Биирдэ ийэм ыаллыы олорор Татыйаас эмээхсиҥҥэ сорудахха ыытта. Кини иистэнэр массыынатыгар сабын кыайан укпакка төлөпүөнүнэн миигин ыҥыттарбыт этэ. Тиийэн абырыы охсон баран, төттөрү тахсан истэхпинэ, дьиэлээх хаһаайка остуолга чэйдэтэ ыҥырда.
«Тукаам, мин өлөн ылбыт күммүн кэпсиим дуу, эйиэхэ?” – диэтэ Татыйаас уонна итии чэйин сыпсырыйан ылан баран, түннүгүнэн ыраас халлааны одуулаан ылла.
«Биир күн муоста сууйан бүтэн баран, оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕар кинигэбин салҕанан ылаары гыммыппар, олоппоһум түөрэҥнээтэ. Онтон суулуннум уонна аара аһаҕас турар эрэсиэткэ боруобатын таарыйан уокка оҕустардым. Илиим өссө да инчэҕэйэ ааспатах буолан, күүскэ бэрдэрдим. Ыарыыта сүрдээх! Эмискэ кыл түгэнэ аһыйыыта мүлүрүйэ оҕуста.
Харахпын астым. Көрбүтүм — мин курдук киһи муостаҕа илиитин туора быраҕан, сутуругун хам туппутунан умса сытар. Улаханнык соһуйбатым. Тулам барыта эрэһэ долгун быыһынан көрөргө майгылыыр. Мин өлбүппүн сэрэйдим, онтон бу көрө турааччы мин дууһам, сахалыы эттэххэ, кутум-сүрүм буоларын тута биллим. «Кытаатан бу сытар бэйэбин быыһыы охсуохха наада эбээт, суһал көмөнү ыҥырыахха», — диэн аан диэки сүүрдүм. Онтукайбын арыйаарыбын илиибинэн таарыйаат да, курдат ааһаммын күүлэм муостатыгар умсары баран түстүм!
«Арба, киһи дууһата тугу да сатаан таарыйбат диэччилэр, ол оннугар сибиэн буолан дьоҥҥо көстүөн сөп», — дии санаат, эмиэ дьиэбин курдаттаан дьону ыҥыраары таһырдьа ойон таҕыстым. Иккис дьиэҕэ дьонум бааллара. Ол диэки түргэн үлүгэрдик көтөн истэхпинэ, оройбуттан туох эрэ тардарга дылы гынна. Халлаан диэки хайыспытым, төбөм үөһэ өттүттэн түгэҕэ көстүбэт буолуор диэри уһун маҥан быа миигин салгыҥҥа ыйаан туруорар эбит!
Көрүөх бэтэрээ өттүгэр, холоруктуу эргийэн, төгүрүк быһыылаах уһун көрүдүөр устун көттүм. Сып-сырдык, чап-чаҕылхай ыраас сиргэ тиийэн кэллим. Тулабын өйдөөн көрбүтүм — уп-уһун, устата-туората биллибэт маҥан остуол бэтэрээ өттүгэр үрүҥ таҥастаах, олус кэрэ мөссүөннээх үс дьикти улахан дьон олороллор эбит. Биирдэстэрэ сиргэ диэри сыыйыллыбыт кумааҕылаах, оттон тэйиччи олорооччулара салгыҥҥа ыйана сылдьар ноутбук курдугу тутан олорон, тугу эрэ бэчээттиир да бэчээттиир. Үһүстэрэ мин сирэйбин-харахпын уоттаах хараҕынан тобулу одуулаан олорор. Чочумча буолаат, анарааҥҥылар кини диэки көрдүлэр уонна киһи сатаан тылбаастаабат ураты тылынан тугу эрэ сүбэлэстилэр, быыһыгар мөккүһэн да ыллылар быһыылаах. Онтон үһүөн тэбис тэҥҥэ мин диэки хайыһа биэрдилэр уонна: «Манна кэлэн олор!» — диэтилэр. Ити дьиибэ дьоҥҥо устан тиийдим, үрдүк да үрдүк дьэп-дьэҥкир олбоххо олордум.
Ортоку Киһи илиитинэн салгыны таарыйбытыгар, сүүнэ улахан киинэ тыйаатырын экранын курдук «Эн дьылҕаҥ» диэн сурук таҕыста. Ити кэннэ, олоҕум хас биирдии кэрдиис түгэннэрэ, төрүөхпүттэн бу уокка оҕустарыахпар диэри түргэн киинэ курдук көстөн ааста. Сиргэ эбитим буоллар, бэйэм олохпун барытын маннык көрөр табыллыбат буоллаҕа, оттон манна кэм-кэрдии тиэрэ эргийбитин курдук дьикти баҕайытык барыта көһүннэ! Хас биирдии сөкүүндэҕэ тугу санаабытым, тугу толкуйдаабытым билиннэ! Ол онтон ардыгар кыбыстан, кыыһырбыт, кыйахаммыт сөкүүндэлэрбиттэн хомойон да ыллым этэ ээ! Тулуйбут ыарыыларбын, дьолломмут түгэннэрбин, хараастыбыт-хомойбут күннэрбин барытын саҥаттан көрөн, дууһам сылайбыт курдук буолла, кыайан туох да диэн эппэтим, санаам баар эрээри, саҥарар саҥам суох буолбут курдук.
Эмискэ, ити дьикти дьон тэбис тэҥҥэ: «Эйигин, арҕаһыттан тэһииннээх Айыы Аймаҕын, көхсүттэн көнтөстөөх күн киһитин, аньыыны оҥорбутуҥ аҕыйаҕын быһыытынан, Үрдүк Айыы Таҥарабыт сырдык эйгэтигэр ыытыахтаах этибит. Ол эрэн… бу дьылҕаҥ толору туолбутун суоҕун быһаарсан сүбэлэстибит — төрөөбүт түөлбэҕэр, иэримэ дьиэҕэр төннөн, ситэриллибэтэҕи көрдөө!» — диэн дорҕоонноохтук сатараан саҥардылар. Бу кэмҥэ ити салгыҥҥа ыйанан турар экраҥҥа мин олохпуттан биир түгэн көстөн кэллэ.
…Оһох иннигэр эһэм барахсан олороохтуур. Ол күн кини табаахтыы-табаахтыы маннык диэн эппиттээҕэ:
“Биһиги бары туспа ыйаахтанан кэлбит дьоммут, сирдээҕи олох чыычаах түннүгүнэн элэс гынан ааһарын курдук түргэн. Ол эрэн киһи аймах олоҕун киэргэтэрин эрэ туһунан толкуйдуо суохтаах. Кини Аан дойдуттан улахан ситимнээх. Онтуката этигэр-сиинигэр иҥэн-тоҥон сылдьар. Биһиги инникибитин оҕолорбут оҥороллор. Көлүөнэ кэнниттэн көлүөнэ үөскээн, биһиги бука бары Айыы Таҥара биир ураты соругун толорор ыйаахтаахпыт. Онон, тукаам, эн улааттыҥ, үөрэхтэнниҥ, бэйэҥ эрэ тускар олорума, сыдьааҥҥын салҕаа, кэлэр кэскилгин кэҥэт, ыччаккар кыһалын, үтүөнү оҥор!”.
Мин оччолорого сүүрбэччэлээх эдэркээн оҕо буоламмын, аҥаар кулгаахпынан истэн баран аһарынан кээспитим. Ол кэннэ үөрэхпин бүтэрэн баран, дойдубар үлэлии кэлбитим уонна сотору кэминэн кэргэн тахсыбытым. Бу түбэлтэҕэ ити кэнниттэн үһүс сылыгар түбэспитим.
Эһээбин көрдөрбүттэрин кэнниттэн муударай өй-санаа куппар-сүрбэр кутуллан истэҕинэ, улахан тыас тыаһаата! Тулам барыта хараҥаран хаалла. Хараҕым сабыллан баран, арыллыаҕын икки ардыгар көрбүтүм – дьиэм ааныгар кэлэн турар эбиппин. Түгэх хоско чүмэчи умайар, онно мин өлүгүм хоруоп иһигэр сытар! Ону көрөн санааҕа да ыллардым этэ. Мин таспар кэргэним олус хомойбут, курутуйбут көрүҥнэнэн олорор. Кинини ис испиттэн аһынным. Ытыахпын хараҕым уута суох, арай дууһам дьикти күлүгэ кытаран ылар.
Сотору буолаат, эрим муннун тыаһа сырдырҕаан, олорон эрээритин утуйан хаалла. Мин, баҕардар, киниэхэ мэһэйдиэм диэн атын хоско тэскилээн, истиэнэни курдары куухунаҕа киирдим. Истиэнэҕэ ыйанан турар чугас дьоммун кытта түспүт хаартыскаларбын көрүтэлии турдум. Соһуччу ойоҕоспор эрим куолаһа иһиллэ биэрдэ: «Хайа, Таанньыска! Тыыннаах эбиккин дуу?» — диэтэ.
Мин соһуйаммын, муннукка дьылыс гынным, миигин эрэ көрбөтөр диэн ыскаап ойоҕоһугар састым. Бу кэмҥэ, киһим, син биир булан, чугаһаан оргууйдук кууста. Арай, өйдөөн көрбүтүм — эрим дууһата сылдьаахтыыр эбит. Хайдах эрэ, кини эмиэ «бараахтаабыт» быһыылаах дии санааммын, олорор сиригэр көтөн тиийдим. Ол эрэн, тыыннаах ээ, тымыра хамсыыра көстөр, сүрэҕин тыаһа субу иһиллэр. Уоскуйаммын, утуйар уутун кэмигэр кини кута-сүрэ сылдьарын өйдөөтүм.
«Таанньыска! Тоҕо эн миигин соҕотохтуу хаалларан бардыҥ? Эн биһикки өссө даҕаны эдэрбит, оҕолонуохпут-урууланыахпыт, ыал-ыал курдук буолуо этибит буоллаҕа дии! Тоҕо бардыҥ биһигиттэн?» — дии-дии, тапталлааҕым дууһата сулана-сулана иэнигийэн ытаата.
— Доҕорум сыыһа! Наһаа хараастыма! Оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕар кинигэбин ылаары, ыскаапка хатаастыбытым. Эн наһаа хоргутума! Анараа дойду диэн баар ээ… Дууһа өлбөт ыйаахтаах. Антах да көрсүһүөхпүт. Мин эйигин кэтэһиэм.
— Суох!!! Манна олорбут олоҕуҥ кылгас! Төрүккүн-уускун салҕаабатыҥ. Онон, эн өлүө суохтааххын!!
— Эн инник диэмэ… дьылҕам оннук буоллаҕа… – диэн истэхпинэ кэргэним кутун-сүрүн туох үрүҥ быа тардан ылла уонна илэ олорор олоппоһун диэки куйаарта. Бу кэмҥэ киһим уһуктан кэллэ, сирэйэ-хараҕа ытаабыт, сүр баттаппыт көрүҥнээх. Мин, баҕар, аны субу сылдьарбын көрөн иэдэйиэ дии санаан, дьиэттэн тахсаары муннук диэки баран истэхпинэ, туох эрэ сүүнэ күүс дууһабын хоруоп диэки туһаайан күүстээхтик тыал курдук үрэн кэбистэ. Ол сүүнэ дьайыыга бас бэринэн, бэйэлээх бэйэм эппэр-сииммэр киирэн хааллым… тилинним, сүрэҕим өрө мөхсө түстэ… хараҕым ооккото арылынна. Маны барытын кэргэним барахсан туораттан көрө туран, уҥан таралыйан хаалла…
Дьэ, ити курдук Анараа дойдуттан бу сиргэ дьиибэтик төттөрү кэлээхтээбитим. Мин дьиктитик тиллибитим туһунан сурах чугас эргин дьону-сэргэни тилийэ көппүтэ. Ол эрэн, көлүөнэ солбуллан, дьыл-кэм ыраатан, ити түбэлтэм умнулла быһыытыйан, адьас даҕаны сымыйа-кырдьык икки ардынан номоххо кубулуйда… Миигин төттөрү ыыппыт ол Сырдык Күүстэргэ олус күүскэ махтанабын. Олохпун мээнэ олорботум, сэттэ оҕолонон, үгүс сиэннэнэн, бу аныгы сайдыылаах үйэни илэ харахпынан көрөр дьолго тигистэҕим…
Дьэ, бу курдук Татыйаас эмээхсин илэ-чахчы түбэспит дьикти түбэлтэтин түмүктээбитэ. Кини өссө даҕаны өлбөөрө илик хараҕынан түннүк нөҥүө күн саҕахха киирэрин одуулуу хаалбыта… Дьиэлээн иһэн тулабын чыҥха атыннык одуулаатым, барыта олус да кэрэ эбит ээ, халлаан үрдүгүөн, бэл салгын кытта чэбдигирэн тыынарга чэпчэкитиэн!..