Өлүү кэнниттэн олох эбэтэр атын эйгэ суола…

29.11.2016
Бөлөххө киир:

Өбүгэлэрбит былыр орто дойду олоҕуттан ураты атын тас эйгэ, өлүү кэнниттэн атын олох баарыгар бүк итэҕэйэллэрэ. Ол да иһин эргэ өтөхтөрү, киһи уҥуохтарын тумнар этилэрэ, сиргэ сылдьан улаханнык хаһыытыыры куруук бопсоллоро.  Өлүү кэнниттэн атын олох баарын дуу суоҕун дуу аан бастаан Раймонд Моуди чинчийбитэ. Кини 1976 сыллаахха «Жизнь после смерти» кинигэтэ бэчээттэммитэ. Онно сурулларынан, уопсайа кини чинчийиитинэн 150 киһи өлөн баран тиллибит. Кинилэр дьикти чуумпу уоскулаҥ, уһун хараҥа көрүдүөр устун айан, ыраахтан көстөр сырдык уот, биир кэм куугунуур тыас баарын кэпсииллэр эбит. Ол да иһин үгүс фантастика-киинэлэргэ уһун хараҥа көрүдүөр, тыас уонна өлбүт чугас дьонуҥ мөссүөннэрэ көстөллөр.

Өлөн баран тиллибит

90-с сыллар саҥаларыгар Уус-Алдан улууһугар өлөн баран тиллибит эмээхсин туһунан сурах бүтүн өрөспүүбүлүкэни тилийэ көппүтэ. Итинник дьулаан, киһини соһутар түбэлтэ чугас улууска тахсыбыта оччолорго олус кутталлаах этэ. Ол эрээри, үһү-тамах курдук хаалбыт сурах дьиҥ олоххо буолбутун мин Уус-Алдан улууһун олохтооҕуттан кэлин истибитим. Курбуһах нэһилиэгиттэн чугас Балаҕаннаах учаастагар 80-сылларга кырдьаҕас эмээхсин эмискэ өлбүт. Бокуонньугу көмөөрү сырыттахтарына, эмискэ  хоруопка сыппыт эмээхсиннэрэ тиллэн кэлбит. Итинник араас түбэлтэлэр саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия кыра дэриэбинэлэригэр эмиэ буолуталыыллар эбит этэ. Саха сирин уһук сиригэр биир ыаллар эбээлэрэ эмиэ итинник өлөн баран тиллэн кэлбит уонна: «Ол дойдуга эдэрдэри көрдүүллэр эбит, миигин аны 16 хонугунан кэлээр диэн баран төттөрү ыыттылар» диэбит. Оттон ол дойдуга биир хонуктара биһиги сылбытыгар тэҥнээх үһү.

Уһугулаан сытар үһүс харахтанар

 Олохтон бараары сылдьар киһи «күлүгүрэр», киниттэн киһи куттанар, этэ тардар буолар эбит. Ити баҕар биһиги иэйиэхсиппит өлөөрү сылдьар киһи аҥар атаҕынан анараа дойдуга үктэнэн турарыттан куттанар дьүһүнэ  эбитэ дуу. Уһуннук суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыт киһи өлүөн иннинэ үһүс харахтанар үһү. Этэргэ дылы, кини иннинэ эбэтэр кэнниттэн анараа дойдуга аттаныахтаах киһини билиэн сөп буолар эбит. Итини туоһулуур түгэннэр элбэхтэр. Эдэрчи дьахтар улаханнык ыалдьан уһугулаан сытан, кинини көрсө кэлбит аймахтарын кэннилэригэр оҕо сааһын доҕоро турарын бэлиэтии көрбүт. Ол уол тоҕо киирбэккэ аан таһыгар турбутун дьиибэргээн дьонуттан ыйыппыт. Онуоха, соһуйуохтарын иһин, дьиэ иһигэр ханнык даҕаны оҕо сааһын доҕоро суох эбит. Аҕыйах хонон баран, ол оҕо сааһын доҕоро оһолго былдьаммыт.

Түннүк сабыытыгар сөрүөстүбүт

Биир билэр киһим дьиктини кэпсээн турардаах. Андрей кэргэнин кытта утуйар хосторугар киирэн ороннорун оҥосто сылдьан көрбүттэрэ, арай хосторун түннүгүн уһун сабыытыгар киһи сөрүөстэн саһан турар эбит. Эр киһи уолуйан, ааммын хайдах аһаҕас хаалларбыт буоллахпыный диэн саныы охсубут. Онтон дьахтар куттанан эрин кэннигэр саспыт. Кимҥиний, таҕыс диэн эр киһи бардьыгынаабытыгар эмискэ: «Куттаныма, мин, мин» диэн Андрей бииргэ үөрэммит, көрсүбэтэҕэ түөрт сыл буолбут доҕорун Баанньыска куолаһа иһиллибит. «Баанньыска, эн дуо?» диэн баран эр киһи түннүк сабыытын саралыы тардыбыта, ким даҕаны суох үһү. Ити сарсыныгар Андрей бииргэ үөрэммит доҕоро Баанньыска ууга түһэн өлбүтүн туһунан куһаҕан сурах кэлбит.

«Ааспыт олохтон сурук»

 Биир билэр кыыспар итинник ааттаах сурук кэлэн соһуппута. Биһиги идэлээх киһиттэн сураспыппытыгар, атын эйгэни кытта чугасаһа сатаан итинник суруктары, уруһуйдары оҥорор киһи удьуорун ситимин быһар үһү. Ол да иһин өбүгэлэрбит бар дьоҥҥо харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, дьоҥҥо куһаҕаны санаабат, оҥорбот буолаллара. Аны өлбүт киһи туһунан хаһан даҕаны куһаҕаны саҥарбаттара. Биир эмит киһи толоостук тылластаҕына буойан, мөҕөн кэбиһэллэрэ. Ити аата сахалар өлүү кэнниттэн атын олох баарыгар итэҕэйэн, оннооҕор былыр өлбүт киһини маанытык таҥыннаран, туттар сэбин-сэбиргэлин биэрэн ыыталлар эбит. Ити туһунан былыргы саха үһүйээннэригэр үгүстүк суруллар. Чаҕар уолаттарын, хамначчыт кыргыттарын, миинэр миҥэтин илдьэ барбыт былыргы баттыгастаах баайдар тустарынан үһүйээннэр билиҥҥэ диэри элбэхтэр.

Баттаххын, тыҥыраххын сыттыктан

диэн былыргылар оҕолорун кыра саастарыттан иитэллэрэ. Киһи өлөн баран үс күн устата олорбут, сылдьыбыт сирдэрин барыларын кэрийэн кырыммыт баттаҕын, тыҥыраҕын көрдүүр эбит. Ол иһин былыргы сахалар анал мөһөөччүккэ барытын кичэллээхтик кистээн, өллөхтөрүнэ онтуларын сыттык оҥостон илдьэллэрэ үһү. Өлбүт киһи түүлгэр көстөн ону-маны ирдиир, көрдүүр буоллаҕына, ол эбэһээт толоруллуохтаах. Ити туһунан миэхэ эбэм кэпсээн турардаах. Мин ийэбинэн эбэм барахсан бу олохтон барбыта сыл аҥара буолан баран, эмискэ түүлбэр киирэн тоҥон ибигирии-ибигирии түүлээх былаатын көрдөөбүтэ. Онуоха эбэм былаата кимиэхэ баарын билбэт киһи, оччолорго 90-н сааһыгар чугаһаабыт аҕам өттүнэн эбэбэр тиийэ сылдьан түүлбүн кэпсээбитим. Онуоха эбэм ол былааты булгуччу эбэҥ уҥуоҕар булан тиэрдиҥ диэбитэ даҕаны, ол былаат кимиэхэ баара биллибэтэҕэ.

Кэритии ырыата

Ийэм оҕо сылдьан сайыҥҥы сөрүүн киэһэ арай дьиэтин таһыгар санньыар, курус ис хоһооно иһиллибэт дьикти ырыаны истибит. Ол кэмҥэ аҕата тахсан «Киир дьиэҕэ, тоҕо иһиллээн турдуҥ», –  диэн мөҕүттүбүт. Онто аҕыйах хонуктааҕыта өлбүт биир дойдулаахтарын кэритиитин ырыатын истибит буолуон сөп эбит. Ол да иһин, былыргы сахалар киһи өллөҕүнэ «дьааһык киэһэ» диэн улаханнык айдаарбат-куйдаарбат буолаллара. Оннооҕор маҥан таҥастарын кистээн, киэһэтин оҕолору таһырдьа таһаарбакка харыстыыллар эбит. Билигин ол сиэр-туом, итэҕэл кэһиллэн, ким да тугу даҕаны аанньа ахтыбат курдук буолла. Оттон көстүбэт тас эйгэ, өлүү кэнниттэн атын олох баарыгар дьиҥэ, үгүс киһи итэҕэйэр.

Атын олоххо биһиги түүлбүтүнэн тиийэбит. Киһи утуйа сытан дууһата атын дойдуга тиийэрин туһунан Розалия Бравина түүлдьүт кинигэтигэр суруйан турар. Сахалар наһаа түүллээх омуктар. Ардыгар сирэй түһээн туох буолуохтааҕын эрдэ билэр дьоҕурдаах дьон эмиэ баар. Ол аата киһи утуйа сыттаҕына, дууһата киэҥ сирдэринэн, ыырдарынан айанныыр эбит. Ол иһин түһээн баттаппыт киһини бэйэтин аатынан буолбакка, атын аатынан ыҥыран уһугуннараллар эбит. Дууһа кэрийэ сылдьан соһуйуон сөп диэн. Түбэһиэх сиргэ утуйан хаалбыт оҕону уһугуннаран эрэ баран  оронугар илдьэр буолуҥ дииллэр. Оҕо утуйбут сиригэр салгын кута кэлэр эбит. Уһугуннарбакка көтөҕөн илдьэн сытыардахха, салгын кута мунан хаалар үһү. Оннук оҕо куттаҕас уонна хоргус буола улаатар дииллэр. Оттон эн атын эйгэ, өлүү кэнниттэн олох бу биһиги аттыбытыгар баарыгар төһө итэҕэйэҕин?

Ульяна ЗАХАРОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1