Өлүөхүмэ волейболга хамаандата (эр дьон) полуфиналга таҕыста
Волейболга эр дьон хамаандалара полуфиналга киирсиилэрэ бэрт уһун сындааһыны, дьулууру ирдээтэ.
Өлүөхүмэ уонна Амма уолаттарыгар биэс түһүмэхтээх көрсүһүү буолла. Бастакы түһүмэҕи өлүөхүмэлэр эрэллээхтик 25:18 ахсаанынан кыайбыттара. Иккис түһүмэххэ аммалар күүстэрин түмэн 25:22 ахсаанынан кыайан, тэҥнэспиттэрэ. Үһүс түһүмэххэ аммалар лаппа сылайбыттара, онон өлүөхүмэлэр бэрт улахан арыттаах, 25-10 ахсаанынан түһүмэҕи түмүктээбиттэрэ. Оттон кыайыы туһугар Амма хамаандата күүһүн ылынан, эрчимирэн эмиэ 25:22 ахсанынан төрдүс түһүмэҕи ылан оонньуу уопсай очукуотун 2:2 оҥорбута. Маннык түҥэҥҥэ волейболга бэһис түһүмэх ыытыллар, ахсаан 15 очукуоҕа диэри ааҕыллар.
Амма ыалдьааччыларын хомолтолоругар, уолаттара бу сырыыга түһүмэҕи мөлтөхтүк саҕалаатылар уонна наар эккирэтэр аакка сырыттылар. Түһүмэх түмүгэ – 15:9, оонньуу уопсай ахсаана 3:2 – Өлүөхүмэ хамаандатын туһатыгар. Ити курдук Өлүөхүмэ волейболга хамаандата (эр дьон) бастакынан полуфиналга таҕыста.