Биһиги аҕабыт — Михаил Прокопьевич Ефимов (Батыйахан) 1918 сыллаахха Чурапчыга, Одьулуун нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1938 сыллаахха Чурапчы педучилищетын бүтэрэн учууталлаан барар.
1941 сыллаахха, Аҕа дойду сэриитэ саҕаланыан эрэ иннинэ, бастакы литературнай холонуутун оҥорор – “Өлүк таптала” сэһэнин суруйар. Ол оригинала латинскай алфавитынан суруллубутун оҕолоро дьиэ кэргэн архыыбыгар ытык-бэлиэ өйдөбүнньүк (реликвия) оҥостон билиҥҥэ диэри ууран сытыарабыт. Бу сэһэн хомойуох иһин, суруллубутун кэннэ үйэ аҥара ааспытын эрэ кэннэ, 1992 сыллаахха “Аргыс” сурунаалга бэчээттэммитэ.
Автор ону маннык быһаарбыттаах: “Аҕам кэпсиир былыргы сэһэннэриттэн дьиксинэ, тымныырҕата истибит өттүбүттэн былыргы кут-сүр туһунан үһүйээни Алаҕар 7 кылаастаах оскуолатыгар завучтуур кэммэр суруйбутум”. Оччолорго автор 23 саастаах этэ.
Үйэ аҥаара ааспытын эрэ кэннэ айымньыта күн сирин көрбүтүгэр Михаил Прокопьевич улаханнык үөрэн, сааһырбыт киһи, “сир түннүгэ”, “бүөм бөлүһүөк” буолбут кэмин үрдүттэн саҥалыы көрөн сыаналаабыта: “Өлүк таптала” үһүйээн оҕолорго эрэ кэпсэнэр остуоруйа буоларын ааһан эдэр көлүөнэни иитэр, улахан дьон умнан эрэр сиэрдэрин-туомнарын, кырдьаҕастарга сир-халлаан түннүгүн аһар, умнуллубат, киһи-аймаҕы өрүһүйэр, өлөн эрэри тилиннэрэр күүстээх эбит диэн санаанан уһугуннум. Үөрүүм онно”.
“Мин үһүйээммин: “үөһэттэн өҥөйөллөр, аллараттан аргыйаллар, ол эбэтэр абааһыта-сибиэнэ элбэҕэ бэрт уонна билигин үһүйээни үөдүтэр кэм буолбатах” диэн эрдэ таһаарбатахтара. Ону баара, сөрү-сөп кэмҥэ сөргүтүстүлэр”, — диэн 1993 сыллаахха суруйбуттаах.
Үһүйээннэр, номохтор суолталарын туһунан дневнигэр кини маннык бэлиэтээбиттээх: “Эпосы, легенды народов, как общечеловеческие ценности являются старейшими источниками мудрости, только надо суметь расшифровать и донести до сведения подрастающего поколения”. “Өлүк таптала” — саха тапталын сүдү күүһүн иҥэриммит үһүйээн-бу киһи-аймах сыаннаһа… дууһа кыланыыта. Бу саха өлбөт-сүппэт кутун-сүрүн дьүһүйүүтэ, өлбөт үйэлэниитэ буолар”.
М.П. Ефимов сахалар былыргы үһүйээннэрэ олоххо курдук дириҥ ис номохтоох, философскай көрүүлээх, күүстээх тылынан-өһүнэн былыргы гректэр эпостарыгар майгынныылларын мэлдьи тоһоҕолоон бэлиэтиирэ. Кини Улуу Сэрии уоттаах сылларыгар, 1942-44 сс., 20-с Оһуобай хайыһар биригээдэтигэр разведротаҕа сылдьан ыараханнык бааһыран, дойдутугар эргиллибитэ. Чурапчы, Таатта оскуолаларыгар үлэлээн, сир аайы музейдары тэрийиинэн дьарыктанан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылан, сырата сыаналанан, Республика культуратын үтүөлээх үлэһитин аатын ылбыта, олоҕун бүтүннүүтүн педагогическай үлэҕэ анаабыта.
Кини биир саамай дьикти дьарыгынан-адьас эдэриттэн олоҕун тиһэх күннэригэр диэри, 15 сааһыттан 85-гэр диэри, ол эбэтэр 70 сыл устата күн ахсын дневниктэри суруйбута буолар. Бу көннөрү хроника буолбатах — манна булаҕын киһи өйө-санаата сайдыытын, философскай ырытыылары, педагогическай сыанабыллары.
Михаил Прокопьевич кэргэнэ Елизавета Алексеевналыын 8 оҕону улаатыннаран, үтүө үлэһит оҥортообут, 50 сыл бииргэ олорбут дьоллоох олохтоох кэргэнниилэр этилэрэ.
Алексей Ефимов — уола,
Российскай Федерация үтүөлээх юриһа.
«Өлүк таптала» сэһэни манна аах.