Өрүскэ кэлбит «хара» уу түһэн, Аанньаах хочотун олохтоохторо маассабай оттооһуну саҥа саҕалаатылар. Улууска саамай элбэх сүөһүлээх «Кладовая Олекмы» ХЭТ биригээдэлэрэ уонна Кээччи, Иккис Нөөрүктээйи нэһилиэктэрин хаһаайыстыбалара Ой, Намтаҕай арыыларыгар оттуу киирдилэр.
Edersaas ru
Уу ылбат сиригэр, үрдүк сыһыыларга сирдээхтэр хотуурдарын тыаһаппыттара балачча буолла. Бастакы Нөөрүктээйи олохтооҕо, улуус хаһыатын уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Александр Филиппов ыал буолбут оҕолорун кытары кыттыһан оттуур. Үүнүү үчүгэй, кыстыыр оппутун, 15 туоннаны, хааччыныахпыт, билигин Дириҥ быһыкка оттуу сылдьабыт, бу сирбитин бүтэрдэхпитинэ, ыраах учаастакка барыахпыт диир. Элбэх сүөһүлээх ыаллар уонна «Борисов» бааһынай хаһаайыстыба отчуттара Улахан уонна Аччыгый Харыйалаах арыыларыгар оттууллар. Үүнүү үчүгэй, от киһини курданарынан диэн үөрэллэр, кыһыны талбаата суох туоруур отторун сомсорго эрэллээхтэр.
Солянка нэһилиэгэр «Ощепкова» уонна «Корягина» бааһынай хаһаайыстыбалар эрэ арыый элбэх сүөһүлээхтэр, атын ыаллар иккилии-үстүү ынахтаахтар. Бары дэриэбинэттэн чугас, түөрт биэрэстэлээх хочоҕо оттууллар. Якушковтар биэс гектардаах ходуһаларыгар аймахтарын Гомзяковтары, Смогайловтары, Кисанаевтары, Брюхановтары улуус кииниттэн, Дьокуускайтан тиийэ түмэн оттуур, уонтан тахса оту кэбиһэр идэлээхтэр. Аймахтар дойдуларын көй салгыныгар сылдьан, окко көмөлөһөллөрүн уонна сир астыылларын олус сөбүлүүллэр, сыллата кэлэ тураллар.
– Үүнүү үчүгэй эрээри, халлааммыт сүгүн оттотумаары гынна, – диир хаһаайыстыба баһылыга Артур Олегович. – Ардах күн аайы кэриэтэ түһэр, инньэ гынан оппут иккис суортаах эрэ буолсу. Билиҥҥитэ үс оту кэбистибит. Бу бүгүн сиикэрэ ардахтаах буолан оҕобун Кешаны уонна аҕабын Олег Никитовиһы кытары сарсыардаттан күрүө тутуутугар үлэлээтибит, эргэ бүтэй маһын хомуйдубут. Таайым Дмитрий Смогайлов «Бөлөрүүс» тыраахтарынан оҕустара сылдьар.
Якушковтартан чугас Габышевтар, Сидоровтар, Лепчиковтар уонна Федоровтар оттууллар. Нэһилиэк хаһаайыстыбалара холбоон 150 туонна оту оттуур былааннаахтарыттан, күн бүгүҥҥү туругунан, 50 туонна оту кэбистилэр.
Кураан күннэр туран биэрдэллэр, Солянка эрэ буолуо дуо, Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторо бары айылҕа биэрбит күөх быйаҥын сыа-сым курдук оттуо этилэр.
Валерий МАЛЫШЕВ, Өлүөхүмэ. “Саха сирэ” хаһыат, Edersaas ru. сайтка анаан
Солянка отчута Артур Якушков