрэ буолуо… Оо, таах даҕаны аат аһын аһаан, суорума суолланнахпын көр! Оҕолорбун, эмээхсиммин кытта киһилии бырааһынньыктаан, үөрэн-көтөн олорбутум буоллар, манныкка тиийиэ суох этим!..» диэн иһигэр аймана, эрдэттэн тыас таһааран, ыҥырҕаан ытыы истэ. Били баҕайылара туох эрэ дьиэ курдукка киллэрэн, быраҕан кэбистилэр.
Сахаар төбөтүн өндөтөн, тула өттүн көрдө… Оо, бабат! Иннигэр силтэллибит сибиинньэ курдук сирэйдээх, кып-кыараҕаһынан кылахачыччы көрбүт кылар харахтаах, эбиитин муостаах-туйахтаах уонна кыһыл ынаҕар истээх, уп-улахан кулгаахтаах, уһун түүлээх күтүр хараҕын уотун киниэхэ хатаабыт эбит! Киниттэн итэҕэһэ суох эрээри, арыый кыра баҕайылар тула өттүттэн сарбаҥнаһан, бу сиэри-аһаары тиис-уос оҥосто тураллара ынырыгыан!..


Алдьархайдаах баанда атамаана күлэн арсайан баран, хоҥсуотук тугу эрэ саҥарда. Атын илиэһэйдэр онтон үөрбүтэ буолан, өрүтэ хончоҥностулар, үҥкүүлээбитэ буолан, чохчороҥноотулар.
Сахаар бу сытан өйдөөн көрбүтэ, кини бэйэтэ эмиэ муостанан-туйахтанан, сибиинньэ сирэйдэнэн, хойуу түүлэнэн хаалбыт эбит! Дьэ, эрэй да буолар эбит! Саатар өлөн да баран, сүгүн сылдьыбат буоллаҕа.
Хайыай, муннукка бүгэн олорбохтоон баран, биир сирэйдээхтэрин кытта олох олорон бардаҕа дии. Аһыахха, таҥныахха эмиэ наада… Бээ, дьиктитэ диэн, манна таҥас наадата суох эбит. Айылҕа тугу анаабытынан, хатаҕалаабытынан сылдьаллар. Кыбыстыы диэн адьас биһирэммэт дойдута эбит. Анарааҥылара да, хата, кинини туората көрбөтүлэр.
Ити курдук Сахаар эрэйдээх сүллүүкүттэри кытта сүлүүкүн буолан сырытта. Таҥха кэмигэр ууга түспүт киһи сүллүүкүн буолан хаалар эбит. Дьэ, иэдээн. Сүллүүкүттэр олохторо оруобуна орто дойду олоҕун тиэрэ туппут курдук буолла. Эмиэ ыал буолан олороллор, үлэлээбитэ буолаллар, ас-үөл, баай туһугар охсуһаахтыыллар. Бу тойон үөһэ тойон дойдута эбит. Хайыай, орто дойдуга да «тос курдук тойоммун» дэммит аҕай элбэх буоллаҕа. Манна барыларын салайар улахан тойонноохтор үһү. Ол тойонноро дьокутааттарын мунньан, сылга иккитэ атыыр мунньах
тэрийэр үһү. Ол эрэн, онно да, манна да — баай былдьаһыыта. Биир дьокутаат кыыһын эргэ биэрэригэр сүллүүкүттэртэн барыларыттан түһээн хомуйан, алдьархайдаах улахан уруу тэрийбит сурахтаах. Дьэ, накаас эбит! Сүллүүкүттэр орто дойду олоҕун эгэлгэтин түөрэ үтүктээри сордонон эрдэхтэрэ.
Дьыл оройугар, сылга биирдэ, сүллүүкүттэр күөллэрин былыыгын-бадараанын куулга хаалаан, оҕолорун-урууларын субурутан, орто дойдуга тахсаллар. Былыыктара онно тиийэн харчы буолан хаалар. Иччитэх өтөхтөргө дугуйдана сылдьан, ол харчыларынан хаартылыыллар, оонньууллар-көрүлүүллэр. Быһата, «ыһыах» ыһаллар. Ол харчылара үс күн иһинэн төттөрү былыыкка-бадарааҥҥа кубулуйар.
Киһи бэрдэ, Сахаар, ол быыһык кэмнэ түбэһиннэрэн, сүллүүкүттэрин батыһан, орто дойдуга эмиэ күөрэс гына түстэ. Ол да буоллар, дьүһүнүттэн кыбыстан, иччитэх өтөхтөн тахсыбата. Хайдах гынан, төттөрү киһи буоларын толкуйдуу сатаата даҕаны, тугу да тобулбата. «Киһи буоларым буоллар, аны хаһан да арыгылаан-айдааран дьаабыланыам суох этэ… Орто дойдуга олох диэн кэмчитик да бэриллэр эбит. Орто дойдуга биир күн олоруу дьол эбит. Ону сыаналаабакка, эҥин араас куһаҕан дьаллыктарга ылларан, сирэйбитин сиргэ-буорга тэпсэр эбиппит. Кэргэммин, оҕолорбун эрэйдээбэккэ, үлэлээн-хамсаан, орто дойду олоҕун уйгутун барытын сомсон олорбут киһи баар ини…» диэн муҥун ытаата…
«Һуу, бу тугуй!?. Ханна баарбыный? Илиим-атаҕым… Бэйи эрэ, төттөрү киһи буолан хаалбыппын дуу? Бу дьолу… Дьиэбэр бара охсуохха. Аны били баҕайылар эмиэ кэлиэхтэрэ», — дии-дии Саабын Сахаар ойон туран, дьиэтин диэки харбыаласта. Ойбон аттыгар буоккатын «эмэ» олорон утуйан, баттатан, түүл түһээбитин сэрэйээхтээбэтэ. Хата, куһаҕантан киһи күлэр диэбиккэ дылы, мантан ыла Сахаар аһаабыт-айдаарбыт сураҕа иһиллибэтэҕэ…
Ангелина Васильева-Дайыына, «Cаха сирэ» хаһыат, www.edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2