Өлүөхүмэ урбаанньыта Жанна Желлаева мааска тигэр

Ааптар: 
19.03.2020
Бөлөххө киир:

Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин Даппарай сэлиэнньэтин олохтооҕо, урбаанньыт Жанна Желлаева үһүс күнүн улуус олохтоохторугар анаан мааска тигэн эрэр.

edersaas.ru

Сарсыарда урбаанньыты бэйэтин кытта кэпсэтэ сырыттым. “Улуустааҕы балыыһаҕа үлэлиир билэр бырааспыттан ыйыталаспыппар, чахчы, улууска ханна даҕаны мааска суох диэн хоруйдаабыта. Ол иһин, иистэнньэҥнэрбин кытта сүбэлэһэн баран, иллэрээ күнтэн мааска тигэн саҕалаатыбыт. Бэҕэһээ Өлүөхүмэ куораттан 30 устууканы сакаастаабыттарын тигэн ыыттыбыт. Хаачыстыбалаах, халыҥ сиитэһи икки хос туттубут, эрэһиинэтин оннугар синньигэс лиэнтэни (тесьма) туһанныбыт. Бэйэбит кэтэн көрдөхпүтүнэ, үчүгэй курдук. Ол эрээри, салгыы маарыланы хас даҕаны хос тутан тигэргэ быһаарынныбыт”, — диэн этэр.

Кыыллаах нэһилиэгиттэн биэстии эҥин устууканан сакаас киирэн эрэр диир. Жанна Романовнаны бэйэтин кытта өссө икки иистэнньэҥ тигэр. Онон күҥҥэ хас биирдиибит сүүстүү маасканы тигиэхпитин сөп диэн иһитиннэрэр. “Билиҥҥи балаһыанньаны көрөн туран, үбү баһан ылар курдук санаабаппыт. Кыра да буоллар, дьону ыарыыттан көмүскүүр санаа баар. Дэриэбинэҕэ үлэтэ суох дьон да бааллар, хамнас да кыра, онон мааскабытын 30 солкуобайга сыаналаатыбыт. Хаһаайыстыбаннай мыыланан сууйан, өтүүктээн хас да төгүл туттуохха сөп”, — диэн ыал ийэтэ, эбээтэ Жанна Желлаева санаатын үллэстэр.

Күн бүгүн, Өлүөхүмэ улууһугар атын мааска тигэн эрэр дьон иһиллэ илик. Ол эрээри, бүгүн батсаабынан атын улуус оскуолаларын үлэһиттэрэ тигэн эрэллэр диэн суруйаллар, биһиги улууспут дьоно көхтөөхтөр, сыыйа-баайа ылсаллара буолуо диэн санаатын биллэрэр.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0